Бэйэ учаастагын бөҕүнэн толорон тэҥниир сөп дуо?
Дьокуускай куорат улаатар, тэнийэр. Тутуу тэтимнээхтик барар, онон саҥа учаастактары биэрэллэр. Үксүгэр саҥа учаастактар намыһах, бадарааннаах, уулаах-хаардаах сирдэргэ түбэһэллэр. Оччоҕуна учаастагы бас билээччилэр сирбитин хайдах үрдэтэбит диэн толкуйга түһэллэр.
— Учаастагы тугунан толорон, тэҥниэххэ сөбүй?
Ыйытыыга Дьокуускайдааҕы экологияны судаарыстыбаннай кэтээн көрүүгэ кэмитиэтин салайааччытын солбуйааччы Мария Мигалкина маннык хоруйдаата:
— Кэнники сылларга учаастагы, сири араас бөҕүнэн-сыыһынан толорон, тэҥниир буоллулар. Ол курдук, көтүллүбүт дьиэттэн маһы-сыыһы, массыына эргэ кузовын, оннооҕор хомунаалынай тобоҕу кытта туһанар буоллулар. Дьокуускайдааҕы экологияны судаарыстыбаннай кэтээн көрүүгэ кэмитиэтэ ханнык баҕарар тобохторунан сири-хайаҕаһы толоруу бобуулааҕын туһунан сэрэтэр. Толорон тэҥнииргэ айылҕа матырыйаалын эрэ туһаныҥ. Ол курдук, кумаҕы, үлтүркэй тааһы, буору, гравийы. Онуоха уу эбийиэктэрин түгэҕэ уонна кытыла уларыйыа суохтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: