Салгыы
“Алгыс” кэпэрэтиип сүөһү боруодатын тупсарар

“Алгыс” кэпэрэтиип сүөһү боруодатын тупсарар

06.03.2024, 12:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Дьааҥыга «Алгыс» ТХПК 2015 сыллаахха тэриллибитэ. Этэҥҥэ буоллаҕына, эһиил хаһаайыстыба 10 сылын бэлиэтиэҕэ.

2013 сыллаахха “Россельхозбаантан” кирэдьиит ылан хотон туттубуттара. Хоту дойду дьонун үүтүнэн аһатаары “Полюс холода” ас-үөл кэмбинээтигэр сырьенан хааччыйааччы буоларын оҥорбуттара. Онон, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тумул” кэпэрэтиибиттэн уонна “Хорообут” ХЭТ-тэн, Уус Алдан улууһун “Лена” кэпэрэтиибиттэн ынах атыылаһан илдьибиттэрэ. Бу сыллар усталарыгар Дьааҥы нэһилиэктэригэр элбэх сүөһүнү атыылаатылар, нэһилиэнньэ биһирэбилин ыллылар.

Хаартыска: Т.Протопопова тиксэрдэ.

— Билигин хаһаайыстыбабытыгар 150 сүөһү кыстаан турар. Итинтэн 100 ыанар ынах уонна 50 эдэр сүөһү. Быйыл сүүмэрдээһиҥҥэ кыттан эмиэ сүөһү илдьэр баҕалаахпыт. Бу кыстыкка оппут тиийэр, комбикорм, гранулированнай от эмиэ баар. Саамай сүрүн кыһалҕабыт диэн хотоммут кыараҕас. Ол иһин хотон туттаары 2023 сылга СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин  сүмэрдээһинигэр кыттан, 50 бырыһыан үп көрүллүбүтэ, — диир “Полюс холода” уонна “Алгыс ТХПК генеральнай дириэктэрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РФ Агробырамыысыланнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Ас-үөл индустриятын туйгуна, “Добрый ангел России” Арассыыйа бастакы бириэмийэтин лауреата, Патриарх Кирилл уордьанын кавалера Екатерина Портнягина.

«Алгыс» ТХПК  — бу ыраах сытар Дьааҥы улууһугар собус-соҕотох сүөһү  боруодатын тупсарыыга тирэх буолар хаһаайыстыба.

Сылын ахсын өрөспүүбүлүкэ биир киэн туттар бэтэрээн тиэхиник-осеменаторын Мария Габышеваны   сөмөлүөтүнэн көтүтэн илдьэн, ынахтарын буоһаттараллар. Итиэннэ сылын ахсын ортотунан  20-лии   боруода тыһаҕастары.

Татьяна Протопопова, «Сахаагроплем» СБТ отделын зоотехнига.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: