Салгыы
Байыастарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр доруобуйаларын чэбдигирдэллэригэр өйөбүлү оҥоруу

Байыастарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр доруобуйаларын чэбдигирдэллэригэр өйөбүлү оҥоруу

17.10.2024, 14:31
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан инбэлииттэри чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ 336 байыас уонна кини дьиэ кэргэнин 287 чилиэнэ доруобуйаларын чэбдигирдиигэ сырыттылар. Бу туһунан брифиҥҥэ тустаах киин дириэктэрэ Асида Алексеева иһитиннэрдэ.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай-психологическай уонна социальнай-медицинскэй көмө оҥоһуллар. Бырагыраама эт-хаан социальнай туругун чөлүгэр түһэрэргэ, эмоциональнай уонна мотивационнай эйгэтин оннун булларарга, ураты ирдэбили учуоттаан үлэ усулуобуйатыгар сөп түбэһиитин хааччыйыыга туһаайыллар.

“Биһиги байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гидрокинезотерапия дьарыгын ыытар “Самородок” бассейны кытта үлэлэһэбит. Ону тэҥэ, кииҥҥэ байыастарбыт уонна кини чугас дьонун санааларын бөҕөргөтөр, уоскутар «Арчы» дьиэтин алгыһын сиэрэ-туома ыытыллар”, – диэн киин дириэктэрэ этэр.

Бу кииҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр иһитиннэрэр, сүбэлиир тэрээһиннэр салгыы ыытыллаллар. Биэдэмистибэлэр, тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах барыта 58 көрсүһүү буолла.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: