Салгыы
Алена Атласова: «Саха сирэ элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр эбии миэрэлэрдээх»

Алена Атласова: «Саха сирэ элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр эбии миэрэлэрдээх»

25.01.2024, 09:30
Хаартыска: А.Атласова.
Бөлөххө киир:

Дьиэ кэргэн сылыгар бэрэсидьиэн Владимир Путин тохсунньу 23 күнүгэр элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр ыйааҕы таһаарда. Ыйаахха, бастатан туран, элбэх оҕолоох ыал дойду үрдүнэн биир статуһун бигэргэттэ. 

Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ, дьарыктаах буолууга бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова бу ыйаах туһунан санаатын үллэһиннэ:

— Бу докумуон эрэгийиэннэр бэйэлэрэ элбэх оҕолоох ыал категорияларын кэҥэтэллэригэр, урукку миэрэлэри хаалларан туран, эбии көмө миэрэлэрин ылыналларыгар быраап биэрэр.

Дойду үрдүнэн биир статус олохтонно, онон биир көрүҥнээх дастабырыанньа баар буолуоҕа. Бэрэсидьиэн Владимир Путин бу ыйааҕынан Дьиэ кэргэн сылын арыйда. Дьиэ кэргэттэр олохторун хаачыстыбатын тупсарарга туһуламмыт судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин эбэргэ улахан үлэ күүтэр.

Ил Дархан уонна норуот дьокутааттарын бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгэр, Саха сирэ дойдуга дьиэ кэргэн бэлиитикэтин эйгэтигэр лиидэртэртэн биирдэстэрэ буолар.

2019 сыллаахха дьокутааттар көҕүлээн, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыал статуһун туһунан сокуону ылыммыппыт. Саха сиригэр эбии көмө миэрэлэрэ бааллар — өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала, «100 сыл оҕолоро» хапытаал, 10-тан элбэх оҕолоох Дьоруой ийэлэргэ 1 мөлүйүөн солкуобайы биэрии, о.д.а. Ол түмүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара 35 тыһыынчаттан таҕыста.

Бүгүҥҥү күҥҥэ босхо сир учаастагын биэрэр уонна 5-тэн элбэх оҕолоох ыаллары дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамаларын үбүлээһиҥҥэ эбии харчы көрүллүөн наада дии саныыбын.

Ил Түмэн пресс-сулууспата.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 мая
  • 1°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: