Салгыы
«Алгыстар» алгыстара тиийиэхтин!

«Алгыстар» алгыстара тиийиэхтин!

13.08.2023, 13:00
Хаартыска: "Алгыс" түмсүү архыыба
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһун Н. И. Ылахова аатынан «Алгыс» норуот култууратын киинин иһинэн үлэлиир В. О. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар, тойуксуттар норуодунай кэлэктииптэрэ саха норуотун төрүт үгэстэрин, ырыаларын, тылынан уус-уран айымньыларын — тойугу, олоҥхону, алгыһы кэнэҕэски ыччакка хаалларар улахан үлэни ыытар. Маны таһынан, бу кэлэктиип байыаннай дьайыы хайа саҕаланыаҕыттан уолаттарыгар көмөлөһөр.

Кэлэктиип туһунан

В. О. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай түмсүүлэрэ «Аар Дьаҕыл» диэн ааттанан 1982 сыллаахха, оччолорго олоҥхо улаханнык сэҥээриллибэт кэмигэр, аатырбыт олоҥхоһут Василий Осипович Каратаев көҕүлээһининэн тэриллибит. «Алгыс» норуот култууратын киинин иһинэн үлэлиир В. О. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар, тойуксуттар норуодунай кэлэктииптэрин Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Светлана Тарасовна Иванова 1992 сылтан салайан кэллэ. Кэлэктиипкэ 200‑тэн тахса киһи сылдьар, норуот ырыатын-тойугун дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр.

«Алгыстар» уолаттарын арчылыыллар

«Алгыс» түмсүү байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан уолаттарыгар көмөлөһөр бигэ санааны ылыммыта. Ол курдук, алтынньыттан тута үлэлэһэн барбыттара. Ааспыт сыл күһүнүгэр ыксалынан мобилизацияланан барбыт уолаттарын алтынньыга батыһан тиийэн, байыаннай чаастарга сылдьан алҕаан, арчылаан кэлбиттэрэ. Ол туһунан Светлана Тарасовна кэпсиир:

— Ааспыт сылга түмсүүбүтүттэн түөрт киһи буолан алтынньы 28 күнүгэр Владивостокка көппүппүт. В. Л. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай кэлэктииптэриттэн Агафья Ылахова, олоҥхо мецената Тамара Фомина уонна төрөппүт Светлана Михайлова буолан барбыппыт. Онно 250 кг таһаҕаһы илдьибиппит, онтубутун соһон-сыһан таксыы кэпсэтэн Уссурийскайга тиийбиппит. Төрөппүттэр уолаттара байыаннай дьайыыга барыахтарын иннинэ аһаатыннар диэн ас ыыппыттара. Бастакы бөлөх барбыт этэ, биһиги иккистэри көрсүбүппүт. Ол сырыыбытыгар биэс байыаннай чааһы кэрийбиппит. Липецкэйгэ, Сергеевкэҕэ, Уссурийскайга сылдьыбыппыт. Бириэмэлэрэ ыгым буолан, уолаттарга баһыылкаларын, астарын-таҥастарын түүннэри түҥэппиппит.

Бастакы күн баһыылкаларын тиксэрбиппит. Иккис күн уолаттарбытын арчылаан-араҥаччылаан, сибиэһэй үүт-сүөгэй илдьэммит, күөрчэх ытыйан астаан, Бөтүҥ нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа Ирина Петрова бэйэтэ оҥорбут от чэйин оргутан оҕолорбутун күндүлээбиппит. Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги түмсүүбүтүгэр элбэх киһи оту хатаран чэй оҥорор, ону бары кыралаан хомуйан, уолаттарбытыгар ыытабыт.

Биһиги бу сырыыбытыгар бэйэбит улууспут, атын улуус, саха-нуучча диэн араарбакка, уопсай аҕалбыт аспытынан күндүлээбиппит, харысхалларбытын биэртэлээбиппит. Алгысчыппыт Агафья Ылахова оҕолорбут этэҥҥэ сылдьан, эргиллэн кэллиннэр диэн бэйэтин баҕа санаатын, алгыһын тириэрдибитэ. Оттон Тамара Фомина хомуһунан арчылаан уолаттар сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ. Бастакы сырыыбыт итинник буолбута. Култуураҕа үлэлии сылдьан түөрт уолбут эмиэ байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыта. Ол уолаттарбытын хайаан даҕаны көрсүөххэ наада диэммит барбыппыт. Уолаттарбыт барахсаттар алгыстааһыҥҥа, арчылааһыҥҥа болҕомтолорун уурбуттарын манна көрбүппүт.
Аспыт ирэн, буортуйан тиийиэ диэн долгуйа санаабыппыт, хата сибиэһэйдии тиийбитэ. Сөмөлүөккэ эрэ эрэйи көрсүбүппүт, «S7» хампаанньа таһаҕаспытыгар 40‑н тахса тыһыынчаны төлөппүтэ, хата дьоммут-сэргэбит көмөлөһөн абыраабыттара.

Үгүлээттэн, Тылгыныттан, Бороҕон, Хампа, Өкүндү, Чочу, Халбаакы, Кыадаҥда, о. д.а. уонча нэһилиэктэр баһылыктара туора турбакка, ас-үөл, тоҥ эт-балык ыыппыттара. Ону сэргэ байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан «Сыа Бүлүү» үүт-ас кэпэрэтиибин кэлэктиибэ сүрдээҕин көмөлөһөр. Кэпэрэтиип салайааччыта Алексей Кондратьев эппитин-аспытын, дойдубут сибиэһэй аһын-үөлүн биэрэн көмөлөһө сылдьар.

Маны таһынан, улууспут аптекалара эминэн-томунан көмөлөһөллөр. «Наша аптека» генеральнай дириэктэрэ Зоя Протопопова уонна «Ника» аптека дириэктэрэ Айталина Дьяконова уолаттарбытыгар барарбытыгар эминэн-томунан, ырыынакка атыылыыр кыргыттарбыт таҥаһынан-сабынан улаханнык көмөлөспүттэрэ.

«Кыахпыт баарынан көмөлөһөбүт»

Хорсун санаалаах, амарах дууһалаах Светлана Иванова иккиһин байыаннай дьайыы буола турар сирин хайысхатынан баран кэлбитин туһунан маннык кэпсиир:

«Иккиһин миигин кытары Ростовка Бүлүү улууһун социальнай харысхалын үлэһитэ Матрена Иванова барса сылдьыбыта. Бу сырыыга уолаттарбытыгар 500 кг ас-үөл, эмп-томп, таҥас-сап илдьэ барбыппыт. Бу сырыыбытыгар Сулустаан Заболоцкай Тирэх пууҥҥа үлэлии сылдьан, уолаттарбытыгар тириэрдэргэ улаханнык көмөлөспүтэ.

Онно 20–40‑ча киилэлээх таһаҕаһы бастаан сөмөлүөккэ, оттон пуойаска таспыппыт, олус ыарахан этэ. Сорох аспытын Санкт-Петербурга госпитальга сытар уолаттарбытыгар хаалларбыппыт. Иван Черкашин көмөтүнэн «Боотурдарга» тиийэн сорох таһаҕаспытын онно тиксэрбиппит. Белгородка баар уолаттарга 250 кг таһаҕаһы илдьибиппит. Этэҥҥэ сылдьан кэлбиппит. Бу сырыыбытыгар көмө-тирэх буолбут «Саха волонтердара» хамсааһын чилиэннэригэр махтанабыт, кинилэр улаханнык көмөлөспүттэрэ.

Онно волонтердуур биир дойдулаахпыт Ирина Дудинская уонна Питергэ баар Таисия Тарасова эрдэттэн билсэн-көрсөн, уолаттарга туох наадатын билэн-көрөн, билиҥҥэ диэри кыахтаахпытынан көмөлөһө олоробут. Дьон туора турбакка көмөлөһөрө махталлаах. Билигин харысхал оҥоруутунан дьарыктанабыт, уолаттар олус күүтэллэр, эрэнэллэр.

Аны кэнники сүрүннүүр киин тэриллэн эрэллэрин биһирии иһиттибит. Улууска барытыгар тэриллэрэ буоллар диэн баҕалаахпыт. Билигин биһиги түмсүүбүт иһинэн
байыаннай дьайыыттан кэлбит уолаттарбытыгар көмөлөһө сатыыбыт. Сорох салайааччылар, дьон даҕаны өйдөөбөттөр волонтердар көмө бөҕө оҥороллорун, итиччэлээх таһаҕаһы таһыы, тириэрдии, элбэх сыраны-сылбаны эрэйэрин. Дьон ис дууһатыттан көмөлөһүөн баҕарабын. Төһө даҕаны култуура үлэһитэ буолларбын, үбү-харчыны ырыа-тойук, үҥкүү-битии тэрээһиннэригэр буолбакка, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар туһаныахха баара диэн санаалаахпын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
20 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: