Чурапчы улууһун ийэлэрэ кыайыы туһугар түмүстүлэр

Чурапчы улууһун ийэлэрэ кыайыы туһугар түмүстүлэр

Ааптар:
16.11.2022, 09:00
Бөлөххө киир:

Бу кэмнэргэ Саха сирин дьоно-сэргэтэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннай эпэрээссийэни ыытар туһунан дьаһала дойду кимтэн да тутулуга суох буолуутун көмүскүүр, Арассыыйаҕа куттал суоһаабатын, сирэ-уота чөл буоларын туһугар, Донбасска олорор норуоттары уонна Украина босхоломмут сирдэрин өйүүр сыалтан ылыллыбытын өйдөөн уонна өйөөн, туох кыаллар көмөнү оҥорууга кыттар.

Чурапчы улууһун Дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, мобилизацияламмыттарга көмө боппуруостарыгар тэриллибит улуус хамыыһыйатын састаабыгар үлэлии сылдьар Анастасия Ивановна Афанасьева нацизм уонна фашизм биһиги дойдубутугар өтөн киирбэтин туһугар “Чурапчы улууһун ийэлэрэ, бары дьахталлара бары биир сомоҕо буоламмыт, кыахпыт, күүспүт тиийэринэн кыайыы туһугар көмөлөһө сылдьабыт” диэн “Саха сирэ” саайтка санаатын үллэһиннэ.
— Анастасия Ивановна, улуус дьахталларын уопсастыбаннай түмсүүлэрэ дойду үрдүнэн ыытыллыбыт быстах хомуурунан барбыт дьоммутугар анаан көмөнү оҥорууга хайдах кытта сылдьалларый?
— Бу үлэни улуус уопсастыбаннай сүбэтэ (бэрэссэдээтэл Иванова Екатерина Семеновна) сүрүннээн ыытта. Мобилизацияламмыттарга көмө үс хайысханан барда. Ол курдук сүбэлиир, быһаарар консультационнай үлэ, тус аадырыстаах харчынан көмө уонна гуманитарнай көмө диэн.
— Улууска дьахталлар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ балачча элбэх буолуо. Олортон ордук кимнээх күүскэ көмөлөһө сылдьалларый?
— Улуус дьахталларын сүбэтэ, “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын улуустааҕы салаата, «Автоледи”, “Общество деловых женщин”, “Дархаана” түмсүүлэр, “Ыччат түмсүүтэ” көхтөөхтүк кытыннылар.
— Быһа барыллаан, төһө көмө хомуллан тиксэрилиннэ?
— Күн бүгүн көмөнү тутар пууҥҥа 668 377солк. суумалаах гуманитарнай көмө киирдэ. Мантан тэрилтэлэртэн уу харчынан 59 000 солк. аһымал счетка киирбитэ, ону таһынан, 16 800 дьахтар сүбэтэ тэрийэн ыыппыт уруһуй күрэҕин взноһа киирэн, уопсайа 75 800 солк үп түмүллүбүтэ. Мобилизацияланан барбыт уолаттарбытыгар Уссурискайга делегация барарынан анал улахан үрүсээктэри атыылаһан, киирбит көмөттөн набор оҥорон ыыппыппыт. Итини сэргэ бааһырбыт саллааттарга көмөлөһөр волонтерскай ыстаапка харчынан көмө тиксэрбиппит. Мобилизацияҕа сылдьар Чурапчы уолаттарыгар бэйэтэ сылыйар модуллаах ис таҥастары сакаастаатыбыт.
— Бу күннэргэ өссө туох үлэлэргэ кытта сылдьаҕытый?
— Билигин ити пууммутугар көмөнөн киирбит набордар бааллар. Балары эмиэ уолаттарбытыгар тиксэриэхпит. Манна эмп, аптечка, халыҥ ис таҥас, наскы, сылаас угунньа, балаклава, утуйар мөһөөччүктэр, сотовай “деревяшка» төлөпүөннэр бааллар.
Пуун үлэтигэр улуус атын тэрилтэлэриттэн кытыннылар дуо?
— Кыттан буоллаҕа дии, ким туора туруой… Барыта 36 тэрилтэ, 6 киһи, уопсастыбаннай 8  түмсүү, 2 чааһынай тэрилтэ көмөлөстүлэр, көмөлөһө да сылдьаллар. Улууспут баһылыга Степан Саргыдаев бу боппуруоһу тус хонтуруолугар тутар буолан, тэрилтэлэр, бары нэһилиэктэр, биирдиилээн да дьон бары күүс-көмө буола сылдьаллар. Этэргэ дылы, «норуот күүһэ —  көмүөл күүһэ». Онон ытык иэстэрин толорон инники кирбиигэ туруулаһа сылдьар уолаттарбытыгар бу курдук күүс-көмө буоламмыт, биһиги дойдубут хайаан да кыайыа диэн эрэллээхпит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: