Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр дьадайыыны утары охсуһуу боппуруоһун ырытыстылар
В.А. Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин салалтатын уонна үлэһиттэрин көҕүлээһининэн, алтынньы 17 күнүгэр “СӨ дьадайыыны утары үлэ миэрэлэрин туһунан” Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕын ырытыһыыга стратегическай сиэссийэни тэрийэн ыыттылар.
Көрсүһүүгэ эдэр преподавателлэр уонна араас куурус, салаа устудьуоннара кытыннылар. Спикер уонна эспиэр быһыытынан СӨ Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Лена Павловна Ефремованы, СӨ Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин Идэлээх сойуустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин исписэлииһэ Светлана Валентиновна Петрованы ыҥырбыттар.
Стратегическай сиэссийэ сүрүн соругунан хамаандалар уонна сүбэһиттэр, эспиэртэр уопсай күүстэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыыны утары охсуһуу суолларын тобулуу буолар. Сиэссийэҕэ устудьуоннартан уонна преподавателлэртэн турар барыта 5 хамаанда кытынна.
Кыттааччылар көрсүһүү тиэмэтин сэҥээрдилэр, көхтөөхтүк кытыннылар. Ырытыһыы кэмигэр маннык суолталаах боппуруостары таарыйдылар, көрдүлэр:
— дьадайыы диэн тугуй?
— дьадайыы төрүөтэ уонна суола?
— дьадайыыны утары хайдах охсуһабыт?
— Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин устудьуоннарын ортотугар, эйгэтигэр дьадайыы төрүөтэ.
Сиэссийэ кыттыылаахтара Арассыыйаҕа уонна өрөспүүбүлүкэҕэ дьон туохтан маассабайдык дьадайарын, ол дойду экэниэмикэтигэр уонна уопсастыбаҕа охсуутун болҕомтолоохтук ырытан көрдүлэр итиэннэ ону туоратар суоллар барыйааннарын эттилэр. Маныаха дьадайыыны утары үлэ туспа хайысханан буолбакка, билими кытта бииргэ сүбэлэһиллибит дьадайыыны утары охсуһуу бырагырааматыгар сөп түбэһэн барыахтааҕар болҕомто уурдулар.
Сиэссийэ түмүгүнэн маннык сүбэлэри, этиилэри оҥордулар:
— оскуола бырагырааматыгар финансовай кырааматынаска үөрэх биридимиэтин киллэрии;
— эдэр ыалга уйулҕа үлэһиттэрин көмөтө;
— нэһилиэнньэ өрө тахсар көҕүлээһинин үрдэтии;
— үлэ миэстэтин туһунан үлэлээх буолуу сулууспатын көхтөөх иһитиннэриитэ, о.д.а.
Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: