Салгыы
Билиэттэр эридьиэстэрэ

Билиэттэр эридьиэстэрэ

23.03.2024, 14:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга уонна улуустарга буолар кэнсиэртэр, гостуруоллар сыаналара араастаһыыта көрөөччүнү билиэт ылыан иннинэ толкуйга түһэрэр. Сыана араастаһыытын ырытан көрүөҕүҥ, дьон санаатын истиэҕиҥ.

Дьокуускай куоракка ты­­йаатырдар сорохторо гостуруол­га барбыттарынан, ускуус­туба киэҥ уораҕайдара атын сирдэртэн кэлэр артыыс­тарга эбэтэр араас тэрээһиннэргэ бэриллэллэр. Онон куорат дьоно култуурунай уонна духуо­бунай өттүнэн тутахсыйбаттар.
Бүгүҥҥү матырыйаалга куорат сорох эрэ тыйаатыр­дарын сыаналарын ырытан көрдөххө, ким эрэ “ити диэн чэпчэки буоллаҕа, биһиэхэ хата Москва буолбатах”, оттон ким эрэ “2 тыһыынча курдук харчыбын билиэккэ биэрэр кыаҕым суох” диэҕэ.
Араас санаа, араас ирдэбил буоллаҕа. Бэйэбит тыйаатыр­дарбыт билиэттэрин сыаната улаханнык халбаҥнаабат. Холобур, 350-500 солкуобайга ама ким баран бэртээхэй испэктээги дуу, туруорууну дуу көрөртөн туттунуой? Хата, билиэт эрдэттэн бүтэн хаалара хомотор.
Оттон биирдиилээн ырыаһыттар кэнсиэртэрэ, чахчыта да, 1500-2000 солк. тиийэр. Онон, көрөөччү син биир бастаан толкуйдуур. Тоҕо наһаа сыаналааҕын ыйыттахха, төрүөт элбэх. Холобур, эстрада ырыаһыта атын тыйаа­тыр сыанатыгар кэнсиэртииригэр ол тыйаатырга сыананы уларсарыгар 480-500 тыһыынча солк. курдугу, оттон атын куораттан артыыһы ыҥырдахха, кини айаныгар, олороругар, аһыгар-үөлүгэр ону сэргэ кэнсиэри уотунан-күөһүнэн хааччы­йыыга уо.д.а. эмиэ туспа төлөбүр оҥоһуллар. Ол түмүгэр билиэт сыаната “үллэн” тахсар.
Көрөөччү ирдэбилэ сылтан сыл аайы улаатар. Ол да иһин, хас биирдии ырыаһыт бэйэтин кэнсиэригэр туох эрэ “изюминканы” киллэрэргэ, көрөөччүнү соһутарга кыһаллар. Аныгы көрөөччү артыыс сыанаҕа кэтэр көстүүмүгэр, сценографияҕа ирдэбилэ улахан. Ол ирдэбилгэ артыыс эппиэт­тиир эрэ буоллаҕына, көрөөччү киниэхэ кэлэр. Сорох кэнсиэр­тэр билиэттэрин сыанатын толуйбаттарын, сорохтор фонограмманан “холтууралыылларын”, репертуардара байытыллыбатын туһунан элбэх киһиттэн истиэххэ сөп.
Онон хас биирдии артыыс, тыйаатыр туруоруулара кө­рөөччү ирдэбилигэр уонна билиэт сыанатыгар эппиэт­тиэхтээхтэр. Оччоҕо эрэ кинилэр көрөөччүлээх буолуох­тара.

Оттон улуустарга?

Улуустарга сыана олох атын. Куорат киэнин курдук буолуо баара дуо? Олохтоох ырыаһыттар уонна биир­диилээн кэлэктииптэр сыаналара, ортотунан, 300-500 солк. курдук. Билигин халлаан лаппа сылыйан, Дьокуускайтан биллэр-көстөр ырыаһыттар улуус­тарынан гостуруоллуу тиийии­лэрэ лаппа элбээтэ. Сүрүннээн Илин эҥээр уонна Бүлүү бөлөх улуустарынан тилийэ көтөллөр. Кинилэр сыаналара эмиэ араастаһар. Биллэр-көстөр ырыаһыттар кэн­сиэртэрэ добуоч­ча үрдүк эрээри, киин куоракка көрдөрүллэр киэннэринээҕэр арыый чэпчэки, удамыр буолара өйдөнүллэр. Ол курдук, кинилэр биир улууска тиийэн баран, нэһилиэктэри кэрийэллэр. Онон хас биирдии нэһилиэккэ дьон тоҕуоруһа кэллэҕинэ, былааннарын толороллор. Кэлиҥҥи кэмҥэ киин куораттан тии­йэр ырыаһыттар кэнсиэртэригэр дьон кэлиитэ лаппа үрдээбитэ иһиллэр.
Тыа сиригэр ыытыллар гостуруоллар хаачыстыбалара хайдаҕый? Улуустарга олорор билэр дьоммутуттан ыйыталаспыппытыгар, үгүстэр урукку курдук үрдүнэн-аннынан гостуруоллаан ааспаттарын туһунан этиннилэр. Бу сөптөөх этии. Тоҕо диэтэххэ, кэлиҥҥи кэмҥэ үгүс улуустар кииннэригэр аныгы кэмҥэ эппиэт­тиир култуура дьиэлэрэ тутуллубуттарын сэргэ, кытыы сытар нэһилиэктэргэ кытары элбээтилэр. Аны бу саҥа эбийиэктэр үгүстэрэ мусукаалынай аныгы оборудованиеларынан толору хааччыллыбыттара эмиэ улаханы быһаарар.

Хоту улуустарга

Хотулар барахсаттар, туох да диэбит иһин, бу өттүгэр арыыланан олороохтууллар. Сөмөлүөт билиэтэ ыараханынан уонна тимир көлөнөн сырыы ырааҕынан сибээстээн, гостуруоллар тиийиилэрэ олох аҕыйах. Өлөөн улууһун олохтооҕо Инна Слепцова: «Тыый, биһиэхэ артыыстар кэлэллэрэ олох сэдэх буоллаҕа. Кинилэр биһиэхэ сандал сааспыт илдьитин курдук дьоннор. Ол эрээри, быйыл Саха тыйаатыра кэлэн, хаһан да көрбөтөх испэктээктэрбитин көрөн олус астынныбыт. Сыаналара да чэпчэки, ама 300-500 солкуобайга сылдьыахпыт суоҕа дуо? Биирдэ эмэ алҕаһатан куоракка тии­йэн сылдьаары гыннахха, би­­лиэт суох буолар. Онон дойдубутугар ытыс үрдүгэр ууран олорон көрөн олус дуоһуйдубут. Уопсайа, биир тыһыынчаҕа бүтүн дьиэнэн сырыттыбыт. Сорох артыыстар биир билиэт­тэрин сыаната бээ, тыһыынчаҕа чугаһыыр буолааччы”, – диэн санаатын үллэстибитэ элбэҕи этэр.
Ол эрээри, хоту улуустарга атын ыраах сиртэн кэлэн гостуруоллаан ааһаллар эбит. Ол курдук, соторутааҕыта, кулун тутар 9 күнүгэр, Чокуурдаах бөһүөлэгэр Иркутскай циркэтэ тиийэн, бэртээхэй кэнсиэри көрдөрөн соһуппут. Ордук оҕо аймах үөрэн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт. Иркутскай курдук ыраах сиртэн кэлэн, буолаары буолан, циркэ гостуруоллуур буоллаҕына, Дьокуускайтан да сыал-сорук туруоруммуттар уһук хоту тиийэр кыахтаахтара буолуо. Манна сөптөөх болҕомто ууруллара уолдьаспыт.

Владимир Охлопков, Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатырын дириэк­тэрэ:
– Биһиги тыйаатырбытыгар билиэт сыаната, ортотунан ыллахха, 350 солкуобай буолар. Улуустарынан гостуруол­га тиийдэхпитинэ, көрөөччүлэрбит 250 солкуобайы төлөөн киирэл­лэр. Ону таһынан, элбэх оҕолоох, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Пушкин каартата эмиэ үлэлиир. Биһиги Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра буоларбыт быһыытынан, элбэх оҕону, ыччаты тыйаатыр ускуустубатыгар иитэр, тыйаатырга сылдьыы култууратын иҥэрэр соруктаахпыт. Онон даҕаны оҕолорбутугар чэпчэтиилээх билиэттэр көрүллэллэр.

Ульяна Макарова, куорат көрөөччүтэ:
– Дьокуускайга билиэт сыаната, тоҕотун киһи кыайан быһаар­батын курдук, араас буолар. Ааттаах-суоллаах ырыаһыттар кэнсиэртэригэр 1500-2000 солк. буолар, ханнык эрээккэ, миэстэҕэ ыларгыттан. Оттон хомуур кэнсиэр­тэргэ сылдьыбат буолбутум ыраатта. Билиэт сыанатын толуйбаттар. Үчүгэй сюжетнай линиялаах кэнсиэр аҕыйах. Үксүлэрэ фонограмманан ыллыыллар уонна билиэттэрэ олус сыана­лаах буолар. Онно дьиэ кэргэнинэн барыахха диэтэххэ, ороскуота улахан.
Дьүөгэбэр Намҥа тахса сылдьан биир саҥа биллэн эрэр ырыаһыт кэнсиэригэр сырыттым. Баҕар, тыа сиригэр билиэт куораттааҕар чэпчэки буолуо диэн санаа баара. Биир тыһыынча эбит. Чэ, буоллун, ол эрээри, билиэти ыраас харчынан эрэ төлөөтөххүнэ, сылдьар эбиккин. Мобильнай баанынан да, Пушкин каартатынан да ылбаттар. Ол аата, нолуоктан куотаары, барыһыра түһээри гынар буоллахтара. Дьиҥэр, ити сыыһа. Пушкин каартатынан элбэх ыччат сылдьыа хааллаҕа. Чэ, итинник, күүппэтэх өттүттэн моһоллор баар буолааччылар.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: