Биэнсийэлээх дьахтар суумкатын былдьаабыт…
Дьокуускай куорат полициятын 2 отделын дьуһуурунай чааһыгар бэҕэһээ киэһээ суумкатын былдьаппыт биэнсийэлээх дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Бу туһунан Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дьахтар Октябрьскай уулуссананан хааман истэҕинэ билбэт киһитэ кэлэн суумкатын былдьаан баран куоппут. Дьахтар суумкатыгар төлөпүөнэ уонна баан каартата баар эбит.
Суһал-ирдиир үлэ түмүгэр, холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччыны, урут сууттана сылдьыбыт 39 саастаах эр киһини туппуттар.
Ол курдук эр киһи автовокзал оройуонугар биэнсийэлээх дьахтары эрдэттэн бэлиэтии көрбүт уонна кэнниттэн батыспыт. Дьиэлэр олбуордарыгар тиийэн дьахтар суумкатын былдьаан баран куоппут. Эмсэҕэлээччи дьахтар сырса сатаахтаабыт да, кыайан сиппэтэх.
Эр киһиэхэ РФ Холуобунай кодексын 161 ыст. 2 чааһынай холуобунай дьыала тэриллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: