Салгыы
Өлүөнэ муостатын тутууга Саха сириттэн 5 тэрилтэ үлэлэһэр

Өлүөнэ муостатын тутууга Саха сириттэн 5 тэрилтэ үлэлэһэр

14.02.2024, 12:30
Ил Дархан, бырабыыталыстыюа дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Өлүөнэ муостатын тутууга бэлэмнэнии үлэтигэр Саха сиригэр регистрациялаах хампаанньалар үлэлииллэр диэн «ВИС» бөлөххө Өлүөнэ муостатын тутуу дирекциятыгар иһитиннэрдилэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыюа дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Бүгүҥҥү күҥҥэ сибээс, элэктэриичистибэ, гаас инженернэй ситимнэрин таһаарыы үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Хаҥас кытылга 1-кы №-дээх технологическай  былаһаакканы тутуу салҕанар, манна тутааччылар баахтабай бөһүөлэктэрэ туруоҕа.

— Олохтоох хампаанньалар: «Техэлектроснаб» — элэктэриичэскэй ситимнэргэ, «Сахалинк» ХЭТ — сибээс ситимигэр, «Арктик-БУР» — инженернэй үлэлэргэ, «Элпромгазстрой» – технологическай былаһаакканы буорунан кутууга үлэлииллэр. «Стандарт 14» ХЭТ гаас ситимин уларытарга үлэлиир,диэн «ВИС» бөлөх Саха сиринээҕи управлениетын сүрүн инженерэ Александр Кожевников кэпсээтэ.

Өлүөнэ муостатын тутуу бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар. СӨ бырабыыталыстыбата уонна «ВИС» бөлөх сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ. Тутуу 2028 сылга бүтүөхтээх.

Муоста үс пилоннаах вантовай конструкция быһыытынан тутуллуохтаах. Муоста уһуна 4,5 км, сууккаҕа 5300 массыынаны аһардар кыахтаах. Уҥа, хаҥас кытылларга массыына суолун аахтахха, барыта 14 км уһуннаах буолар.

Бу сиринэн суолу быспакка, Дьокуускайы кыһыннары-сайыннары киин эрэгийиэннэри кытары ситимниир, Транссибирскай уонна Байкал-Амур магистралларын Хотугу муора суолун кытта холбуур муоста буолуоҕа. «Лена», «Халыма» федеральнай суоллары «Бүлүү» суолу кытта ситимниэҕэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: