Салгыы
Чурапчыга өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан дьиэ кэргэн МФЦ-та аһылынна

Чурапчыга өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан дьиэ кэргэн МФЦ-та аһылынна

Ааптар:
30.01.2024, 17:59
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, тохсунньу 30 күнүгэр, Чурапчы сэлиэнньэтигэр Саха сиригэр бастакынан уонна Уһук Илиҥҥэ иккиһинэн дьиэ кэргэн элбэх функциялаах киинин астылар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

«Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа биллэрбит Дьиэ кэргэн сылыгар, Саха сиригэр биллэриллибит Оҕо сылыгар, Чурапчыга биллэриллибит дьиэ кэргэни өйөөһүн сылыгар бу бэлиэ түгэн буолла», — диэн Айсен Николаев бэлиэтиир.

Саҥа МФЦ үс этээстээх, манна олоххо уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэни өйүүргэ барыта баар. Чурапчы олохтоохторо оҕо үөрэҕиттэн саҕалаан үлэ буларга тиийэ кииҥҥэ ыйыталаһа кэлиэхтэрин сөп.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: