Аҕам саастаахтар күннэригэр истиҥ көрсүһүү
Бэҕэһээ, алтынньы 3 күнүгэр, Ньурба куоратыгар харахтарынан инбэлииттэр уопсастыбаларын Ньурбатааҕы салаатын чилиэннэрэ «Аҕам саастаахтар дэкээдэлэригэр» аналлаах тэрээһиҥҥэ муһуннулар.
Тэрээһин бастакы чааһын «Кыталык» култуура киинэ эҕэрдэ кэнсиэринэн саҕалаата. Доруобуйаларыгар хааччахтаах аҕам саастаах дьону Инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ А.Е. Алексеев уонна харахтарынан мөлтөхтүк көрөр дьон уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ С.С. Яковлева Аан дойдутааҕы кырдьаҕастар күннэринэн эҕэрдэлээтилэр итиэннэ сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Тэрээһин иккис чааһыгар Ф.Г. Сафронов аатынан Киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Г.Е. Николаева «Всё о бутербродах» диэн маастар-кылааһы ыытта. Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттар бутерброд устуоруйатын, арааһын биллилэр, хайдах астанарга үөрэннилэр, сонун аһылыгы амсайдылар уонна кинигэ быыстапкатын сэргээн көрдүлэр.
«Бу курдук, истиҥ-иһирэх көрсүһүү, ирэ-хоро кэпсэтии дьоро түгэнэ буолан ааста. Өрүү даҕаны бу курдук олоххо күүстээх тардыһыылаах, сырдык санаанан салайтаран дьоллоохтук олоруҥ диэн алгыыбыт!», — диэн Георглана Николаева санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: