Салгыы
Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот маастарын күнүнэн эҕэрдэтэ

Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот маастарын күнүнэн эҕэрдэтэ

Ааптар:
05.03.2024, 09:33
Хаартыска СӨ Баһылыгын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллар Норуот маастарын күнүнэн эҕэрдэлиибин! Бу – уран тарбахтаах маастардарга, норуот уус-уран оҥоһуктарын кичэйэн харайар, сайыннарар дьоммутугар, тимир, мас уустарыгар, ювелирдарга – барыларыгар анаммыт ураты бырааһынньык.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот маастара» аат 294, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын норуот маастара» аат 670 киһиэхэ иҥэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ норуот маастардарын 113 холбоһуга үлэлиир, дьону-сэргэни кэрэҕэ уһуйар.

Чувашия судаарыстыбаннай уус-уран музейыгар быыстапкаҕа киэҥ билиигэ тахсыбыт Саха сирин быысапкаламмыт каартатын – саха уран тарбахтаах дьахталларын үлэлэрин киһи эрэ сөҕө көрөр. Каартаҕа Саха сирин айылҕатын, өрөспүүбүлүкэ 500 тахса эгэлгэ көстүүтэ, мөрсүөнэ ойууламмыт!

Кэнники сылларга Саха сиригэр үгэс буолбут култуурабытын өйүүргэ далааһыннаах үлэ ыытыллар: тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар, култуура үйэлээх баайын саҥалыы тыыннаабыт олоҥхоһуттарга истипиэндьийэлэр олохтоммуттара, Норуот уус-уран оҥоһуктарын судаарыстыбаттан өйөөһүн концепцията ситиһиилээхтик олоххо киирэр.

Үгүс уустары, маастардары айымньылаах үлэҕэ умсугуппут-уһуйбут дьонунан Борис Неустроев-Мандар Уус уонна Роман Готовцев ааттаныахтарын ааттаналлар. Саха уустара Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар самныбат санааларын саргылыыр быһахтары оҥороллор. Саха сирин эр дьонугар саха быһаҕа ытык суолталаах. Быһах харысхал буоларын билэбит. Холобур, 2023 сыл атырдьах ыйыгар саха быһаҕа биһиги байыаспытын өрүһүйэн турар. Снаряд эстибитигэр, үлтүркэйэ өрөспүүбүлүкэ бэлэхтээбит суруктаах-бичиктээх саха быһаҕар кэлэн түспүт, онон уолу улахан эчэйииттэн быыһаабыт.

Маастардар уопсастыбаннай холбоһуктара, норуот маастардара хомуурга барбыт биир дойдулаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр «Бары бииргэбит» уопсастыбаннай акция чэрчитинэн көмөлөһөллөр, сылаас таҥаһы тигэллэр, харысхаллары, национальнай бэлиэлээх малы-тэрили оҥороллор.

Бу бырааһынньыкка Саха сирин олохтоохторо үгүс тэрээһиннэри ыытыахтара. Бу күн «Симэх» национальнай киин үгэс буолбут сэлэлээн хаамыыны иилиэ-саҕалыа. Куораппыт киин уулуссаларыгар өрөспүүбүлүкэ 1000 тахса норуот маастара, национальнай холбоһуктар кыттыылаахтара Саха сиригэр олорор омуктар национальнай көстүүмнэрин, симэхтэрин эгэлгэ өҥүн-дьүһүнүн, кэрэтин кэрэхсэтиэхтэрэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 135 омук иллээхтик эйэлээх олоҕу тутар.

Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар аналлаах «Якутия мастеровая» өрөспүүбүлүкэтээҕи XIV быыстапка-дьаарбаҥка, «Удьуор Уус ситимэ» маастардар дьиэ кэргэннэрин династияларын өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһа, «Өттүк симэҕэ» киэргэли идэтийэн тигээччилэр куонкурустара, «Дэрбэки» Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар төбөҕө кэтиллэр киэргэллэрин оҥорууга, «Удьаа. Көҥкөлөй» маһы кыһыыга куонкурустар тэриллиэхтэрэ. Ханна да сырыттахха, киһи кэрэхсиирэ, үөрэнэрэ үгүс буолуоҕа.

Ытыктабыллаах норуот маастардара!

Эһиги айымньыларгыт, үйэлэри нөҥүөлээн тыыннаах кэлбит үгэстэри кичэллээхтик харайан үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр айар-тутар үлэҕит-хамнаскыт үрдүк ытыктабылы эрэ ылыах кэриҥнээх. Эһиги норуот үйэлээх баайын уонна устуоруйатын дьиҥ харайааччылар буолаҕыт. Эһиэхэ айымньылаах үлэни, саҥа тыыны, сүүрээни, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Эһиги илиигит сылааһын, айылҕаттан бэриллибит талааҥҥытын, дьоҕургутун иҥэрбит хас биирдии ураты үлэҕит үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйа туруохтун!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                       Айсен Николаев

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: