«Будущий дипломат» таһымын үрдэтэргэ бэрэсидьиэн өйөбүлүгэр эрэнэллэр

«Будущий дипломат» таһымын үрдэтэргэ бэрэсидьиэн өйөбүлүгэр эрэнэллэр

14.03.2024, 13:08
Бөлөххө киир:

Үөрэнээччилэр “Будущий дипломат”  куонкурустарын  Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымныырга баҕараллар.

Итинник быһаарыныы элбэх ыччат бэлиитикэ боппуруостарыгар ордук бэлэмнээх буоларыгар  көмөлөһүө этэ диэн дойдубут дипломатияҕа сулууспатын сүбэһитэ Николай Дьяконов бигэ санаалаах. 2000 сылларга Дьокуускайга Арассыыйа Омуктар дьыалаларыгар министиэристибэтин бастакы бэрэстэбиитэлинэн буолбут Николай Дьяконов ити этиитин Дьокуускайга Владимир Путин уопсастыбаннай  приемнайыгар киллэрдэ.

Билигин “Будущий дипломат” куонкурус Саха сирин бары улуустарын  (ол иһигэр, саамай ыраах сытааччыларын) уһулуччу талааннаах үөрэнээччилэригэр бэлиитикэ уонна уопсастыба эйгэтигэр ситиһиилээх карьераны саҕалыылларыгар былаһаакканан буолар.

Хайыы үйэ уонтан тахса сыл устата куонкурус кыайыылааҕа наҕараада быһыытынан Арассыыйа кэскиллээх үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар – Арассыыйа Омуктар дьыалаларыгар  министиэристибэтин Дипломатическай академиятыгар эбэтэр МГИМО-ҕа босхо үөрэнэр быраабы ылан кэллэ. Кинилэр салгыы Арассыыйа уонна омук дойдуларын судаарыстыбаннай уонна чааһынай хампаанньаларыгар үлэлииллэр эбэтэр биһиги дойдубутун аан дойдуга билиһиннэрэн, дипломатическай үлэнэн дьарыктаналлар. Ону таһынан “Будущий дипломат» куонкурус хас да финалиһа билигин судаарыстыбаннай былаас уорганнарыгар үлэлии сылдьар.

Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, куонкурус сүрүн соруга – дипломатическай үлэҕэ дьоҕурдаах оҕолору булуу, эдэр көлүөнэҕэ бэлиитикэҕэ уонна аан дойдутааҕы сыһыаҥҥа  интэриэһи тардыы. Ону таһынан, “Будущий дипаломат” үөрэнээччилэри патриотическай тыыҥҥа иитиигэ уонна судаарыстыба, аан дойду устуоруйатын билиигэ хайысхаланар.

Саха сириттэн төһө талааннаах оҕо куонкурус көмөтүнэн олоххо суолун тэлбитин ырытан баран, Николай Дьяконов бу боппуруоска Владимир Путинтан өйөбүлэ наадатын бэлиэтиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: