Дьуһуурунай борокуруор: күүһүлээһин, наркотигынан эргинии, итирик суоппардар…
18.02.2024, 09:20
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус буруйу кэһии тахсыбыта бэлиэтэннэ диэн СӨ Дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.
Алдан оройуонугар күүһүлээһин туһунан сайабылыанньа киирдэ. Дьокуускайга икки уоруу уонна икки түөкүннээһин бэлиэтэннэ. Мэҥэ Хаҥаласка наркотигынан эргиниини туттулар, Нерюнгрига массыынаны уордулар, Дьокуускайга уонна Бүлүүгэ итирэн баран уруулга олорбут дьону иккистээн туттулар.
Алта техногеннай баһаар бэлиэтэннэ, өлбүттэр, эчэйбиттэр суохтар.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана бэлиэтэммэтэ.
Аҕыс итирик туруктаах суоппары туттулар.
+1
+1
+1
+1
1
+1
1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: