Салгыы
Астык кинигэ…

Астык кинигэ…

12.03.2024, 19:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Аныгы үйэҕэ элбэх кинигэ суруллар. Онтон чахчы үйэлээҕи, дириҥ ис хоһооннооҕу, дууһаҕын аймыыр ыйытыктарга хоруй биэрэри булар уустук соҕус.

Бу соторутааҕыта Игорь Николаев «Судьуйа аараан аартыктара» диэн кинигэтин биир тыынынан аахтым. Ийэтин туһунан кинигэтин, хаһыаттарга тахсар интервьюларын, ыстатыйаларын сөбүлээн аахпыттаахпын. Аны туран, биир көлүөнэ буолан, кинигэҕэ киирбит дьоруойдары үксүлэрин билэбин. Онон бэркэ сэргээн аахтым.

“Таҥара дууһаны киһиэхэ киһититэргэ уларсар” диэн өйдөбүл баар. Ону билэр буолан эбитэ дуу, сахаларга киһиэхэ бэриллэр саамай үрдүк сыанабылы «киһилии киһи», «киһи киһитэ» диэн эрдэхтэрэ. Мин, кырдьаҕас ааҕааччы, бу  кинигэҕэ «оҕо киһи киһитэ буоларыгар туох түһүмэхтэри ааһыахтааҕый» диэн ыйытыкпар толору хоруйу ыллым, «алгоритм» буллум диэхпин сөп.

 Игорь Игнатьевич кинигэтин бастакы түһүмэҕин «Киһиттэн ордук үчүгэй туох да суох» диэн ааттаабыт. Оттон бу өйдөбүлү кини ийэтин эмийин үүтүн кытта иҥэриммитин, Ирина Семеновна мындыр өйүнэн, үтүө санаатынан, дьоҥҥо истиҥ сыһыанынан иитиллэн, төрүттэрин тыыннарын иҥэринэн, утуму салҕааччы буолбутун итэҕэтиилээхтик суруйар. “Дьиэ кэргэҥҥэ дууһа чочуйааччытынан ийэ буолар” диэн мээнэҕэ этиллибэт.

Ийэ-аҕа сылаас сыһыаныгар угуттанан улаатан, дьону ытыктыыр, сыаналыыр, ханнык баҕарар киһиэхэ кэрэтин сатаан көрөр, онтон сөптөөх холобур ылар буола уһуйуллубутун кэрэһэлиир ахтыыларын киһи эрэ астына ааҕыах курдук. Хас суруйар киһитин мэтириэтин ойуулааһынтан саҕалаан, дьоҕурун, талаанын, дьоҥҥо, олоххо, дьыалаҕа сыһыанын, дууһатын баайын барытын арыйарын долгуйа ааҕаҕын. Араас куораттарынан, тыанан-сыһыынан, күрэстэһии түһүлгэлэринэн, улахан бэлиитиктэр, салайааччылар таһымнаах олохторун суолларынан тэҥнээх курдук хаамсаҕын. Оннук истиҥник, ылыннарыылаах тылынан суруллубутун сөҕөҕүн. Итинник киэҥ интэриэстээх, араас көрүүлээх-истиилээх, олохтоох-дьылҕалаах дьонтон төһө эрэ элбэҕи иҥэриннэ… Олоҕуҥ суолугар үтүө дьону булан көрсүү, кинилэрдиин алтыһыы туһугар эмиэ дьоҕур буоллаҕа. Киһитэ суох киһи киһи буолбат. Түһүмэх бүтүүтүгэр Игорь Игнатьевич олоҕун философията, тутуһан кэлбит бириинсиптэрэ, киэҥ билиитэ, дойдутун, норуотун дьылҕатын туһугар туруулаһыы күннээҕи «сүрэҕин ыарыыта» буолбута Владимир Степанов ылбыт интервьюларыгар дьэҥкэтик көстөр.

Иккис түһүмэх «Атах тэпсэн олорон. Аһаҕастык..» ааттанан Надежда Егорова-Намылы сэһэнинэн бэриллибит.  Манна таптал туһунан суруллубут: уһуйбут учууталларга, иитиллибит оскуолаҕа, успуорка, кинигэҕэ-билиигэ,  доҕотторго, дьиэ кэргэҥҥэ, үлэҕэ, айылҕаҕа… Бу барыта дьоҥҥо, олоххо таптал буолан олоҕун устата арыаллаабыта хоһуллар.

Бүтэһик, үһүс түһүмэх «Ыйааһыннаах тыллаах судьуйа» диэн ааттанан Игорь Игнатьевич олоҕун анаабыт идэтигэр,  ситиһиилэригэр анаммыт.  Бииргэ алтыспыт дьонноро, биир идэлээхтэрэ  кини дьыалатыгар бэриниилээҕин, дириҥ билиилээҕин, бастыҥнара буоларын бэлиэтээбиттэр, киһи быһыытынан кэрэтин арыйбыттар.

Манна өссө эбии ааптар чугас доҕоро Александр Кириллин, Игорь Игнатьевич хайа да кэмнэргэ алтыспыт дьонун-сэргэтин умнубатын, көмөлөһөргө мэлдьи бэлэмин чорботон, «дьикти кустуктаах Бүлүүчээҥҥэ улааппыт буолан,  «Сир Ийэ үөрэр киһитэ буоллаҕа»  этиитин кытта улгумнук  сөбүлэһэҕин.

Кинигэҕэ саха киһитин 70 сыллаах олоҕун кэрчигэ ойууланар. Суруйуулар, кэпсиир эрэ буолбакка, олох туһунан анаарыылаахтар, уу сахалыы наҕыллык сэһэргээн кудуххайдык ааҕыллар, киһи дууһатын кылын таарыйаллар, сырдык санааны саҕаллар. Үчүгэй кинигэни ааҕыы, үтүө киһини кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэспит курдук, дуоһуйууну үөскэтэр.

«Махтал, өссө да айа-тута сырыт, киһи киһитэ Игорь Игнатьевич,»- диэн санаалаах кинигэни саптым.

Валентина Ионовна СИДОРОВА, педагогическай үлэ бэтэрээнэ

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: