«Дыгын оонньууларыгар» кыттарга өссө түөрт боотур путевка тутта
Чурапчыга ааспыт өрөбүллэргэ национальнай многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ ыытылынна. Күрэхтэһии түмүгүнэн түөрт бастыҥ көрдөрүүлээх боотур «Дыгын оонньууларын» финалыгар кыттарга путевка тутта.
Путевкалары 70 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа күрэхтэһэр эр дьоҥҥо оонньоттулар. Бу ыйааһыҥҥа 22 спортсмен күрэхтэстэ. Ол курдук, Амматтан Борис Сдвижков, Сунтаартан Алексей Соколов, Ньурбаттан Николай Обоев уонна Чурапчыттан Павел Друзьянов Туймаада ыһыаҕын бастыҥ түһүлгэтигэр күөн көрсөр чиэстэннилэр. Кинилэр төрдүөн «Дыгын оонньууларыгар» кыттыбыт уопуттаахтар диэн бэлиэтээн суруйабыт.
Икки күн устата боотурдар тутум эргииргэ, «үс төгүл үс» ыстаҥаҕа, оҕунан ытыыга, мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, сүүрүүгэ уонна ыараханы көтөҕүүгэ күрэхтэстилэр.
Инньэ гынан, «Дыгын оонньууларыгар» кыттарга билигин аҕыс бөҕөс путевкалаах: Дьулустаан Ноговицын (Горнай), Артем Дьяконов (Кэбээйи), Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү), Яков Дмитриев (Кэбээйи), Борис Сдвижков (Амма), Алексей Соколов (Сунтаар), Николай Обоев (Ньурба), Павел Друзьянов (Чурапчы).
Аны сүүмэрдиир бүтэһик түһүмэх ыытыллыаҕа, онно өссө түөрт путевка оонньонуо. Бу түһүмэх ханна уонна хаһан буолара биллэ илик.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: