Салгыы
Аллайыахаҕа тутуу матырыйаала тиэрдиллэр

Аллайыахаҕа тутуу матырыйаала тиэрдиллэр

28.03.2024, 13:15
Петров С.П. тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Аллайыаха улууһугар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ биллэрбит национальнай бырайыагар олоҕуран үс саҥа дьиэни тутуу торумнаммыта. Дьиэлэри “КСК Лидер” ХЭТ (генеральнай дириэктэр Д.М.Гаврильев) тутуохтаах.

Биллэрин курдук,  Арктикаҕа сытар улуус суола-ииһэ эрэйдээх, ыраах. Этэҥҥэ айаннаан тиийбит массыына кэпсээҥҥэ киирэр сирэ.  Ол да буоллар, кыһыҥҥы суолу баттаһа тутуу матырыйаалын күнүстэри-түүннэри тиэйэ туралларын туһунан олохтоохтор астынан кэпсииллэр.

— Чокурдаахха  “КСК Лидер” тэрилтэ үс дьиэни тутуохтаахпыт. Ыам ыйын ортотуттан үлэлэр саҕаланыахтара диэн эрэнэбит. Кыһыҥҥы суолу баттаһа манна 43 массыына тутуу матырыйаала кэллэ. Аны сэттэ массыына айаннаан кэлиэхтээх. Бу кэлбит таһаҕаска дьиэ истиэнэтигэр наадалаах МХМ панеллар, цемент, арматура, буруус, хаптаһын, дьиэни сылытар бүрүөһүҥҥэ туһаныллар базальт кэллилэр, — диэтэ “КСК Лидер” ХЭТ тутууга инженерэ Семен Пантелеймонович Петров.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: