Ыттары маассабай өлөрүү саҕаланна дуо?

Share

Алтынньы саҥата Дьокуускай куорат олохтооҕо, кыыллары көмүскүүр Злата Сычева социальнай ситим инстаграм сирэйигэр промышленнай уокурукка ыттары маассабайдык өлөрөн эрэллэр диэн айманан суруйбута.

Бүгүн, алтынньы 17  күнүгэр, Дьокуускайга ДСК оройуонугар моойторуктаах ыт өлүгүн социальнай ситимҥэ таһаарбыттар. Массыынанан тиэллэ сылдьан дротигынан ытан ыттары өлөртүүллэр диэн уорбалаабыттар, сурахха сигэммиттэр. Кыыллары, чуолаан ыттары көмүскүүр Злата Сычеваҕа сибээскэ таҕыстым. Таарыйа оҕо күүтэр ыт көрүүтэ-истиитэ суох мин оройуоммар сылдьарын эмиэ эттим.
Злата Сычева:
Ыттары өлөрүү биирдиилээн түгэннэрэ тахсыталаабыта. Даача сезона бүтэн, дьон эмиэ ытынан ыскайданан эрдэҕэ. Биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа эрийэн ханнык оройуоҥҥа бэйдиэ ыттар сылдьалларын туһунан сайаапката түһэриҥ. Ыты моойторуктаах, моойторуга суох диэн араарбакка тутан илдьиэхтээхтэр. Куһаҕан хаһаайынтан сылтаан ыт бэйдиэ барара иэдээҥҥэ тиэрдэр. Оттон төрөөрү сылдьар ийэ ыт туһунан эттэххэ, суһаллык сайаапката түһэриҥ. Кэлэн тутуохтаахтар уонна ыраастаан, чииптээн баран ыты быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа көрүөхтээхтэр.
Биир кэлим диспетчерскэй сулууспа нүөмэрэ 44-42-29

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

12 часов ago