Салгыы
Быыспын аргыый арыйдым ээ…

Быыспын аргыый арыйдым ээ…

27.03.2024, 17:30
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүтүн  Тыйаатыр аан дойдутааҕы күнүгэр биһиги ыалдьыппыт—СӨ норуодунай артыыһа, саха эстрадатыгар суос-соҕотох пародист Александр Бурнашов.

— Дьэ, эрэ бэрт өр күүттүгүт быһыылаах, атастаар! Кинигэ суруйуом диэбитим ыраатта. Ол кырдьык, 2015 сыллаахха мин аан бастакыбын санаам баҕатын быктаран турабын. Кинигэ сүнньэ суруллан да бүппүтэ. Ол эрээри айар үлэ уонна айар кут быстыспаттарын курдук, маарынныыллар да эбит. Саҥа толкуйдаан оҥоро сылдьарыҥ туга эрэ итэҕэс, аанньа сиппэт, толорута суох курдук санаа барытын туура соторо ырыаһыкка да, суруксукка да баар буоларын билигин биллэҕим. Ол иһин мин суруйбут кинигэм хаста-хаста хос-хос суруллубутун эһиги билбэккит. Ити барыта аастаҕа, билигин илиибэр эппинэн-хааммынан иэйэн туран бооччойбут үлэбин тутан олордоҕум.

— Эҕэрдэ, Александр Валерьевич! Кинигэҥ күн сирин көрбүтүнэн!

— Махтанабын, миигин артыыс киһини симитиннэримэ, көннөрү ааппынан ааттаа, онтон өһүргэммэппин, төттөрүтүн үөрэбин буоллаҕа…

— Оччотугар, Александр, эн сааһыҥ тухары тыйаатырга сулууспалаабыт киһигин. Билигин, уурайдаргын да, тыйаатырга өҥөҥ, сыраҥ курдары көстөр буолан, син биир эйигин норуотуҥ ону кытта ситимниир. Эҕэрдэлиибин итиэннэ кистэлэ суох кытаанах ыйытыктардаах олоробун…

— Баһаалыста, мин аһаҕаспын…

— Кинигэни арыйаат да, ити эстрада тыйаатырыгар хайдыһыыны тугу диирэ буоллар диэн көрдөөтүм да…

— Ону баҕас булбаккын. Мин үҥсэргиир дуу, сэтэриир да санаам суох. Ис сүрэхпиттэн толкуйбун эппитим—бүттэ. Оттон салалта диэн… бүгүн ол дуоһунаска биир киһи, сарсын иккис киһи… Бу солобун сааһым тухары тутан олорон таҥара курдукка кубулуйуом диир сатаммат. Олох ирдэбилэ, артыыстааҕар дириэктэр солбуллара элбэҕэ биллэр суол буолбат дуо? Ону кэнэҕэскитин норуот бэйэтэ сааһылыа. Мин да, ким эрэ буолбатах. Сүүстэ айдаар, ытаа да, ыллаа да… олох бэйэтин хаамыытынан син биир баран иһиэ.

— Оччоҕо эстрада … эйигинэ суох?

— Тоҕо миигинэ суох буолуой? Баарбын дии, миигин, тыйаатыр иһигэр харчылаах үлэһит да буолбатарбын, дьонум-сэргэм, өрөспүүбүлүкэ кулууптара баарын тухары, син биир күүтүө дии. Мин онно сатыы да тиийиэм, ырыабын ыллыам, күлүүбүн-оонньуубун бэлэхтиэм. Кимтэн да тутулугум суох. Ол аата мин нөҥүө эстрада сайдыытын, уларыйыытын сатаан иилэн көрөр дьон баар буолуохтара.

— Саҥа бырайыактардааххын дуу?

— Оо, уруут-уруккуттан, оттон сайда сатаан, уларыйар-тэлэрийэр баҕаттан, дьону үөрдэ сылдьаары күн-түүн өйүм-санаам онуоха эрэ түмүллэр кыдьыктаахпын. Онон билигин да соһуталыам инники диибин.

— Оттон дьиэ-уот өттүнэн хайдаххытый?

— Дьиэм, олбуорум, оһоҕум, онтум-мантым… диэбитинэн сылдьар саха киһитин быһыытынан быһа-хото эппэккэ, этэҥҥэбит диибин. Ийэбит эмиэ айар-тутар, оҕолор кэмнэринэн, кыралар бороохтуйан иһэллэр, ыал аайы курдук күө-дьаа олохтоохпут, аймахтарбытыттан быстыбаппыт, бары бииргэбит.

— Тыйаатыр диэн … солотуу буоллаҕа дии. Күлүмүрэ-халамыра дьиктитэ. Онто суох… сатаан олоруоҥ эбит дуу?

—Суох буоллаҕа дии. Оонньоон этэбин ээ, барыта күлүмүрдэһи, уоту-күөһү, стразалары, фольгалары, үрүҥ-кыһыл көмүһүнэн үлүһүйүүнү наһаа таптыыбын диэн. Дьиҥ иһигэр отой сөбүлээбэппин. Ол гынан баран үлэҥ, дьарыгыҥ ирдэбилэ атын буоллаҕа дии, ону хайдах аахсыам суоҕай? Мин классическай тыйаатыр ирдэбилин сокуон оҥостобун. Онуоха оҕо эрдэхпиттэн такайылыннаҕым. Эстрада диэн чахчы күлүмүрдэс, көннөрү дьиэҕэ суох чаҕылыҥнас көстүү. Ол иһин көрөөччү сөҕөр-махтайар, соһуйар-өмүрэр. Ол булгуччу умнуллуо суохтаах.

— Эн Сахаайалыын тапталыҥ туһунан бу кинигэҕэр суруйдуҥ дуо?

— Тыый, онто суох табыллыбаппыт буоллаҕа, суруйумуна! Араас тапталбын барытын эппитим, ааҕаарыҥ эрэ, сыныйан!

— Ноо! Оттон Эдьиий Марыынаны баҕас аҕыннаҕыҥ дии?

— Ама дуу? Булгуччу буоллаҕа! Дьэ, эдьиийдэрбин көрүдьүөс да түгэннэрин, көннөрү дьон билбэт өттүлэрин суруйдум аҕай! Ол иһин быыһы сэгэтэбит буоллаҕа дии…

— Оо, аны барыларын суруйан кэбиһэҥҥин, кэнники мемуаргар аны матырыйаалыҥ тиийиэ суоҕа дуу?

— Ыы, бу да киһи эттэххин. Сэһэн-тэппэн саҥа саҕаланнаҕа. Дьэ буоллаҕа дии, айах аһыллан, уос өһүллэн… Ону төлө туттуҥ да, ай-йуу, барыта тахсан кэлэр “кутталлаах”! Оонньоон этэбин, ааҕаарыҥ уонна сыаналаарыҥ. Хаһааҥҥы эрэ мемуар туһугар кыһаллымаҥ, билигин да этиллибэтэх элбэх буоллаҕа эбээт!

— Оттон Сахаайа… кинигэ суруйуон сөп дуу?

—Ама дуу? Суруйа соруннаҕына тоҕо табыллыа суоҕай? Кини этэрэ миэнинээҕэр ордук дириҥ уонна ураты буолуон сөп.  Эдэр артыыстарга кини үөрэтэрэ элбэх буолуо дии саныыбын. Тоҕо даа? Оттон кини үөрэммитэ элбэҕэ! Биһиэхэ кини курдук билиини сомсубут идэлээхпит суох! Ыччат үөрэнэрэ наһаа наадалаах! Соҕотох училищенан, биир кууруһунан муҥурданар… билиҥҥи кэмҥэ хотторуулаах буолуон сөп. Итиэннэ уруккута суох билиҥҥи диэн суох! Ону өйдүүр киһи эстрадаҕа үлэлээн бэйэтин кылаатын киллэрэр кыахтаах. Ону билбэт, мусуойу өҥөйөн туран: “Уой, бу кимий?”—диэн ыйытар артыыс сыанаҕа тахсыа суохтаах. Кини билиилээх уонна үөрэхтээх, сайдыылаах буолуохтаах. Ити мин тус санаам.

— Оттон эн эдэрдэри кытта алтыһаҕын дуу?

— Ама даҕаны, мин курдук кими да атарахсыппат, талаанынан, дьоҕурунан көрөн, мэлдьи бииргэ тутуһан барыны айар-тутар киһи суох ини!

— Оттон, Александр, оҕолоргут артыыс буолуохтара дуу?

— Оо, Ганябыт биһиэнэ чугаһыа суоҕа диэн билэбин. Оҕобут барахсан ол-бу кулиса кэтэҕэр турар олоппоско элбэхтик утуйбут дьылҕалаах, омуннаах артыыстар алҕас үрдүгэр кэлэн олоро биэриэхтэригэр диэри. Санычпыт ыллаан-үҥкүүлээн турдаҕына дьэ, сэниэлээх  артыыс буолара буолуо. Оттон кырабыт, муннубут бүөтэ, наһаа чуумпу Сахаайабыт хайдах эрэ ийэтигэр маарынныыр, ордук өйдөөх баҕайы харахтарынан омнуолуурдуу көрдөҕүнэ ыалдьыттарбыт күлэллэр, куруук соһуйаллар: “Бу кыыс мааматын курдук дии”,—дэһэллэр. Айылҕа оннук айар буоллаҕа, туох да диэбэппин…

 — Александр, дьоллоох киһигин дии! Үбүлүөйдээх сылгар улууканнаах кэнсиэр да, аны кинигэ да, өссө туохтааххыный?

— Ааҕаарыҥ, кинигэбин, оччоҕо кэпсэтиэхпит! Онуоха диэри киинэ артыыһа да буоллахха тугуй?

— Ааҕааччыларгар тугу баҕарыаҥ этэй?

— Култуура күнэ, Тыйаатыр күнэ, Бурнаһуоп кинигэтэ барыта кулун тутарга, сахаларга ытык Дьөһөгөй ыйыгар тосхойдо! Онон кытаатыаҕыҥ, баай-байдам буолуоҕуҥ үтүө ыраас санаанан, чөл-чэгиэн буолуоҕуҥ ис турукпутунан!

— Ээ, көрүдьүөс соҕус баҕа санааҥ суох?

—Баар! Бука баһаалыста мин… баар-суох эбэбиттэн кэлбит Бурнаһуоп диэн араспаанньабын апыысаларга, биллэриилэргэ таба суруйар буолуҥ эрэ: БурнашОв диэн!!! Оччоҕо төрүт ытык дьонум төһө эрэ үөрүөх этилэрэй?

 Анньыыһын Нустуруойап

+1
7
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: