Жатайга саҥа оскуола аһыллыаҕа

Жатайга саҥа оскуола аһыллыаҕа

Ааптар:
28.02.2024, 15:44
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы отчуотугар Жатай бөһүөлэгин олохтоохторун иннигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов быйыл Жатайга 360 миэстэлээх саҥа оскуола үлэҕэ киириэхтээҕин туһунан иһитиннэрдэ.

«Оскуола тустаах үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэх усулуобуйатын үрдэтии кээмэйин улаатыннарар. Итини таһынан 1 №-дээх оскуола хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллыаҕа», – диэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Үс мэндиэмэннэх дьиэ уопсай иэнэ биэс тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ. Үөрэх кылаастарын таһынан оҕолорго мэдиссиинэ уонна психологическай өйөбүл кабинеттара, мастарыскыайдар, актовай, успуорт саалалара уонна остолобуой тэрийиэхтэрэ.

Саҥа оскуола өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан оҕолор, ыччаттар кыахтарын толору арыйарга тэҥ кыаҕы үөскэтэргэ тутуллар.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Ону тэҥэ Анатолий Семенов 2026 сыллаахха Жатайга оҕо уһуйаана, оскуола, успуорт уонна култуура комплекстара, оҕо иитэ ылбыт ыаллар уонна учууталлар олорор дьиэлэрин тутан олорор «Точка будущего» диэн ураты үөрэҕирии комплекса аһылларын бэлиэтээтэ. Комплекска доруобаларынан хааччахтаах оҕо доруобуйаларын тупсарыыга, оҕо иитэ ылбыт ыалларга ураты болҕомто ууруллуоҕа.

«Үөрэх комплексыгар эдэр ыччат бары өттүнэн сайдыыга үчүгэй үөрэҕи, кыахтары ылыахтара», — диэн Анатолий Семенов бэлиэтээтэ.

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара 2019 сылтан үлэлээн саҕаламмыттара. Бу кэм иһигэр «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак көмөтүнэн, Саха сиригэр 48 оскуола 10,2 тыһ. үөрэнээччилэри бары өттүнэн сайыннарарга аналлаах саҥаттан үөрэх эйгэтэ оҥоһулунна, Саха сирин бары оскуолалара үрдүк тэтимнээх куйаар ситимигэр холбоннулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: