Салгыы
Борокуратуура көмөлөһөн, Амма олохтооҕо байыаннай дьайыы бэтэрээнин дастабырыанньатын тутта

Борокуратуура көмөлөһөн, Амма олохтооҕо байыаннай дьайыы бэтэрээнин дастабырыанньатын тутта

Ааптар:
11.03.2024, 14:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

СӨ Борокуратуурата көмөлөһөн, Сирияҕа байыаннай дьайыыга кыттыбыт Амма олохтооҕо байыаннай дьайыы бэтэрээнэ буоларын дакаастыыр дастабырыанньатын тутта.

Амма оройуоннааҕы борокуратууратыгар олохтоох киһи быраабын көмүскүүргэ сайабылыанньаласпыт. Биллибитинэн, бу киһи Сирийскэй Арабскай Өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт, мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

Кинини наҕараадалыыр бирикээскэ аатын сыыһа суруйан кэбиһэннэр, байыаннай дьайыы бэтэрээнэ буоларын туоһулуур дастабырыанньатын биэрбэтэхтэр. Онон бу киһи сокуонунан көрүллүбүт льготалары уонна гарантиялары сатаан туһаммат кыахтаммыт.

Борокуратуура суукка сайабылыанньаласпыт киһи «Участнику военной операции в Сирии» мэтээлинэн наҕараадаланарын туһунан дастабырыанньата дьиҥнээх буоларын туһунан иск түһэрбит.

Суут борокуруор сайабылыанньатын ылыммыт. Онон борокуратуура көмөтүнэн сайабылыанньаласпыт киһи байыаннай дьайыы бэтэрээнин дастабырыанньатын ылан, туох баар бырааба сөргүтүллүбүт диэн СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: