Алтынньы 28 күнэ — Арассыыйаҕа Эбэлэр уонна эһэлэр күннэрэ

Share

Бүгүн, алтынньы 28 күнүгэр, Арассыыйа үрдүнэн саамай сырдык уонна истиҥ бырааһынньыктарбытыттан биирдэстэрэ — күлүмнэс мичээрдээх, сылаас илиилээх эбэлэр уонна эһэлэр күннэрэ бэлиэтэнэр.

Саха дьонугар аҕа көлүөнэҕэ ытыктабыл, муударай сүбэлэригэр болҕомтобутун уурар  сүрүн үгэспит буолар. Биһиги эбэлэрбит уонна эһэлэрбит — төрөөбүт тылбытын, норуот үгэһин, олоҥхону уонна алгыһы кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдээччилэр. Дьиэ кэргэн сылааһа кинилэртэн саҕаланар. Томороон тымныы кыһыммыт устата эбээ тикпит ичигэс этэрбэһэ, буһарбыт минньигэс баахылата уонна эһээ булка илдьэ сылдьан кэпсээбит сэһэнэ хас биирдиибит оҕо сааһын саамай күндү өйдөбүллэрэ.

Статистиканы көрдөххө, Саха сиригэр билигин 200 тыһыынчаттан тахса аҕам саастаах киһи олорор. Онон өрөспүүбүлүкэбитигэр уһун үйэлэниигэ улахан болҕомто ууруллар. Билиҥҥи туругунан, Саха сиригэр 100 саастарын ааспыт сүүрбэттэн тахса ытык кырдьаҕас баар, кинилэр үксүлэрэ — элбэх оҕону, сиэни, хос сиэни улаатыннарбыт дьоһун дьон.

Билиҥҥи эбэлэр уонна эһэлэр олус көхтөөхтөр. Кинилэр өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир «Көхтөөх уһун үйэлэнии» бырагыраама чэрчитинэн скандинавскай хаамыынан, успуордунан дьарыктаналлар, хорга ыллыыллар, үҥкүүлүллэр, волонтердууллар уонна сиэннэрин үөрэтэн-иитэн олох тэтимиттэн хаалбаттар.

Оттон анал кииннэр көмпүүтэргэ уонна смартфоннары туһанарга үөрэтэллэрэ кинилэргэ сиэннэрин кытта биир тылы буларга, социальнай ситимнэринэн кэпсэтэргэ улаханнык көмөлөһөр.

Бу күн хас биирдиибит бэйэтин эбэтигэр, эһэтигэр эбэтэр чугас аҕам саастаах киһитигэр эрийэн, хайдах олорорун ыйыталаһара, тыыннаах сылаас кэпсэтии олохтуура олус наадалаах. Оттон чугас олорор буоллаххытына, бүгүн илии тутуурдаах чэйдэһэ тиийэргитин умнумаҥ.

Доруобай, уһун үйэлээх буолуҥ, биһиги күндү эбэлэрбит-эһэлэрбит!

Оттон «Эбэ, эһэ күнэ дуу, Эбээ, эһээ күнэ дуу?» диэн мөккүөр баар буоллаҕына бу ыстатыйаны киирэн ааҕыҥ:

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Айсен Николаев биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Матвей Мучин олохтон туораабытынан кутурҕанын биллэрдэ

Матвей Васильевич Мучин олохтон туораабытын туһунан курус сонуну дириҥ хомолтону кытта иһиттим. Кини 86 сааһыгар…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Роспотребнадзор сэрэтэр: Арассыыйаҕа дьон тумуунан ыалдьыбыта элбиир

Арассыыйаҕа дьон тумуунан ыалдьыбыт көрдөрүүтэ салгыы үрдээн иһэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ дойду үрдүнэн 614 тыһыынчаттан тахса…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин оҕолоро хоккейга чаҕылхай кыайыыны ситистилэр!

Никита Кудряшов салайааччылаах «Полярные волки 2017»  хамаанда Уһук Илин уокуругар оҕолорго хоккейга лигатын «А» бөлөҕөр…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сиригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сайаапкалары Службапоконтракту14.рф саайтка хомуйаллар

Саха сиригэр Службапоконтракту14.рф саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп.  Российскай Федерация Сэбилэниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Арктикаҕа буурҕа, оттон Дьааҥыга — сэрэтии

Синоптиктар иһитиннэрэллэринэн, бүгүн, алтынньы 28 күнүгэр,  өрөспүүбүлүкэ үксүгэр кыралаан, оттон хоту улуустарга сорох сирдэринэн хаар…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: “Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннара кыһыҥҥы суол аһыллыар диэри тиийэр оттугунан хааччылыннылар”

Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннара массыына кыһыҥҥы суола аһыллыар диэри ирдэнэр кээмэйдээх оттук-энэргэтиическэй саппааһынан олоччу хааччылыннылар. Бу…

12 часов ago