Алиш Мамедов: «Бука бары күүтэбит — төрөөбүт дойдугутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлиҥ диэн!»

Алиш Мамедов: «Бука бары күүтэбит — төрөөбүт дойдугутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлиҥ диэн!»

Ааптар:
21.10.2022, 11:18
Бөлөххө киир:

Арассыыйа састаабыгар саҥа киирбит уобаластарга байыаннай быһыы-майгы биллэрилиннэ. Киев эйэлээх быһаарсыыга сөбүлэспэтин биллэрэр. Дойдубут ити диэки кыраныыссатыгар баар сирдэргэ дибиэрсийэ оҥортуур.

«Якутцемент» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Алиш Забид Оглы Мамедов бу туһунан санаатын үллэстэр.

— Байыаннай байыаннай эпэрээссийэ, быстах ыҥырыы тустарынан санаабын уонна көрүүлэрбин сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ этэн турабын, билигин да оннук этэбин — кырдьык биһиги диэки, онон бу сөптөөх быһаарыныыны өйүүбүн, биһиги дойдубут хайаан да кыайыаҕа!
Анал эпэрээссийэни ыытыы тирээн турар суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, АХШ уонна арҕаа дойдулар Украинаны олох аһаҕастык сэрии сэбинэн күүскэ хааччыйаллара, икки бырааттыы норуоту бэйэлэрин уодаһыннаах интэриэстэрин туһугар утарыта туруораллара өссө дьэҥкэтик көстөн таҕыста.
Биһиги тэрилтэттэн 19 киһи ыҥырылынна. Кинилэр Хабаровскайга, Уссурийскайга көппүт күннэриттэн ыла дьиэ кэргэннэригэр 100-түү тыһыынча солкуобайдаах көмөнү биэрдибит, туох кыалларынан өйөбүлү оҥоро туруохпут, дойдубутугар куттал суоһаабатын туһугар ытык иэһи толоро барбыт дьоммут эргиллэн кэллилэр да салгыы үлэлииллэригэр миэстэлэрэ баар. Бука бары күүтэбит — төрөөбүт дойдугутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлиҥ диэн!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: