Элбэх оҕолоох ийэ айар мастарыскыай арыйан үлэлэтэр
Аммаҕа олорор, элбэх оҕолоох ийэ Тамара Иванова социальнай хантараак көмөтүнэн, айар мастарыскыай арыйан үлэлэтэр. Кини үлэтиттэн уурайан баран, ыарахан балаһыанньаттан тахсан, бэйэ дьыалатын арыммыта.
Тамара Иванова 3 уол оҕолоох, Аммаҕа олорор.
— Мин 2019 сылтан иллэҥ кэммэр маастар-кылаастары ыытар этим. Норуот айымньытын дьиэтигэр худуоһунньук-оформитель дуоһунаһыгар үлэлии сырыттахпына, уураппыттара. Ол эрээри, былырыын социальнай хантараагы ыламмын, айар мастарыскыай тэринэммин, сүрүн үлэм быһыытынан айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьабын. 350 тыһыынча солкуобай биэрбиттэригэр, үлэлиир ноутбугу, быысыбайдыыр массыынаны, станогу, керамиканы буһарар оһоҕу, мольбертары, уруһуйдуур тэриллэри, о.д.а. атыыласпытым, — диэн кини этэр.
Маастар дьону туойунан сыбаан оҥорорго, быысыбайдыырга, макраменан өрөргө, уруһуйдуурга, о.д.а. үөрэтэр. Маастар-кылаастар нэдиэлэҕэ үстэ ыытыллаллар. Мастарыскыай өрүү киһилээх буолар, дьон айар дьоҕурдарын арыйан, үөрэн-көтөн бараллар.
Кэнники 5 сыл устата Саха сиригэр 25,5 тыһыынча киһи 2,4 миллиард солкуобай суумалаах социальнай хантараагы ылан туһаммыта. Социальнай хантараагы бэйэ дьыалатын арынарга, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга, үлэ буларга, үөрэнэргэ, ыарахан балаһыанньаттан тахсарга туһаналлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: