Арбугаевтар киинэлэрэ «Оскар» бириэмийэҕэ тиксибэтэ

Share

Саха сирин режиссердара Максим уонна Евгения Арбугаевтар «Выход» диэн киинэлэрэ «Оскар» бириэмийэҕэ тиксибэтэ. Бу киинэ «Лучший короткометражный документальный фильм» диэн номинацияҕа күрэхтэстэ. Манна статуэтканы «Заклинателям слонов» киинэ ылары ситистэ.

Арбугаевтар киинэлэрэ биэс бастыҥ киинэ иһигэр киирдэ. Бу номинацияҕа бастыҥнары киинэ академиятын 930 чилиэнэ көрдө-иһиттэ.

«Бу саха кинематографиятыгар улахан ситиһиинэн буолар. Максим уонна Евгения Арбугаевтар саха киинэтэ үгүһү ситиһиэн сөбүн дакаастаатылар. Ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Айар үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын! Саха сирэ эһигинэн киэн туттар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграмм-ханаалыгар суруйда.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ямаллар кыыл табалара (видео)

Бу видеоҕа үөр табалар улахан айан суолун туораан, субуһан эрэллэрэ көстөр. Эчи элбэхтэрин, көрөргө бэртээхэй…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан «Бэс Чагда» санаторийга байыастары көрүстэ

Улуу Кыайыы күнүн көрсө, ыам ыйын 8 күнүгэр,  Ил Дархан Айсен Николаев «Бэс Чагда» санаторий…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Учуонайдар Баатаҕай кратера өссө эбии улааппытын бэлиэтээтилэр

Саха сиригэр Баатаҕай кратера ууллан, кэнники өссө эбии улааппытын бэлиэтээтилэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ ирбэт тоҥ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатаска Андрей Никифоров аатынан уулуссаҕа интерактивнай бэлиэ баар буолла

Андрей Петрович Никифоров аатын сүгэр уулусса интерактивнай бэлиэтин билиһиннэриитэ буолла. Олох диэн улуу күүс, кини…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Азия оҕолорун уота» Абыйга тиийдэ

Бүгүн Абый улууһун олохтоохторо VIII "Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын уотун уруйдуу көрүстүлэр.…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бэс ыйын 1 күнүттэн «Азия оҕолоро» оонньуулар култуурунай бырагыраамата саҕаланыа

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларыгар 50-тан тахса тэрээһин култуурунай бырагыраама иһинэн бэс ыйын…

5 часов ago