Ыстараап улаатта дуо?

Ыстараап улаатта дуо?

10.09.2022, 18:03
Бөлөххө киир:

Ыстараап улаатта дуо?

— Сэрэйдэххэ, булт быраабылатын кэһиигэ ыстараап улаатта аҕай буолуо.

Слепцовтар, Орто Халыма.

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Булт департаменын салайааччытын солбуйааччы Анатолий Попов маннык хоруйдаата:

— Бобуу-хааччах туһунан эттэххэ, бултуурга кыыл-сүөл саҥатын үтүктэр электроннай тэриллэри туһаныы көҥүллэммэт. Ону сэргэ сырдатар тэриллэри, тепловизордары, хараҥаҕа көрөрөгө сөптөөх прибордары эмиэ. Булчуттар көтөр аппарааттары (дроннары) туһаныа суохтаахтар. Тырааныспарга олоро сылдьан бултааһын бобуулаах, ол курдук, мотуордаах оҥочоттон, массыынаттан, бөртөлүөттэн бултуур табыллыбат.

Бултааһын быраабылатын кэһии иһин 500 солкуобайтан 4000 солк. диэри ыстараап түһэриллэр уонна бултуур тэрил былдьанар. Бултааһын бобуулаах ньымаларын туһаннахха уонна бобуулаах кэмҥэ бултаатахха бултуур быраап 1 сылтан 2 сылга диэри болдьоххо быһыллар. Оттон быраабыланы сыл устата хаттаан кэстэххэ, бултуур тэрили былдьатан туран, 4-тэн 5 тыһыынча солкуобайга диэри ыстараап түһэриллэр биитэр 1-тэн 3 сылга диэри бултуур быраапкыт тохтуур. Көҥүлэ суох бултаан, булт баайыгар улахан хоромньуну таһаарбыт уонна Кыһыл Кинигэҕэ киирбит кыылы, көтөрү бултаабыт киһи холуобунай эппиэтинэскэ тардылларын туһунан сэрэтэбит. Онон быраабыланы кэһимэҥ!

Чаһы тоҕо үлэлээбэтий?

— Балаҕан ыйын 7 күнүгэр “Бииргэ быһаарабыт”(“Решаем вместе”_ сыһыарыы нөҥүө Дьокуускай к. Ларионов уулусса 2 №-дээх дьиэтигэр турар чаһы үлэлээбэт диэн суруйбутум. Бу туруорсуум ол күн Дьокуускай к. уокуругун дьаһалтатыгар тиийбит. Онтон салгыы Губинскай уокурукка ыыппыттар. Уокуруктар “Универсал” салайар хампаанньаҕа сурукпун  утаарбыттар.

А.Платонова.

Хаһыаппыт ааҕааччытыгар онуоха маннык ис хоһоонноох хоруй “Губинскай уокурук управата” муниципальнай хааһына тэрилтэтиттэн кэлбит:

—  Эн 484 №-дээх-ОГ/Губин 2022 с. балаҕан ыйын 08 күнүнээҕи ыйытыыгар Дьокуускай куораттааҕы “Губинскай уокурук управата” муниципальнай хааһына тэрилтэтэ  “Универсал” салайар хампаанньа хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ аадырыһыгар бу дьыл балаҕан ыйын 12 күнүнээҕи 1206/губин №-дээх киирбит сэмэни туоратар туһунан суругу ыыппыппыт. Маныаха Ларионов уулусса 2 №-дээх элбэх кыбартыыралаах дьиэтин тас өттүгэр ыйанан турар чаһы алдьаммыт уонна кыайан оҥоһуллубат диэн салайар хампаанньа балаҕан ыйын 13 күнүгэр хоруйдаата.

Ханна оҥотторуохха сөбүй?

— Электроннай илии баттааһыны ханна оҥотторуохха сөбүй?

Павлов Н.

Нолуок федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи салалтатын судаарыстыбаннай өҥөлөргө отделын сүрүн иниспиэктэрэ Елена Слепцова маннык эппиэттээтэ:

—  Электроннай илии баттааһын сэртипикээтин Нолуок федеральнай сулууспатыттан ылыахха сөп.  2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн юридическай тэрилтэлэр салайааччылара, урбаанньыттар уонна нотариустар Арассыыйа Нолуокка федеральнай сулууспатын туоһулуур кииниттэн электроннай илии баттааһыны босхо ылаллар.

Квалифицированнай электроннай илии баттааһыны (КЭП) нолуогу төлөөччүлэр пааспардарын уонна СНИЛС докумуоннарын  көрдөрөн баран, эрдэттэн суруйтарыыта суох, ылыахтарын сөп.  КЭП оҥорон таһаарыыга USB  A тииптээх анал флешканы аҕалыахтаахтар, холобура, Рутокен ЭЦП 2.0, Рутокен S, JaCarta ГОСТ, ESMART Token ГОСТ.

“Электроннай илии баттааһын туһунан” 2011 с. муус устар 06 күнүнээҕи 63 №-дээх-ФС  олоҕуран, Арассыыйа Нолуокка ФС УЦ биэрэр сиргэ  КЭП аан бастаан ыларыгар бэйэтэ баар буолуохтаах (Арассыыйа Нолуокка ФС үлэтин толорор ханнык баҕарар нолуок уорганыгар).

Саха сиригэр КЭП биэрэр 8 туочука  баар:

— 678900, Алдан улууһа, Алдан к.,Дзержинскэй  уул,21, б;

— 678144, Ленскэй улууһа, Ленскэй к.,,Ленин уул, 56;

— 678070, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Майа с, Майинскай уул, 2;

— 678450, Ньурба улууһа, Ньурба к.,Энергетик кыб-л, 67;

— 678720, Томпо улууһа, Хаандыга бөһ. Геологтар уул, 2,А;

— 678170, Мииринэй оройуона, Мииринэй к., Солдатов уул,19;

— 678965, Нерюнгри к., Геологтар пр-кт, 77, 2

— 677000,Саха (Якутия) Дьокуускай к., 202 мкр, корп.23.

Үп хайдах көрүллэрий?

— Улуус иһигэр оту тиэйиигэ үп хайдах көрүллэрий?

Дьааҥы олохтооҕо.

СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Үүнээйигэ,  мелиорацияҕа, материальнай-тэхиньиичэскэй хааччыйыыга уонна мобилизацияҕа бэлэмнээһиҥҥэ департаменын салайааччыта Вячеслав Гаврильев маннык хоруйу ыытта:

— Улуус иһигэр оту тиэйиигэ 2019 с. от ыйын 15 күнүгэр тахсыбыт 190 №-дээх уураахха олоҕуран үп-харчы көрүллэр. Бу уураахха олоҕуран улуус баһылыга СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сайабылыанньа түһэрэр. Ол сайабылыанньаны туһааннаах министиэристибэ От штаба көрөр уонна уураах таһаарар. Ити уураахха олоҕуран өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын уурааҕа  ылыллар. Дьэ, ити кэнниттэн улууһу кытта СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сөбүлэһии түһэрсэр. Ол аата оту тиэйиигэ харчы улууска түһэр. Онтон улуус дьаһалтата улууһугар субсидияны таһаарар. Маныаха тиэйиигэ тарыып баар. Ол тарыыбынан субсидия кээмэйэ суоттанар. Үбүлээһин 2023 сылга көрүллүөн сөп.

Хаартыска: Интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: