Дьокуускайга Дыгын оонньууларын түмүк сүүмэрдиир турнира ыытыллыаҕа
Дыгын оонньууларыгар бүтэһиктээх сүүмэрдиир түһүмэҕин ыытыы кэмэ уонна миэстэтэ быһаарылыннылар.
Национальнай многоборьеҕа турнир муус устар 11-12 күннэригэр Дьокуускайга «Дохсун» успуорт уораҕайыгар ыытыллыаҕа. Бу туһунан Национальнай многоборье Федерациятын толорооччу дириэктэрэ Иван Белолюбскай иһитиннэрдэ.
Турнирга Туймаада ыһыаҕын сүрүн күрэхтэһиитигэр кыттарга бүтэһик түөрт путевка оонньонор. Күрэхтэһиилэр күүстээх бөҕөстөр ортолоругар национальнай ыстаҥаларга, мас тардыһыытыгар, оҕунан ытыыга, сүүрүүгэ, хапсаҕайга уонна тааһы көтөҕөн ыраах илдьиигэ ыытыллыахтара.
Санатан эттэххэ, чөмпүйүөн Кубогын уонна өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтин түмүгүнэн Дыгын оонньууларыгар путевканы Дьулустан Ноговицын (Горнай улууһа), Артем Дьяконов (Кэбээйи), Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү), Яков Дмитриев (Кэбээйи), Борис Сдвижков (Амма), Алексей Соколов (Сунтаар), Николай Обоев (Ньурба) уонна Павел Друзьянов (Чурапчы) ылбыттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: