Быйыл Эдьигээҥҥэ этнокултуурунай киин уонна успуорт комплекса үлэҕэ киириэхтэрэ
Кулун тутар 5-11 күннэригэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт тэрээһиннэр салҕаналлар.
Бу күннэргэ Сэбиэскэй уонна Арассыыйа успуордун номоххо киирбит спортсмена, 1972 сыллааҕы Мюнхеннааҕы Олимпиада көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, 1976 сыллааҕы Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуу үрүҥ көмүс призера, Аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ, ССРС түһүлгэтин алта төгүллээх кыайыылааҕа Роман Дмитриевка анаан Ил Түмэҥҥэ «төгүрүк остуол» ыытылынна.
Мунньах кэмигэр Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Эдьигээҥҥэ бу сыл иккис кыбаарталыгар этнокултуурунай киин, оттон сыл төрдүс кыбаарталыгар Роман Дмитриев аатынан успуорт комплекса үлэҕэ киирэрэ былааннанарын туһунан иһитиннэрдэ. Ону кытта өрөспүүбүлүкэтээҕи училище эбийиэктэрин өрөмүөннүүр үлэлэрэ ыытыллаллар.
Бу сыл устата Р.М. Дмитриев аатын үйэтитэн «Дмитриевские чтения «Наука побеждать» норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ, көҥүл тустууга уонна тириэньэрдэр-преподавателлэр икки ардыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус тэрээһиннэрэ ыытыллыахтара. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: