Өкүндүгэ саҥа кулууп тутуллуо

Өкүндүгэ саҥа кулууп тутуллуо

Ааптар:
07.02.2024, 15:27
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Үгэс курдук, сыллата ыытыллар СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота Бүлүү улууһугар саҕаланна.

СӨ Экэниэмикэ миниистирин солбуйааччы Иван Елизарович Елисеев салайааччылаах бөлөх Өкүндү нэһилиэгэр дьону-сэргэни көрүстэ. Бастатан туран, 2023 сылга ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы сырдатта. Ол курдук,  олох хаачыстыбатын үрдэтии иитинэн эбийиэктэри тутууну, доруобуйа харыстабылыгар туһуламмыт тиһиктээхтик салҕанар үлэлэри, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ Уһук Илин инники кирбиигэ сылдьарыгар туох үлэ-хамнас ыытылларын, хаачыстыбалаах үөрэх эйгэтин тэрийиини, спортивнай тэрээһиннэри, урбааны сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин, суол тутуутун, өрөмүөнүн, хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүүнү, күөх төлөн ситимин тардыыны,о.д.а. сырдатта. Бу сылга ыытыллыахтаах үлэлэри билиһиннэрдэ.

Кэпсэтиигэ дьон-сэргэ көхтөөхтүк кытынна.

Нэһилиэк олохтооҕо Поскачина Клавдия Николаевна  хаһыс да сылларын кулууба суох олороллорун, онон тэрээһиннэри оскуолаҕа физкултуура саалатыгар көҥүллэтэн ыыталларын этэн туран, кулууп тутуутун туруоруста. Манна кулууп «Үтүө санаа» хамсааһын иитинэн тутуллубутун уонна сэттис сылын хаарбах туруктаах буолан турарын, онон нэһилиэккэ бу кыһалҕалаах боппуруоһунан буолбутун кулууп дириэктэрэ Сивцева Мотрена Григорьевна бигэргэтэн биэрдэ.

Маныаха улуус дьаһалтата кулууп тутуутун боппуруоһугар үлэлэһэрэ этилиннэ. Кулууп тутуутугар үлэ бу сааскыттан саҕаланыа уонна 2025 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэҕэ диэн хоруй ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

Нэһилиэк олохтоохторо Тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар тохтоотулар. Ыччаты тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сыһыарыы туһунан, тыа сиригэр сүөһү ииттэр ыччакка туспа анаан тугу эрэ көрүөххэ наадын, оптоволокно ситимин, биэлсэр-акушер пуунун тутууну, о.д.а. ыйыттылар.

Көрсүһүү кэнниттэн дьону биирдиилээн көрсүөхтэрэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: