Балаҕаннаахха улахан хотон тутуллар
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев салайааччылаах бөлөх Балаҕаннаах нэһилиэгэр тутулла турар хотону көрдүлэр.
— «СЭЭС» тыа хаһаайыстыбатын өҥөнү оҥорор кооперативын салайааччыта Петр Владимирович Кардашевскай быйыл 100 ынах киирэр хотонун тутан үлэҕэ киллэрэргэ бэлэм. Хотон тутуутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбата ыытар конкуруһугар кыайан 9 мөл. солкуобайы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ылбыт. Онно эбии тутуу матырыйаалын сыаната үрдээн 1 мөл. солкуобайы кредит, 3 мөл. солкуобайы бэйэ хармааныттан үбүлээн уопсайа 13 мөл. солкуобайга хотонун тутан үлэҕэ киллэрэн эрэр.
Тутуу этэҥҥэ түмүктэннэҕинэ алтынньы ыйга ынахтар саҥа хотоҥҥо кыстыкка киириэхтэрэ.
Билигин Петр Кардашевскай бааһынай хаһаайыстыбатыгар 120 төбө сүөһү, ол иһигэр 39 ыанар ынах баар. Быйыл 48 тонна үүтү туттарарга хантараак баттаспыт, сыл бүтүөр диэри былааны аһара баран, эбии сүбэлэҥ түһэрсэр сыаллаах.
Эдэр фермер Петр Кардашевскай инникитин 150 ыанар ынахха анаан толору механизированнай, аныгылыы тииптээх хотону тутар баҕалаах. «Оннук хотон тутуута быһаарыллара буоллар, 150 симментальскай боруода ынаҕын иитэн, элбэх үүтү туттаран, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатыгар үлэлиэм этэ», — диэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ уонна үбүлээһини быһаарарга көмө өйөбүл наадатын этиннэ.
Эдэр фермер инники былаана, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар баҕата элбэҕи эрэннэрэр.
Быйыл тыа хаһаайыстыбатын стратегическай сессиятыгар этиллибит саҥа ньымалар, киириэхтээх саҥа механизмнар инникитин улуустарга көмө буолуохтара. Тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллүбүт харчыны салгыы сайдарга туһанар кыахтанабыт. Холобура, үүт былааныттан хаалбыт харчы инникитин хотоннору тутууга, ходуһалары оҥорууга, күрүөлэри тутууга, онтон да атын туһалаах сыалга-сорукка туһаныллыаҕа.
Эһиилги сылтан тыа хаһаайыстыбата биир кэлимник улууспутугар сайдарыгар, фермерскай хаһаайыстыбалары өйөөһүҥҥэ болҕомто ууран хабааннаах үлэ ыытыллыаҕа, — диэн баһылык Валерий Николаев телеграмҥа суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: