“Дойдум аһа” сыаҕыттан
Маҕаһыыннарга сырыттахха, улахан лаардарга «Дойдум аһа» диэн ааттаах эриллибит эт, кэтилиэт, бэлимиэн арааһа элбэх буолааччы. Мин испэр, бу тыа сиригэр олорор дьон дойдуларыгар оҥорон манна атыылыыр буоллахтара дии саныырым.
Саха дьоно оҥорон таһаарар бородууксуйалара кэлии аһы-үөлү кытта тэҥҥэ хамаҕатык атыыланарын үөрэ-астына көрөөччүбүн. Бүгүн, Дьокуускайга ньиргиччи үлэлии олорор “Дойдум аһа” сыаҕар сылдьан көрөргө-истэргэ быһаарынным. Салайааччы Саргылаана Григорьеваны кытта сибээстэһэн, Покровскай тракка баар тэрилтэ сыаҕар тиийдим. Сайыҥҥы верандалаах уһун дьиэ аҥаара – кафе, аҥаара – маҕаһыын. Эт бородууксуйатын оҥорор сыахтара, эт хаһаанар, атыылыыр баазалара эмиэ манна баар эбит. Кэҥэс олбуорга улахан контейнердар туралларын көрөн аһардым. Быһата, тэрилтэ чахчы олохтоохтук оҥостон ньиргиччи үлэлии олорор эбит.
Сыахха киириибэр, миигин Саргылаана Николаевна утары көрүстэ. Киирээти кытта маҕаһыын, улахан кэтит лаардар тилэри тардыллыбыттар. Хаҥас түгэххэ тэрилтэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын дьоҕус кафета үлэлиир. Соммун устан, сыахха ааһаары турдахпына, анал бэргэһэ, халаат аҕалан кэтэртилэр.
«Ийээ, эн эрэ бэлимиэниҥ саамай үчүгэй!»
— 2012 сыллаахха бу тэрилтэни арыйарга санаммытым. Бэйэм экэнэмииспин, идэбинэн сөптөөх үлэни булбакка олорбутум, – диэн Саргылаана Николаевна кэпсиир. – Оҕом бэлимиэнтэн атыны сиэбэт буолан, оҕобор куруук бэйэм астыыр этим. Дьокуускайга атыыланар бары бэлимиэни барытын боруобалаабыппыт да, амтаннарын олох сөбүлээбэтэхпит. Оҕом «ийээ, эн эрэ бэлимиэниҥ саамай үчүгэй» диирэ. Онтон кынаттанан эбитэ дуу, аан бастаан “Күнчээн” диэн бэлимиэнтэн саҕалаабытым. Ол курдук уон сыллааҕыта атырдьах ыйыгар эдьиийим, балтым көмөлөрүнэн, соята суох, дьиҥнээх эриллибит эт начыыннаах бэлимиэни оҥорон саҕалаабыппыт. Сыл устата илиинэн оҥорон кэлбиппит. Илиинэн төһөнү оҥоруохпутуй? Аҕыйаҕы маҕаһыыҥҥа туттарар этибит, начаас бүтэн хаалара. Ханнык даҕаны анал тэрилэ суох наар илиинэн үлэлии олорбуппут. Киһи соҕотох оҥорон син биир ырааппат эбит. Инньэ гынан, Амматтан бырааппын, эдьиийбин ыҥыран сыыйа кэҥээн барбыппыт. Кинилэр кэлэннэр, дьоҥҥо тиэрдэн биэрии өҥөтүн оҥорон, бородууксуйабытын элбэтэн барбыппыт.
2012 сыллаахха Автодорожнай уулуссаҕа астыыр сирбитин куортамныыр этибит. Онтон 2019 сыллаахха бу билиҥҥи баазабытын атыыласпыппыт. Бу сирбит уруккута эмиэ оҥорон таһаарар сыах этэ. Билигин эттэн бородууксуйаны оҥорон таһаарар уонтан тахса аппарааттаахпын, отуттан тахса үлэһиттээхпин. Биһиги дойду сириттэн төрүттээх буоламмыт, тэрилтэбитин «Дойдум аһа» диэн ааттаабыппыт. Эппитин-аспытын улуустары, чуолаан, Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгин ТХПК-тын кытта уонна чааһынай дьону кытта эмиэ дуогабардаһан ылабыт.
Күн быһыылаах бэлимиэннэр, кыстаммыт кэтилиэттэр
Халаат, бэргэһэ кэппит киһи астыыр сыахха киирдим. Үлэһиттэр эдэрдэр, сэргэхтэр. Эт астыыр сыахха киирбитим, улахан тэрилгэ эдэр оҕо эт эрийэн тигинэтэ турар, кини аттыгар икки уол миэстэнэн сылдьар эттэри эрбэтэ-эрбэтэ киниэхэ биэрэллэр. Салгыы кэтилиэт, тэптиэл оҥорор салааҕа ааһабыт. Улахан тимир остуолга уонча дьахтар илиилэринэн кэтилиэт оҥоро олороллор эбит. Оҥорбут бородууксуйаларын барытын эрээтинэн кыстаабыттар. Сыах иһэ ырааһа, киэҥэ сөхтөрдө. Салгыы бэлимиэн оҥорор улахан тэрили көрө бардыбыт. Маннык тэрили урут тэлэбиисэргэ ханнык эрэ биэриигэ көрбүттээҕим. Улахан тимир хорууда устун күн курдук быһыылаах бэлимиэннэр төкүнүһэн түһэллэр. Кэккэлэһэ саалаҕа асчыт уол бурдук ас арааһын астыы сылдьар.
Саргылаана Николаевна:
– Кафебытыгар дьон хото кэлэн аһыыр, бэлэм буспут аһы дьиэлэригэр да атыылаһан илдьэллэр. Онон кэҥэтэр санаалаахпыт, улахан сааланы өрөмүөннээн онно көһүөхтээхпит, – диэн сыах кэтэҕинэн кэҥэс хоһу арыйан көрдөрдө.
Чахчы билигин үлэлии турар кафелара кыараҕас, улахан аҥаарын маҕаһыын ылар. Маҕаһыыҥҥа үрүҥ ас арааһа, барыанньалар, Кэмпэндээйи тууһа, онноооҕор «Доҕор» диэн сахалыы ааттаах ыт аһыгар тиийэ атыыланаллар эбит. Маҕаһыыны тилэри улахан лаарга “Дойдум аһа” бэйэтэ оҥорбут бородууксуйата киэҥник тэлгэнэн сытар.
Хаачыстыбалаах бородууксуйаны – бар дьоммутугар
— Биһиги үлэбит дьыл кэмиттэн тутулуктаах. Күһүөрү кыһын идэһэ өлүүтэ дьон-сэргэ эттэнэр-астанар кэмигэр биһиги арыый сынньанабыт. Онтон дьэ, сааскыттан саҕалаан күһүҥҥэ диэри кэтилиэти, бэлимиэни, тэптиэли хото ылаллар. Бу кэмҥэ ньиргиччи үлэлиибит. Улуустарга, Дьокуускай куорат бары туочукатыгар тиэрдэбит. Биһиги маҕаһыыммытыгар үрүҥ ас, эт ас арааһа, саха мүөтэ, барыанньата барыта баар. Тыа сирин ТХПК-ларын кытта дуогабардаһан маҕаһыыммытыгар бородууксуйалары эмиэ тутабыт. Сахабыт сирин олохтоохторугар хаачыстыбалаах бородууксуйаны тиэрдэргэ кыһанабыт, ол туһугар кыһамньылаахтык үлэлиибит, – диэн “Дойдум аһа” тэрилтэ салайааччыта Саргылаана Григорьева санаатын үллэһиннэ. Оттон мин «Дойдум аһа” сыах үлэтигэр-хамнаһыгар ситиһиини баҕарабын. Сахабыт аһа-үөлэ дэлэйэ турдун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: