Үс оҕолоох аҕалары хомууртан тохтотуохтара

Share

Үс уонна онтон элбэх оҕолоох аҕалары хомууртан тохтотор (отсрочка) буоллулар. Маны Судаарыстыбаннай Дуума оборонаҕа кэмитиэтэ бигэргэппит.  Быһаарыы ылаары Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласованы кытта сибээстэһэ сырыттыбыт.

Дьокутаат иһитиннэрэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ быйылгы сыл бэс ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 33 342 элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баарыттан үксэ тыа сиригэр олорор эбит.

— Быстах хомуур барыбытын долгутта. Бастакы бирикээһинэн түөртэн элбэх оҕолоох аҕалар хомуурга ыҥырыллыыларын уһатан биэрбиттэрэ (отсрочка). Аҕыйах хонуктааҕыта, алтынньы 4 күнүгэр РФ Оборонаҕа министиэристибэтин саҥа бэрээдэгэ тахсыбыт. Бу сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ (СМИ) тоҕо улаханнык тарҕаммата диир буоллахха, бүгүн “Парламентская газета” саайтыгар Судаарыстыбаннай Дуума оборонаҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Картаполов биэрбит интерьвютугар, РФ Оборонаҕа министиэристибэтин бэрээдэгэ тэрилтэ иһинээҕи туһаныыга (для служебного пользования) оҥоһуллубутунан, киэҥник сырдатыллыбата диэн быһаарар.

Саҥа бэрээдэгинэн, 16 диэри саастаах үс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата буоллаҕына быстах хомууртан тохтотуллан эрэр (отсрочка).

Кэмитиэппит элбэх оҕолоох ыалга улахан болҕомтону уурарын быһыытынан, ити сонуну истэн үөрдүбүт. Тоҕо диэтэххэ, Саха сиригэр үстэн элбэх оҕолоох ыал аҕата элбэх. Бэйэҕит билэргит курдук, 2019 сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыал балаһыанньатын (статус) сокуонун ылынан баран, туһааннаах дастабырыанньаҕа ийэ аатын сэргэ аҕа аатын эмиэ киллэрэри ситиспиппит. Аҕа аата-суола хаһан баҕарар үрдүктүк тутуллуохтаах. Саха норуотугар уруккуттан даҕаны ол курдук этэ. Аны элбэх оҕолооҕунан хастан элбэх оҕолоох ыал бигэргэнэрэ Арассыыйа үрдунэн араас. Холобур, биһиэхэ сокуон ылыллыаҕыттан Саха сиригэр элбэх оҕолооҕунан 23-гэр диэри саастаах күнүскү көрүҥҥэ (очно) үөрэнэр уонна аармыйаҕа сулууспалыыр оҕолоох ыал хапсар. Атын эрэгийиэннэргэ — араас. Онон, өссө биирдэ чопчулаан этэбин, дьону бутуйбат туһугар, күн бүгүн РФ Оборонаҕа министиэристибэтин бэрээдэгинэн, 16 диэри саастаах үс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата быстах хомуурга ыҥырыллыыттан тохтотуллан эрэр (отсрочка), — диэн быһаарда.

Дьокутаат Саха сиригэр үстэн элбэх оҕолоох хомуурга хабыллыбыт аҕаларбытын төнүннэриэх тустаахтар, ол өттүгэр үлэ барыахтаах диэн тус санаатын этэр.

Манна даҕатан эттэххэ, күн бүгүн Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара сокуоҥҥа уларытыылары киллэртэрэн, үстэн элбэх оҕолоох аҕалары быстах хомууртан тохтотон эрэр туһунан туруорса сылдьаллар, дьиэ кэргэн туһатыгар буолуо диэн эрэнэбит.

Бу боппуруос туһунан эрдэ суруйан турабыт (Үс оҕолоох аҕалары быстах хомууртан босхолуохтара дуо?)

 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Оҕолор Чокуурдаахха сырыттылар

Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан Аллайыаха улууһугар элбэх үлэ ыытылла…

41 минута ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Ыраастаныы

Ыраастаныы киһи киртийдэҕинэ оҥоһуллар. Киһиэхэ кир тастан киирэр. Ким эрэ куһаҕаны эппитэ, күннээҕи олоххо туох…

1 час ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Күндээдэ эбээлэрэ уһуйааҥҥа ыалдьыттаатылар

Өрөспүүбүлүкэ күнүн бары улуустарга өрө көтөҕүллэн туран, бу күннэргэ араас дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыыттылар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин олохтооҕо «Будущее» уопсастыбаннай бириэмийэ лауреата буолла

Москваҕа муус устар 27 күнүгэр "Центр духовно-нравственное единение "Будущее" НКО уопсастыбаннай бириэмийэтин туттарыы сиэрэ-туома ыытылынна.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Алдан дэлэгээссийэтэ Чөркөөххө кэлэн уопут атастаста

Бу күннэргэ Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгин дэлэгээссийэтэ Чөркөөххө кэлэн кыраайы үөрэтээччи  Гаврил Вырдылинтан нэһилиэк…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элбэх оҕолоох ыалларга өйөбүл туһунан

Саха сирин Ил Дархана элбэх оҕолоох ыаллары социальнай өттүнэн өйүүр эбии миэрэлэр тустарынан ыйаахха илии…

3 часа ago