Дьуһуурунай борокуруор: өлөрүү, түөкүннээһин, саахал
23.09.2024, 10:01
С.Львова хаартыската
Бөлөххө киир:
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 7 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна.
Дьокуускай куоракка 1963 сыллаах төрүөх киһини өлөрдүлэр. Уорбаланааччы тутулунна. Маны таһынан 1981 сыллаах төрүөх киһини эчэттилэр. Уорбаланааччы ким буолара билиннэ. Аны 1995 сыллаах төрүөх киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдэ.
Эмиэ киин куоракка кууһунан атыылыыр база үлэһититтэн түөкүттэр 370 тыһ. солк. уорбуттара билиннэ.
Хаҥалас оройуонугар 1997 сыллаах төрүөх киһи матасыыкылынан арыгы иһэн баран айаннаан, «Тойота Пассо» массыынаҕа баран түспүт. Суол саахалын түмүгэр матасыыкыллаах киһи балыыһаҕа госпитализацияламмыт.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: