Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ түмэллэриттэн сэдэх экспонаттар быыстапкалара аһылынна
Бүгүн Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ “Саха сирэ” хаһыат «Сэдэх экспонаттар» бырайыагынан кыраайы үөрэтэр мусуой уонна хаһыат тэрийиилэринэн холбоһуктаах быыстапка аһылынна.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 23 мусуойа кыттыыны ылла.
Быыстапкаҕа “Саха сирэ” хаһыакка үлэлэрэ сырдатыллыбыт эрэ мусуойдар кыттыннылар. Онон уратылаах тэрээһин буолла.
Мэҥэ Хаҥаластан, Эдьигээнтэн, Уус Алдантан, Амматтан, Тааттаттан, Чурапчыттан уо.д.а. улуустартан 133 экспонат турда. Бу бэрт кэрэхсэбиллээх быыстапкаҕа бэрт элбэх киһи сырытта.
Киһи болҕомтотун тардар былыргы тэриллэр хас да үйэни уҥуордаан, устуоруйа кэрэһиттэрэ буолан, урукку кэмнэргэ төнүннэрэн ыларга дылылар…
Биир олус сэдэх экспонат — сүктэр кыыс ыҥыыра. Бу бэрт сыаналаах тэрили 1844 сыллаахха Анна Петровна Попова Оросиннарга сүктэн кэлиитигэр — Илларион Оросиҥҥа кэргэн тахсарыгар анаан оҥотторбут эбит.
Нэһилиэстибэ ыҥыыра аймахтарынан кыыстан кыыска хайдах тиэрдиллибитин И. П. Готовцев аатынан Уус Алдан улууһун Тандатааҕы историко-архитектурнай түмэл үлэһитэ Матрена Черноградская маннык билиһиннэрдэ:
Салгыы сэдэх экспонаттар тустарынан сиһилии сырдатыахпыт. «Сэдэх экспонаттар» быыстапка Емельян Ярославскай мусуойугар кулун тутар 20 күнүттэн ыам ыйын 20 күнүгэр диэри туруоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: