Салгыы
Үтүө үгэс салҕанар

Үтүө үгэс салҕанар

09.11.2022, 18:00
Бөлөххө киир:

Уһун кыһыны туоруурга ыраас мууһу ылыы саха киһитин төрүт дьарыгар кубулуйбута быданнаата. Дьыл хойутаан, бу күннэргэ тыа сиригэр кыстыкка бэлэмнэнэн, муус ылыытын үгэнэ.

Урут сэбиэскэй кэмҥэ кэлэктииптэр күргүөмүнэн тахсан субуотунньуктаан, оттоон-мастаан, муус ылан дьоннорун абырыыллар этэ. Оттон билигин даҕаны ол үтүө үгэс көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн салҕанар. Тыа сиригэр олорорго дьиэ ис-тас үлэтэ, түбүгэ элбэх буоллаҕа, оттон учуутал, иитээччи  күн иллэҥнэрэ суохтарын бары билэбит. Ону өйдөөн-өйөөн Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатын муусукатын уонна искусствотын оскуолатын эдэр үлэһиттэрэ күргүөмүнэн тахсаннар, үс эдэр исписэлиистэригэр, итиэннэ аҕам саастаах үлэһиттэригэр муус ыллылар.

Бары биир киһи курдук үлэлээн икки бырысыап мууһу ылан дьонноругар тириэртилэр. Оскуола кэлэктиибэ маннык тэрээһиҥҥэ болҕомтотун уурара махталлаах. Маннык үтүө үгэһи салҕаан эдэрдэр ылсыбыттара хайҕаллаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: