Салгыы
«Бүлүү» федеральнай айан суолугар киһи өлүүлээх суол быһылаана таҕыста

«Бүлүү» федеральнай айан суолугар киһи өлүүлээх суол быһылаана таҕыста

Ааптар:
09.10.2024, 11:00
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр суукка иһигэр 4 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.

Дьокуускай куоракка Дзержинскай аатынан уулуссаҕа  быһаҕынан анньылыбыт эр киһи балыыһаҕа киирдэ. 1978 с.т. уорбаланааччы тутулунна.

Киин куоракка уонна Миринэйгэ уоруу түбэлтэлэрэ бэлиэтэннэ, ол иһигэр баан счетуттан 1,5 мөл. солк. тахса харчы уорулунна.

Дьокуускай куоракка иккиһин итирик туруктаах сылдьан уруулга олорбут суоппар тутулунна. 

«Восточная Денисовская» шахтаҕа 2003 с.т. эр киһи өлбүтүн чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар.

Горнай улууһугар «Бүлүү» федеральнай айан суолун 259 км 1971 с.т. суоппар «Камаз» массыынанан түҥнэһиннэ. Саахал түмүгэр суоппар миэстэтигэр суорума суолламыт.

Сууккаҕа итирик туруктаах сылдьан уруулга олорбут 10 суоппар тутулунна.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
13
+1
3
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: