«Азия оҕолорун» уотун уматыыга бочуоттаах ыалдьыттар кэллилэр
Кулун тутар 18 күнүгэр сарсыарда эрдэ Дьокуускайга Олимпийскай кэмитиэт бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков, генеральный секретарь Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин генеральнай сэкиритээрэ, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин вице-бэрэсидьиэнэ Родион Плитухин, «Азия оҕолоро» оонньуу посуола, хоккейга икки төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн Вячеслав Фетисов, уо.д.а. ыалдьыттар көтөн кэллилэр. Кинилэр «Азия оҕолоро»VIII норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуу уотун уматыахтара.
«Туймаада» аэропуорка кинилэри «Азия оҕолорун» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Владимир Максимов, физкултуура, спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, «Азия оҕолоро» оонньуу дириэксийэтин генеральнай дириэктэрэ Михаил Сивцев көрүстүлэр.
— «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуу тэрийсээччилэрин быһыытынан, биһиэхэ оонньуу уотун уматыы сиэригэр кыттыы бочуоттаах эбээһинэспит буолар. Оонньуу уотун уматыы дойду биир саамай кыраһыабай сиригэр-уотугар үрдүк таһымнаахтык ыытыллыаҕа. Үгэстэр ураты бэлиэлээхтэр. Өлүөнэ очуостарыгар уматыллыбыт уот бары дойдулары түмэр. Саамай сүрүнэ, оонньуу элбэх норуоттарга эйэни, үтүөнү, доҕордоһууну түстүүр, — диэн биэс төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн Станислав Поздняков эттэ.
VIII «Азия оҕолоро» оонньуу уотун уматыы сиэрэ-туома кулун тутар 19 күнүгэр «Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа ыытыллыаҕа. Сиэр-туом саха үгэһинэн ыытыллар, бу «Азия оҕолоро» оонньуу үөскээбит сиригэр ытыктабыл бэлиэтэ буолар.
Бу тэрээһин чэрчитинэн «Лига мамонта» хоккейнай матч буолуоҕа, манна «Легенды хоккея» уонна «Сборная Якутии» хамаандалар кыттыахтара.
— Саха сирэ «Азия оҕолоро» оонньууларын көҕүлээбитэ, бу улахан суолталаах, тоҕо диэтэр, билигин болҕомто евразийскай континеҥҥа көһөн эрэр. Мин урут Арассыыйа спорун салайа сылдьан, Саха сиригэр кэлэ сылдьыбытым. Онно теплоходунан Өлүөнэ очуостарыгар тиийэ сылдьбыппыт уонна бу хайа тэллэҕэр хоккейга оонньуурга быһаарбыппыт.
«Легенды хоккея» диэн ураты бырайыак, дойду устун айанныы сылдьан, маастар-кылаастары, күүрээннээх киирсиилэри көрдөрөбүт, аахсыйаларга кыттабыт. аҕа табаарыстарбытыттан ылбыт билиибитин, үөрүйэхпитин үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэбит. Аан дойду хоккейын географиятыгар Өлүөнэ очуостара хоккей сулустара олохтоох ыччаты кытта оонньообут сирдэринэн биллиэҕэ. Биһиги сырыыбыт кэнниттэн Саха сиригэр хоккей күүскэ сайдыаҕа, профессиональнай кулууптар баар буолуохтара диэн эрэнэбит. Арктика сиригэр-уотугар хоккей курдук кыһыҥҥы оонньууну сайыннарыахха наада, — диэн Вячеслав Фетисов эттэ.
Ол курдук, бүгүн Дьокуускайга биллэр хоккеистар — олимпийскай чөмпүйүөннэр Алексей Гусаров, Андрей Коваленко, Вячеслав Буцаев, олимпиада үрүҥ көмүс, боруонса мэтээлин хаһаайына Борис Миронов кэллилэр. Сарсын олимпийскай чөмпүйүөн Сергей Шепелев, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Ирек Гимаев кэлиэхтэрэ.
Маны тэҥэ, бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан икки төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөҥкэ Анна Богалий кэллэ.
«Азия оҕолорун» уотун эстафетата кулун тутар 20 күнүттэн Хаҥалас улууһуттан саҕаланан, бэс ыйын 26 күнүгэр «Туймаада» стадиоҥҥа оонньуу уотун уматыынан түмүктэниэҕэ.
VIII «Дети Азии» норуоттар икки ардыларныааҕы спортивнай оонньуу бэс ыйын 25- от ыйын 7 күннэригэр Дьокуускайга буолуоҕа. Эдэр спортсменнар спорт 24 көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: