Салгыы
«Арктика Строй» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Петр Никифоров: «Эйэлээх олох эргийэрин туһугар дойдубутун көмүскүүр эбээһинэстээхпит”

«Арктика Строй» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Петр Никифоров: «Эйэлээх олох эргийэрин туһугар дойдубутун көмүскүүр эбээһинэстээхпит”

Ааптар:
19.10.2022, 15:09
Бөлөххө киир:

Аҕа дойдубутугар тирээбит кыһалҕалаах кэмнэргэ барыбыт санаата биир — бу киирсиилээх кэм түргэнник бүтэ охсон, дойдубутугар эйэлээх олох эргийдэр, дьоннорбут, оҕолорбут, бырааттарбыт дойдуларыгар этэҥҥэ кэллиннэр диэн.

Петр Никифоров, «Арктика Строй» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ:

— Дойдубут уустук балаһыанньаҕа киирбитигэр эр дьон буоламмыт, биллэрии кэллэҕинэ, барыахтаахпыт дии саныыбын,  көмүскүүр эбээһинэспит буоллаҕа. Көрдөххө-иһиттэххэ, икки өттүттэн кытаанах, ыарахан киирсиилэр бара тураллар.  Биһиги тэрилтэттэн анал байыаннай эпэрээссийэ бара турар сиригэр икки киһи ыҥырыынан, биир киһи бэйэтин баҕа санаатынан бардылар. Ол бэйэбит бырааппыт баҕатынан тылланан барбыта. Кини билигин Улан-Удэттэн анал эпэрээссийэ ыытылла турар сиригэр барарга бэлэмнэнэр, туох-хайдах сылдьарын билсэ, кэпсэтэ турабыт.

Ийэлэргэ, аҕаларга уолаттара анал эпэрээссийэ бара турар сирдэригэр барыылара тирээн кэллэҕинэ, ыарахана өйдөнөр. Нэһилиэнньэ өйдүүр өттө өйдүүр – дойду салалтата сөптөөх быһаарыыны ылыммытын. Биири учуоттуур наада быһыылаах – улуус уонна олохтоох нэһилиэктэр баһылыктара хомуурга барааччылар ахсааннарын нэһилиэнньэ уопсай ахсаанын бырыһыаныттан көрөн хомуйары, доруобуйаларын туругунан, онтон да атын дааннайдарын эрдэттэн чуолкайдатан, туһааннаах докумуоннарын бэлэмнииллэрэ, дьаһайаллара буоллар дии саныыбын. Кинилэр миэстэтигэр үрдүттэн олорор дьон барытын билэллэр-көрөллөр буоллаҕа дии. Биһиги бары дьоммут, оҕолорбут, бырааттарбыт дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэннэр, үлэлээн-хамсаан, дьоннорун ииттэн олоруо этилэр диэн баҕа санаалаахпыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: