Чурапчы улууһун дьоно-сэргэтэ көһө сылдьар биригээдэҕэ махтаналлар
Чурапчы улууһун эмчиттэрэ быйыл көһө сылдьар мэдиссиинискэй комплекстарынан ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар элбэхтик сырыттылар. Онон, билигин эмтэнээччилэр, чуолаан кырдьаҕастар доруобуйаларын туругун көрдөрөллөрүгэр оройуон киинигэр киирбэттэр.
Ол эбэтэр, кинилэри миэстэтигэр исписэлиистэр биригээдэлэрэ — терапевт, эндокринолог, педиатр, окулист, функционалист, оториноларинголог, акушер-гинеколог, Узи быраастара көрөллөр.
Соторутааҕыта мэдиссиинискэй биригээдэ Хадаар сэлиэнньэтигэр тиийэн, 142 киһи доруобуйатын көрдө-иһиттэ. Ол түмүгүнэн кинилэртэн 8 киһи киин куоракка эбии чинчийиигэ барар буолла.
“Нэһилиэктэр олохтоохторо быраастар кэлэллэриттэн олус үөрэллэр. Модернизация бырагырааматын көмөтүнэн нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинискэй көмөнү оҥоробут уонна ыарыыны сэрэтэр дьаһаллар, диспансеризация, быһыыны биэрии былааннарын толоробут”, — диэн Чурапчы улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Артем Михайлович Ксенофонтов иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: