Салгыы
Үс куппут чөл буоллаҕына, сахалыы сүрбүт күүстээх буолуо

Үс куппут чөл буоллаҕына, сахалыы сүрбүт күүстээх буолуо

Ааптар:
06.10.2022, 15:29
Бөлөххө киир:

Саха оскуолаларын саҥалыы сайыннарар кэнсиэпсийэ ылыллыаҕыттан “чөл кут”, “чөл турук”, “кут-сүр” туһунан элбэхтик этилиннэ, суруллунна. Бу кэнсиэпсийэ, биллэн турар, саха омук омук быһыытынан уратытын билиниитигэр, салгыы сайдарыгар олус улахан суолталаах олугу уурбута. Сахалыы тыыммыт уһуктубута, саха буоларбытынан киэн туттуу үөскээбитэ. Ол эрээри кэнсиэпсийэ сүрүн соруга олохпут бары эйгэтигэр билигин даҕаны ситэ иҥмэккэ, киирбэккэ турар. Ол да иһин “чөл кут”, “чөл турук”, “үс кут” суолталарын тиһэҕэр тиийэ өйдүү иликпит. Кэлиҥҥи сылларга сахабыт тылын туруга, сахалыы тыыммыт тупсуон кэриэтин таҥнары түһэр түгэнэ, хомойуох иһин, элбээн иһэр. Бу төрүөтэ туохха сытарый? Ол туһунан кэпсэтиһии, санаа атастаһыы, суруйуу эмиэ элбэх.

Киһи үс куттаах диэн бары билэбит

Мин санаабар, биһиги куппутугар сөптөөх болҕомто уурбаппытыгар сытар. Киһи үс куттаах диэн бары билэбит, ол эрээри үгүспүт ону күдээринэ эрэ истэр курдук. Киһи үс кута: буор кута, салгын кута, ийэ кута тэҥинэн чөл туруктаах буоллаҕына эрэ, киһи бүтүннүү чөл буоларын ситэ өйдөөбөт эбиппит. Холобур, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа ордук болҕомто салгын кукка ууруллар. Оҕобут тоҥ өйүн эрэ сайыннара сатыыбыт: ону билиэхтээх, маны үөрэтиэхтээх уонна ол ылбыт билиитин тургутартан соло буолбаппыт. Араас таһымнаах бэрэбиэркэлиир, хонтуруоллуур үлэ, тургутуу, эксээмэн…

Буор куппутугар (эппитигэр-сииммитигэр) син, кыралаан да буоллар, болҕомто уурар буоллубут. Оҕо күннээҕи аһыыр аһын көрүү, этин-сиинин эрчийии уһуйааҥҥа да, оскуолаҕа да ирдэнэр, араас бырагыраамалар оҥоһуллаллар.

Ийэ куппут туругун ким эмэ кэтээн көрөр дуо?

Оттон ийэ куппут туругун ким эмэ кэтээн көрөр дуо? Суоҕун кэриэтэ. Оскуолаҕа уйулҕа үлэһиттэрэ бааллар, бу олус туһалаах. Ол эрээри хас биирдии оҕо ис кутун туругун аҥаардас бу биир үлэһит кыайан кэтээн көрөр кыаҕа суох. Ийэ кут чөл эрэ буоллаҕына, киһи олоҕун суолун сөпкө тобулар кыахтаах. Ийэ кут, бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр. Оҕо биэс сааһыгар диэри ону-маны билиэн-көрүөн баҕата күүстээх, истибитин кэбэҕэстик ылынар, майгыта-сигилитэ олоҕурар диэн бары да билэбит. Бу кэми куоттарбакка төрөппүт оҕотун батыһыннара сылдьан, тулалыыр эйгэни кытта билиһиннэрэрэ, кэпсии-кэпсэтэ үөрэтэрэ тоҕоостоох. Оттон билиҥҥи төрөппүт оҕотун кэпсэтэ үөрэтиэхтээхтээҕэр, бэйэтэ да оҕотун кытта сатаан кэпсэппэт түгэнэ баар суол. Ол курдук төрөппүтүн кытта сатаан кэпсэтэ үөрэммэтэх оҕо салгыы уһуйааҥҥа, оскуолаҕа киирэн, оҕолору кытта сатаан бодоруспакка, араас уустуктары көрсүөн сөп. Уйулҕа үөрэхтээхтэрин кэтээн көрүүлэринэн: төрөппүт оҕотун кытта “Аһаатыҥ дуо?”, “Тугу кэттиҥ, таҥнар таҥаскын көрүннүҥ дуо?”, “Инники идэҕин толкуйдаа” эрэ диэн кэпсэтиинэн уонна “Уруоккун аах”, “Үчүгэйдик үөрэн”, “Ону гын, маны гыныма” диэн ыйыынан-кэрдиинэн муҥурданар. Оҕо күннээҕи олоҕор тугу билбитин-көрбүтүн, туохтан үөрбүтүн-хомойбутун, тугу соһуйа-дьиктиргии, үөрэ-долгуйа истибин сэҥээрии, кинини кытта санаа атастаһыы, оҕо тус иэйиитин болҕойуу, сүбэ биэрии, быһаарыы суох. Сорох төрөппүт күдээринэ “Ээ сөп” эрэ диэн истиэ, сорох төрөппүт оҕотун ситэ истибэккэ “Чэ бар, уруоккун аах” диэҕэ. Ол да иһин оҕо тус бэйтин баҕатын билбэт, санаатын сатаан сайа эппэт буола улаатар. Бу түгэҥҥэ кини ийэ кутун туруга мөлтүүр, эчэйэр. Маннык киһини үс кута бөҕө, бэйэтин чөл туруктаах диир кыахпыт суох буолар.

Оҕо ийэ кутун туруга мөлтөөбүтэ, эчэйбитэ араастаан көстүөн сөп: туохха да интэриэһэ суох, тугу да гыныан баҕарбат, үөрэҕин кыайбат, сүрэҕэлдьиир курдук эбэтэр төттөрүтүн наар аах да аах, суоттаа да суоттаа, үөрэнэртэн атыны сатаабат буолар. Дьиҥэр, ханнык баҕарар оҕо оскуола бырагырааматын кыайар, ситиһэр кыахтаах, үөрэхтэн атын интэриэстээх, дьарыктаах буолуохтаах.

Аҥаардас үөрэхтэрин эрэ өрө тутар оҕолор бааллар

Аҥаардас үөрэхтэрин эрэ өрө тутар оҕолор бааллар. Өмөс көрдөххө, бу олус үчүгэй. Ол эрээри сыныйан көрдөххө, бу сөптөөх суол буолбатах. Маннык улааппыт оҕо билиитэ-көрүүтэ элбэх буолар. Холобур, оҕо оскуоланы бүтэрэригэр БКЭ (ЕГЭ) туттарар, бу эксээмэнигэр бэлэмнэнии үлэ, эбии дьарык, тургутуу бөҕө ааһар. Бэйэтин оскуолатыгар  БКЭ-ҕэ бэлэмнэнии тургутугу өрүү сүрдээх үрдүк баалга туттарар. Онтон дьиҥнээх БКЭ туттара атын оскуолаҕа барар, дьэ, манна бу оҕо кута, атын сири, атын учууталлары көрөн атыҥыраан, бэйэтэ салыбыраан куттанан барар, бэл, билэрин да билбэт буолар, үөрэппитин таһыччы умнан кэбиһэр. Манна ийэ кут эчэйиитэ көстөр.

Эбэтэр үөрэҕи кэбэҕэстик ылынар сорох оҕо сүрдээх элбэх араас таһымнаах олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттар буолан, БКЭ-тин да үрдүк баалга туттарар. Салгыы киин куораттарга үөрэххэ киирэн үөрэнэ барар. Ол эрээри бодоруһар дьоҕура ситэ сайдыбытах буоллаҕына, салгыы сатаан үөрэнэр кыаҕа суох буолан, төннөн кэлэр. Бу эмиэ ийэ кут эчэйиитин түмүгэ.

Туомтуу баайдахха 

Онон, оҕону кытта кыра эрдэҕиттэн кэпсэтэ, бодоруһа, бэйэтин туругун билинэ, иһиллэнэ үөрэттэххэ-ииттэххэ эрэ оҕо ис туругун сатаан кэтэнэр, салайынар буола улаатар. Киһи ийэ кутун иһиллэнэ сылдьыахтаах, сарсыарда уһуктаат, киэһэ утуйаары сытан эбэтэр тугу эмэ айан дьарыгырар кэмҥэр. Уруһуйдаан, иистэнэн, уһанан киһи ийэ кутун бөҕөргөтөр, бу кэмҥэ дьиҥ баҕаҥ биллэр. Киһи тус баҕатын бэйэтэ эрэ өйдүүр кыахтаах, атын ким да сэрэйэр кыаҕа суох. Ол баҕатын билинэн, сөптөөхтүк өйдөөн, олоҕун суолун салайыныахтаах. Киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ол иһин ийэ куппутугар болҕомто уура үөрэнэрбит тоҕоостоох.

Бүгүн, сүрдээх долгутуулаах кэм тирээн кэлбитигэр, хаһааҥҥатааҕар даҕаны чөл туруктаах буоларбыт ирдэнэр. Үс куппут чөл буоллаҕына, сахалыы сүрбүт күүстээх буолуо, араас хоп-сип тылга бэриниэ суохпут, бэйэбитигэр да, сарсыҥҥы да күҥҥэ эрэллээх буолуо этибит.

Хаартыска — СИА.

Ульяна Заболоцкая, Саха политехническэй лиссиэйин

саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: