Салгыы
“Ытыалаһыы буола турдаҕына…”

“Ытыалаһыы буола турдаҕына…”

Ааптар:
22.07.2022, 10:50
Бөлөххө киир:

//СИА суруналыыһа Донбаас туһунан

“Үгүспүт бу тутан олорорбутун сыаналаабат, улахаҥҥа уурбат эбиппит. Амвросиевка, Волноваха, Донецкай, Кировскай куораттар уулуссаларынан хаама сылдьан олохпун киинэ лиэнтэтин курдук эргитэн көрбүтүм, биһиги бу маннык урусхалланыыны эрэ билбэтэрбит ханнык диэн уоһум иһигэр оргууй сибигинэйэн ылбытым”, — диэн этэр кэпсэтиибит кэмигэр Николай Борисов, Саха информационнай ааҕыныстыба анал суруналыыһа. Кини муус устарга уонна бэс ыйыгар Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар Саха сирин дэлэгээссийэтин кытары барсан кэлбитэ.

— Николай, анал байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр Донбааска бу иккис сырыыҥ. Бастакы сырыыгар Амвросиевка, Волноваха куораттарга сылдьыбытыҥ. Билигин Саха сирин дэлэгээссийэтин кытары Кировскай куоракка баран кэллиҥ. Балаһыанньа хайдаҕый?

— Бастакы сырыыбытыгар Саха сириттэн гуманитарнай көмөнү илдьэ Амвросиевкаҕа, Волновахаҕа, Донецкайга сылдьыбыппыт. РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ — бастакы вице-премьер Андрей Федотов дэлэгээссийэбитин салайан илдьэ барбыта. Бу командировкабыт кэмигэр Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэни кытары Саха сирэ коммюнике баттаспыта. Ити муус устарга этэ. Оччолорго анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмыта иккис ыйа эрэ этэ, ол иһин олохтоохтор да, бэйэбит да балаһыанньа хайдах эргийэн тахсыаҕын билбэт этибит. Аанньатыгар бастакы сырыыбытыгар Дьокуускайга бронежилет, кааска көрдүөхпүт дуо? Киһи байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр, төһө да биһигини ытыалаһыы буола турар сиригэр илдьибэтэллэрэ эрдэттэн биллэрэ да, бастаан барарга дьаахханар эбит.

Бастакы командировкабыт сыала-соруга диэн гуманитарнай көмөнү тиэрдэрбит таһынан миэстэтигэр тиийэн туох тиийбэтин, дьон-сэргэ ордук туохха наадыйарын билэн кэлии этэ. Донецкай уонна Луганскай Өрөспүүбүлүкэлэргэ Саха сирэ 2014 сылтан көмөлөһө олорор. Мин билэрбинэн, тэрилтэлэр, биирдиилээн урбаанньыттар, биэдэмистибэлэр, баартыйалар, о. д.а. көмөлөспүттэрэ. Амвросиевкаҕа Саха сириттэн оҕо былаһаакката кытары тутуллубута.

Волноваха оччолорго биһиги сылдьарбытыгар саҥа босхоломмута. Дьон-сэргэ дьиэтин-уотун ыраастана сылдьар кэмэ этэ. Дьиэ-уот да диэн бүттэлээх суоҕа, арыычча ордон хаалбыт эбийиэктэри туох түбэһэринэн сэмсии тутан олорорго усулуобуйа тэринэ сатаабыттар этэ. Манна биһиги кэлэрбитин, гуманитарнай көмө аҕаларбытын эрдэттэн истэн уочарат буолбут этэ. Дьоннор испииһэк оҥостон уочараттаан тураллара. Бу куоракка уруккута 20 тыһыынчаттан тахса киһи олорбут. Билигин барыта урусхалланан киһи харааста көрөр куората буолбут. Бу командировкабыт кэмигэр киин балыыһа кылаабынай бырааһа Виктор Саранов Украина байыастара эмтэнэн тахсан баран балыыһаны ытыалаабыттарын, оҕо отделениетын умаппыттарын кэпсээбитэ төбөбүттэн олох тахсыбат. Хата, дьолго ким да эчэйбэтэх этэ, быраастар балаатаҕа сытар ыарыһахтары барыларын аллараа сиргэ, түннүк анныгар эрдэттэн бэлэмнээн сытыарбыттар эбит, ол иһин. Бу олорон, иккис командировкабыт кэнниттэн, Айсен Николаев: “Билигин “Украинаны көмүскээччилэрбит” дэнээччилэр соруйан дьон-сэргэ олорор сирин буомбалыы, төһө кыалларынан элбэх инфраструктураны, социальнай эбийиэги алдьата сатыыллар. Ол диэн киһилии быһыы үһү дуо?” — диэн эппитин санаатым.

Ити урутаан эттим, иккиһин Ил Дархан Айсен Николаев салалталаах дэлэгээссийэҕэ киирсэн Донбааска бара сылдьыбытым. Бу сырыыбытыгар Кировскай куораты көрбүппүт. Айсен Сергеевич Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Виталий Хоценконы кытары көрсүбүтэ. Кировскай куораты кытары бырамыысыланнас, урбаан, тыа хаһаайыстыбатын эйгэлэригэр, наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, успуорка, доруобуйа харыстабылыгар, о. д.а. бииргэ үлэлэһэргэ дуогабарга илии баттаспыта. Социальнай эбийиэктэри көрбүппүт. Куорат 1‑кы нүөмэрдээх оскуолатыгар сылдьыбыппыт. Онно киирэн баран бэйэм Дьокуускайдааҕы 26‑с оскуолабар 90‑с сыллардаахха киирбит курдук санаммытым. Биир тииптээх оскуола этэ, туох да уларыйбакка, барыта сэбиэскэй кэминээҕинэн турар этэ. Биһиэхэ билигин сорох нэһилиэктэрбит төһө да эргэ дьиэҕэ олордоллор, үөрэхтэрин тээбиринэ, көмпүүтэрдэрэ, интерактивнай дуоскалара барыта аныгылыы буоллаҕа. Киһи, кырдьыгын баран эттэххэ, Донбааһы көрөн хараастар. Оскуолаҕа выпускниктары кытары көрсүбүппүт. Байыаннай балаһыанньанан выпускниктарга баал буолбатах этэ. Ол оннугар үөрэнээччилэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга аттестаттарын, кыһыл, үрүҥ көмүс мэтээллэрин, Саха сириттэн бэлэҕи туппуттара. Ону таһынан, киин балыыһаҕа сылдьыбыппыт. Эмиэ барыта Сэбиэскэй Сойуустан хаалбыт дьиэ, тэрил этэ.

— Суруналыыс быһыытынан бу икки сырыыгыттан ордук тугу бэлиэтии көрдүҥ?

— Суруналыыс быһыытынан Украинаҕа сылдьан баран өйүм-санаам уларыйан хаалла. Кырдьык, сүүстэ истибиттээҕэр, биирдэ көрөрүҥ ордук диэн сөпкө этэллэр эбит. Киһи бэйэтэ баран илэ хараҕынан көрөрө, эт кулгааҕынан истэрэ атын. Биһиги, Саха сирин дьоно, Украинаттан, дойдубут соҕуруу өттүттэн ыраах олорор буоламмыт ону билбэт эбиппит, биһиэхэ барыта ыраах курдук.

Тугу бэлиэтии көрдүм диэтэххэ, бастатан туран, муус устарга айанныырбытыгар биһиэхэ өссө хаар сытар буоллаҕына, Арассыыйа соҕуруу өттүгэр номнуо оҕуруоттарынан дьарыктанан, бааһыналар, буолактар күөҕүнэн чэлгийэ тураллар этэ. Украинаҕа сылаас буолан уулуссаҕа вишня, черешня үүнэн турар, киһи таах ылан сиир. Хоту дойду дьонугар ити эриэккэс.

Арассыыйа уонна Украина кыраныыссатыгар чугаһааппытын кытары бастакы сырыыбытыгар Украинаттан киһи бөҕө биһиги диэки кэлэн иһэрэ. Хас биирдиилэрин харахтарыгар хайдах эрэ уолуйуу, куттаныы, ол иһигэр Арассыыйаҕа соччо эрэммэт буолуу көстөр эбит буоллаҕына, иккиспитигэр дьон-сэргэ наҕыл этэ, аа-дьуо кыраныыссаны туоруура. Оннооҕор бастакы сырыыга дьоннор туох түбэһиэх таҥастаах-саптаах буоллахтарына, иккискэ кыра оҕолор сырдык былаачыйалаах, таҥастаах этилэр. Омос көрдөххө, ити кып-кыра түгэн эрээри, баар балаһыанньаны олус үчүгэйдик ойуулуур.

Аны Амвросиевкаҕа сырыттахпытына, ыаллыы олорор куоракка Макеевкаҕа “Точка-У” ракета эстибитин туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Амвросиевкаҕа бэйэтигэр биһиги кэлиэхпит эрэ иннинэ маннык буомба эстибит этэ. Макеевкаҕа аҕыс саастаах оҕо өлбүт этэ. Бу аттыгар буомба эстэрин санаатаххына, киһи дьик гына түһэр. Олохтоохтор ытыалаһыыга, буомба эстэригэр үөрэнэн хаалбыппыт дииллэр да, киһи итиннэ хайдах да сатаан үөрэнэр кыаҕа суох. Биһиги аҕыйах хонук буолаары, хас мүнүүтэ аайы иннибитин-кэнни битин кэтэнэ-манана сылдьарбытыттан сылайбыппыт. Оттон донбаастар бу маннык аҕыс сылы быһа олорбуттарын санаатахха, хайдахтаах курдук тулуурдаахтарын киһи сөҕө саныыр.

Олохтоох волонтердар түүннэри-күнүстэри быыстала суох үлэлииллэрин бэлиэтии көрдүм. Кинилэргэ көмө быһыытынан Арассыыйа гуманитарнай миссиятын бэрэстэбиитэллэрэ 2016 сылтан үлэлэһэллэр эбит. Ол да үрдүнэн, волонтердар тиийбэттэр эбит.

Украина бэйэтин бурдугунан, сэлиэһинэйинэн биллэр. Биһиэхэ “Берегите лес от пожара” диэн баар буоллаҕына, кинилэргэ “Берегите хлеб от пожара” диэн суруллар эбит. Килиэп, бурдук Украинаны кытары ыкса сибээстээх. Харах ыларын тухары бааһыналарга сэлиэһинэй бурдук көстөр. Суруйааччы Михаил Шолохов айымньыларыгар харах ыларын тухары тэлгэнэн сытар бурдук бааһыналарын хайдахтаах курдук ойуулаата этэй?

Бу икки командировкам туһунан СИА саайтыгар суруйан турабын. Бастакы суруйуубун “Привыкшие к войне” диэн төбөлөөбүтүм. Тоҕо диэтэргин, ити үөһээ этэн аһарбытым курдук, муус устарга байыаннай анал эпэрээссийэ саҕаламмыта иккис ыйа этэ, аҕыс сылы быһа сэриилэһэ олорбут дьоҥҥо ити, биир өттүнэн, буолуохтааҕын курдук этэ, көхсүлэрэ кыараан олорорун киһи тута сэрэйэрэ. Иккис өттүнэн, Арассыыйа биһиэхэ көмөҕө кэллэ диэн эрэл кыыма үөскээбит этэ. Иккиспин “Ожидающая перемен” диэн ааттаабытым. Олохтоохтор күнтэн күн уларыйыы буолан иһэрин илэ харахтарынан көрбүттэрэ, этэргэ диэри, кынаттарын саратан түөстэрин муҥунан салгыны иҕэрийэн эрэллэр. Ити кинилэр кэпсэтэллэриттэн-ипсэтэллэриттэн да, харахтарыттан тута көстөр.

Уонна куорат уулуссаларын устун хаартыскаҕа түһэрэ сылдьан биһиги биир өттүнэн олус да майгынныыр эбиппит дии санаабытым. Кировскай уонна Нерюнгри таас чоҕу хостуур куораттар. Майгыннаһар өрүттэрэ элбэх. Ол иһин кэнэҕэскитин биһиги икки өрөспүүбүлүкэлэрбит бииргэ үлэлэһэллэригэр бары кыахтар бааллар дии саныыбын.

— Саха сирэ Кировскай куораты чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэн иһэр. Ыам ыйыттан онно Саха сирин этэрээтэ үлэлиир.

— Кировскай куорат чөлүгэр түһэриигэ билигин РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов салалталаах бөлөх үлэлии сылдьар. Кировскайга 2014–2015 сыллардаахха улахан ытыалаһыылар буолбуттар этэ. Куорат онно улаханнык эмсэҕэлээбит. Ол кэнниттэн кыра өрөмүөн ыыта сатаабыттар да улахан күттүөннээх үлэ барбатах.

Кировскайга Саха сирэ туох үлэни ыытыаҕай диир буоллахха, докумуоҥҥа этиллэринэн, бастатан туран, социальнай эбийиэктэри чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһиэхтээх. Былаан быһыытынан, тоҕус уулусса өрөмүөннэниэхтээх, манна сырдатыы үлэтэ тэҥҥэ барыахтаах. Куорат 2‑с нүөмэрдээх оскуолатын дьиэтин, олбуорун иһин чөлүгэр түһэрии, 1‑кы нүөмэрдээх оскуола кырыыһатын өрөмүөннээһин, киин балыыһаҕа эмиэ кырыыһа үлэтин таһынан саҥа лиип туруоруута, ону сэргэ эбийиэги бөҕөргөтүү барыахтаах. Култуура киинигэр ититэр систиэмэни уларытыахтаахтар, ону таһынан бу дьиэни саҥаттан чөлүгэр түһэрэргэ былаан оҥоһуллуохтаах, икки олорор дьиэ чөлүгэр түһэриллиэхтээх. Куорат хочуолунайдарыгар, киин ититэр систиэмэлэргэ үлэ барыахтаах. Уонна кэнэҕэскитин, Айсен Сергеевич этэринэн, Саха сирэ куорат маастар-былаанын оҥорууга ылсыахтаах.

— Саха сирин байыастарын Донбааска олус хайгыылларын истибитим. Оннук дуо?

— Олохтоохтор Саха сирин дьонугар олус махталлаахтар. Донбааска биир бастакынан Саха сирэ көмөҕө кэлбитэ дииллэр. Биһиги дойдубут туһунан элбэҕи билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕараллар. Билигин Кировскайга Саха сирин бөлөҕө тиийэн үлэлии сылдьар. Биир өттүнэн биһиги уолаттарбыт миэстэтигэр тиийэн тута үлэлээн-хамсаан бэйэлэрин үтүө эрэ өттүттэн көрдөрбүттэриттэн ити махтал тыллара эмиэ тахсар. Тоҕо диэтэргин, олохтоохтор суол-иис оҥоһуллан, эбийиэктэр чөлүгэр түһэриллэн эрэрин көрө-истэ сылдьаллар. Бэйэлэрэ эмиэ онно көх-нэм буолаллар. Уопсай ылан эттэххэ, Донбааска Арассыыйа тиийбитэ харахха быраҕыллар.

— Николай, уонна түмүккэ эйигиттэн дойдуга бэриниилээх буолуу туһунан истиэхпин баҕарабын.

— Үгүспүт билигин бу тутан олорорбутун сыаналаабат эбиппит. Билигин уоппутун, уубутун аҕыйах чаас араардахтарына эппититтэн быстарбыт курдук өлөөрү гынабыт, оттон онно уота, уута, олорорго туох да усулуобуйата суох ыйы ыйдаан олороллор. Комендантскай чаас диэни биһиги билбэппит, билбэппит да үчүгэй. Бу икки командировкам кэнниттэн олохтоохтор дойдуларыгар хайдах курдук бэриниилээхтэрин мин кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар диэри бэлиэтии көрдүм. Төһө да байыаннай кэм буоллар, социальнай эйгэлэрин тута сатыыллар, төһө кыалларынан бэйэлэрин күүстэринэн ыраастанан, өрө тардынан олороллор. Санаалара наһаа күүстээх.

Тымныы дойдуга олорор буоламмыт, кыһалҕалаах киһиэхэ көмөлөһүү диэни биһиги ордук үчүгэйдик билэбит. Кыһын томороон тымныыга суолга киһини хайдах да хаалларбаппыт. Ити биһиги сурукка тиһиллибэтэх сокуоммут. Онон Украинаҕа тоҕо көмөлөһөбүтүй диир дьону, кырдьыгын баран эттэххэ, өйдөөбөппүн. Бу атааннаһыы син-биир хаһан эрэ түмүктэниэҕэ, бүтэр уһуктаах буолуоҕа, Донбааска күн тыгыаҕа, иллээх-эйэлээх олох кэлиэҕэ. Туох да буолбутун иһин, Саха сирин дьоно син биир көмөҕө кэлиэхтээхпит дии саныыбын. Олохтоохтор кэпсииллэрин курдук, “киһи бэйэтэ буомба аннынан ааспатах буоллаҕына, баар балаһыанньаны ситэри өйдөөбөт”. Биһиги иллээх-эйэлээх дойдуга олорорбутунан дьоллоохпут, ону сыаналыаххайыҥ. Биһиэхэ дойдуга тапталбыт, бэриниилээх буолуубут күүстээх, ол ону оҕолорбутугар тиэрдиэххэйиҥ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: