Салгыы
Эркээйилээх суолу тутан

Эркээйилээх суолу тутан

Ааптар:
05.12.2022, 15:00
Бөлөххө киир:

Хаһыат, устуоруйа кэрэһитин быһыытынан, суолтата хаһан да сүппэт, симэлийбэт аналлаах. Төһө да сыл-хонук аастар, хаһыат көмөтүнэн олох хаамыыта, сайдыыта суругунан тиһиллэн, кэлэр көлүөнэлэргэ үйэтитиллэр. Суруллубут – суоруллубат!

Мэҥэ Хаҥалас оройуонун хаһыата 1937 сыл ахсынньы 5 күнүттэн «Колхоз кырдьыга», 1962 сыл ыам ыйын 5 күнүттэн «Ленинскэй знамя», 1993 сыл алтынньы 16 күнүттэн «Эркээйи» диэн аатынан бэчээттэнэн кэллэ. «Ленинскэй знамя» хаһыат оччотооҕу кэм ирдэбилинэн Майа сэлиэнньэтигэр кииннээн тэриллибит Өрүс уҥуор­дааҕы холкуос-сопхуос управлениетыгар киирэр Мэҥэ Хаҥалас, Уус Àлдан, Àлдан, Төмтөөн оройуоннарын олохтоохторугар анаан оройуоннар икки ардыларынааҕы хаһыат быһыытынан тахсыбыта. Кэлин Мэҥэ Хаҥалас уонна Àмма оройуоннарын, оттон 1965 сыл бэс ыйыттан күн бүгүҥҥэ диэри Мэҥэ Хаҥалас оройуонун хаһыатынан тахса турар. 85 сыл устата оройуон үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын сурукка тиһэн үйэтиппит хаһыат баай устуору­йалаах.

Устуоруйа кэрчиктэриттэн

1937–1962 сыллар

Хаһыат бастакы эрэдээктэринэн Уус Алдан оройуонун Бээрийэ нэһилиэгиттэн төрүттээх биллиилээх суруналыыс, бэйиэт Алексей  Васильев-Бэрияк үлэлээбитэ. Бэйэтин кэмигэр кинини «хомсомуол бэйиэтинэн» ааттыыллара, хоһоонноро, ыстаты­йалара «Кыым» уонна «Эдэр бассабыык» хаһыаттарга элбэхтик бэчээттэнэллэрэ. Кини үлэлиир кэмигэр эрэдээксийэҕэ кэлин киэҥник биллибит оҕо суру­йааччыта Константин Дьячковскай-Туйаарыскай үлэлээбит.

Алексей Бэрияк кэнниттэн хаһыат эрэдээктэрдэринэн 1939–1943 сылларга Петр Гоголев, Николай Потапов уонна Дьабыылтан төрүттээх Анна Петрова үлэлээбиттэр. Николай Егорович аармыйаҕа барбытын кэннэ, Табаҕа оскуолатыгар учууталынан үлэлээбит Дьаҥхаады нэһилиэгиттэн төрүттээх Дмитрий Тарабукины эрэдээктэринэн анаа­быттар. Кини 1943–1944 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр хаһыаты салайбыт. Бэйэтин ахтыытыгар суруйбутунан, оччотооҕута хаһыат икки балаһанан нэдиэлэҕэ иккитэ тахсара, эрэдээксийэҕэ 3 үлэһит баара эбитэ үһү.

1944-1945 сылларга Николай Евсеев, Федот Баишев эрэдээктэрдээбиттэр. 1946–1948 сылларга хаһыат эрэдээктэринэн Иван Петров анаммыт. Оччолорго, 1946-1950 сылларга, хаһыат үксүн ССРС норуотун хаһаайыс­тыбата сайдыытын биэс сыллаах былаанын толорууга үлэ-хамнас туһунан элбэхтик суруйара.

1948-1950 сылларга хаһыат эрэдээктэринэн Уус Алдан оро­йуонун Өлтөх нэһилиэгиттэн төрүттээх Афанасий Данилов үлэлээбит. Салгыы оройуон хаһыатын уһун кэмҥэ үлэлээбит  эрэдээктэрдэртэн биирдэстэрэ Николай Кириллин 1950-1962 сылларга салайбыт. Николай Самсоновиһы кытары бииргэ үлэлээбит дьон  салайааччы быһыытынан кытаанах ирдэбиллээҕин, олус үлэһитин, үчүгэй суруксутун бэлиэтииллэр. Оройуон хаһыата 1961 сыл бүтүүтүттэн 4 балаһанан бэчээттэнэн тахсар буолбут.

1962–1981 сыллар

1962 сыл ыам ыйыттан балтараа сыл устата Москватааҕы Үрдүкү партийнай оскуола суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрбит Екатерина Саввинова эрэдээктэринэн үлэлээбит. Оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ тыа ха­­һаайыстыбатын производственнай управлениелара тэриллибиттэр. Биһиги оройуоммут Уус Алдан, Алдан, Төмтөөн (билиҥҥи Нерюнгри) оройуон­нарын кытары холбоһоннор, Заречнай (Илин эҥэр) диэн ааттаммыт производственнай управление тэриллибит. Түөрт оро­йуон хаһыаттара бары сабылланнар, Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин ССКП Заречнайдааҕы партийнай тэрилтэтин уоргана – «Ленинскэй знамя» хаһыат тахсар буолбут. Бу хаһыат нэдиэлэҕэ үстэ түөрт балаһанан тахсар эбит. Эрэдээксийэ кэлэктиибигэр бэйэбит биир дойдулаахтарбытын сэргэ, Уус Алдантан Петр Аммосов, Егор Гаврильев, Аким Гоголев, Николай Алексеев кэлэн үлэлээбиттэр.

Салгыы хаһыат эрэдээксийэтин улууспут дьоно-сэргэтэ бары бэркэ билэр, ытыктыыр дьоно, суруйааччылар – Иннокентий Сосин уонна Иван Брызгалов салайбыттара.

Иннокентий Михайлович 1963 сыл алтынньытыттан – 1968 сыл атырдьах ыйыгар диэри эрэдээктэрдээбитэ. Солбуйааччы эрэдээктэринэн Василий Сидоров, эппиэттиир сэкирэтээринэн Вениамин Никитин, кэ­­риэктэрдэринэн Виктор Попов, Николай Николаев, фото-кэрэспэдьиэнинэн Иннокентий Васильев, араадьыйа информатордарынан биһиги оройуоммутугар Владимир  Лукин, Уус Алдаҥҥа Дмитрий Сыромятников үлэлээбиттэр. Иннокентий Михайлович 1963 сылтан бастаан солбу­йааччы, сыл бүтүүтүгэр эрэдээктэр буолбута. Кини оройуон хаһыатын биэс сыл ситиһиилээхтик салайбыта.

1968 сыл атырдьах ыйыттан “Ленинскэй знамя” хаһыат эрэдээктэринэн баартыйа оройкуомун уурааҕынан Дьокуускайга “Кыым” хаһыат кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбит Иван Брызгаловы анаа­быттар. Кини хаһыат устуо­руйатыгар уһуннук үлэлээбит эрэдээктэрдэртэн эмиэ биир­дэстэринэн буолар. Тэрилтэни 1981 сылга диэри салайбыта. Эрэдээксийэ кэлэктиибигэр айар үлэһиттэринэн Василий Сидоров, Василий Титов, Виктор Попов, Юрий Смолин, Семен Афанасьев, кэлин Иван Сысолятин, Варвара Баишева, Михаил Птицын, Семен Слепцов, Евгения Андросова, Семен Эверстов үлэлээбиттэрэ. 1972 сыллаахха хаһыаппыт ааҕаач­чылар ортолоругар маассабай үлэни тэрийиигэ М.И.Ульянова аатынан Бүтүн Сойуустааҕы көрүүгэ үһүс бириэмийэни ылары ситиспитэ.

1981–1999 сыллар

1981 сыл сэтинньититтэн – 1992 сыл муус устарыгар диэри “Ленинскэй знамя” хаһыаты Владимир Иванов салайбыта. Кини оройуон хаһыатыгар балачча уһун кэмҥэ айымньылаахтык үлэлээбитэ. 1999 сылга кинини эрэдээксийэҕэ эмиэ хаттаан салайааччынан анаабыт чахчылара да туоһулуур. Владимир Афанасьевич хаһыаты уопсайа 13,5 сыл салайбыта.

Кини эрэдээктэрдээбит 1981–1992 сылларыгар кэлэктиипкэ уһун кэмҥэ үлэлээбит уопуттаах суруналыыстар, бары эр дьон этилэр. Иван Брызгалов эрэдээктэрдээбит кэмигэр үлэлээбит дьон Василий Сидоров, Михаил Винокуров, Виктор Попов, Иван Сысолятин, Семен Эверстов, Семен Слепцов бары кэриэтэ тутуспутунан хаалбыттара. Кэлин тыа хаһаайыстыбатын отделын сэбиэдиссэйдэринэн Реворий Кривогорницын, Валерий Филиппов, Егор Матчитов, Иннокентий Неустроев, фото-кэрэспэдьиэннэринэн Афанасий Чириков, Николай Киприянов, Гаврил Апросимов, Егор Белолюбскай, араадьыйа информаторынан Илья Коркин үлэлээбиттэрэ. Бу сылларга хаһыат аата эрэ уларыйбатаҕа, үрдүк  диэн ааттанар бэчээттэн офсет ньыматыгар көһөн “сирэйэ-хараҕа” биллэ тупсубута,  үлэ-хамнас  лаппа чэпчээбитэ.

1992 сыл муус устарыттан – 1995 сыл алтынньытыгар диэри ”Эркээйи” хаһыат эрэдээкси­йэтин Юрий Смолин салайбыта. Кини оройуон хаһыатыгар өссө ”Ленинскэй знамя” эрдэҕинэ, 1967 сыллаахха, аармыйаттан кэлэн баран үлэлии киирбитэ. Юрий Харитонович эрэдээктэринэн анаммыт сылларыгар дойдубут тутула уларыйан уларыта тутуу саҕаламмыт уустук кэмэ этэ. Хаһыаппыт аныгылыы офсетынан Дьокуускай куоракка Ю.А.Гагарин аатынан типографияҕа бэчээттэнэр буолбута. Кэлэктиипкэ саҥа айар үлэһиттэр кэлбиттэрэ – Серафима Кириллина, Лира Яковлева, Саргылаана Ларионова.

Кылгас бириэмэҕэ да буоллар, этэргэ дылы, бэрт чаҕылхайдык үлэлээбит эрэдээктэринэн Галина Бочкарева буолар. Кини 1995 сыл алтынньытыттан – 1999 сыл бэс ыйыгар диэри тэрилтэни салайбыта. Эрэдээксийэ материальнай-тиэхиньиичэскэй базата хаҥыырыгар улахан болҕомтотун уурбута, өрөспүүбүлүкэ уонна оройуон хаһыаттарыгар альтернативнай сурутууну, тиэрдиини олохтообута. 1998 сыл түмүгүнэн ”Эркээйи” өрөспүүбүлүкэҕэ ”Сыл бастыҥ хаһыата ” ааты сүкпүтэ.

Галина Бочкарева сала­йар кэмигэр эрэдээксийэ кэлэктиибигэр солбуйааччы эрэдээктэрдэринэн Василий Сидоров, Иннокентий Неустроев, эппиэт­тиир сэкирэтээринэн Виктор Попов, отдел эрэдээктэрдэринэн Иван Сысолятин, Февронья Охлопкова, кэрэспэдьиэннэринэн Виктория Ильина, Дмитрий Скрябин, араадьыйа кэрэспэ­дьиэнинэн Илья Коркин, фото-кэрэспэдьиэнинэн Егор Белолюбскай, кэриэктэринэн Степан Марков, хаһыаты көмпүүтэргэ таҥааччынан Сергей Петров, буҕаалтырынан Анисия Куприянова, альтернативнай сурутууга, тиэрдиигэ эппиэттээҕинэн Анисия Семенова, о.д.а. үлэлээбиттэрэ.

1999–2022  сыллар

1999 сыл от ыйыттан – 2002 сыл алтынньытыгар диэри хаһыат эрэдээктэринэн Владимир Иванов хаттаан анаммыта. Солбуйааччы эрэдээктэринэн Февронья Охлопкова олох­тоох теле-устуудьуйаттан үлэлии кэлбитэ. 2001 сыллаахха хаһыат ”2000 сылга – 2000 үтүө дьыаланы!” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыны сырдатыыга СӨ Бэрэсидьиэнин Гранынан наҕа­раадаламмыта.

2002 сыл алтынньытыттан 2004 сылга диэри, оруобуна икки сыл, оройуон хаһыатын бу иннинэ ”Эдэр саас” хаһыат эрэдээктэринэн үлэлии олорбут Николай Николаевич Никитин салайбыта. Эдэр, эрчимнээх эрэдээктэр эмиэ тэрилтэ материальнай-тиэхиньиичэскэй базатын тупсарыыга, саҥа көмпүүтэринэй тиэхиньикэнэн хааччыйыыга, хаһыат ис хоһоонун байытыыга быһаччы үлэлэспитэ. Саҥа үлэһиттэр кэлбиттэрэ – отдел сэбиэдиссэйинэн Варвара Попова, хаһыаты көмпүүтэргэ таҥаач­чынан Иннокентий Тарабукин, Владислав Оконешников, о.д.а.

Николай Никитин кэннэ 2004 сыл алтынньытыттан хаһыат эрэдээктэринэн мин анаммытым. Төрөөбүт оройуонум хаһыатыгар үлэлээбитим быйыл балаҕан ыйыгар 35 сылын туолла. Итинтэн 18 сыл кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээн кэллим. Сүүрбэччэ сыллааҕыта улуус эрэдээксийэлэрэ бастаан судаарыстыбаннай, онтон автономнай тэрилтэ буол­буппут.

2020 сыл иккис аҥаарыттан Ил Дархан дьаһалыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ улуустарын хаһыаттара бары «Сахабэчээт» судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэҕэ киирбиппит. Уларыта тутуу бастаан хотугу улуустар эрэдээксийэлэриттэн саҕаланан, икки түһүмэҕинэн ыытыллыбыта. Хаһыат, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа курдук нэһилиэнньэҕэ сонуну киэҥник тарҕатар тиһиктэр аҥаардас биир хайысханан муҥурданар кэмнэрэ ааспытын бары билэҕит. Тэрилтэбит тутулун сэргэ айар үлэ өттүгэр кэлин икки сылга тосту улары­йыылар киирдилэр. Бу иннинэ эрэдээксийэ сүрүн үлэтинэн хаһыаты таһаарыы эбит буоллаҕына, билигин хаһыат саайтын, социальнай ситимнэргэ бэйэбит ханаалларбытын арыйан үлэбит кээмэйэ кэҥээн, ис хоһооно дириҥээн биэрдэ. Ити уларыйыылар киириилэрэ аныгы тэтимнээх олохпут ирдэбилинэн буолар. «Сахабэчээт» “Улусмедиа” саайтыгар киирэн өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын олоҕун билсэр кыах үөскээтэ. Ону сэргэ “Телеграм”, “Вконтакте”, “Одноклассники” курдук социальнай ситимнэргэ хас биирдии улуус хаһыата бэйэтэ анал ханааллаах, страница­лаах буолла.

Билигин олох бары салааларыгар, ол иһигэр айар үлэҕэ дэгиттэр, нууччалыы эттэххэ, универсал буолуу ирдэниллэр. Холобур, хаһыакка үлэлиир киһи суруйарын таһынан хаартыскаҕа үчүгэйдик түһэрэр, видеоҕа уһулар буолуохтаах. Онуоха тэрилтэбит салалтата үлэһиттэр идэлэринэн таһымнарын үрдэтии­гэ болҕомто ууран араас куурустары, сонун үөрэхтэри ыытара улахан көмөлөөх. Үлэбит сүрүн соруктарыгар нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын хабан оройуон, өрөспүүбүлүкэ олоҕуттан сонуну сойуппакка суһаллык тиэрдиини эрэ буолбакка, ааҕаач­чыны кытары ыкса сибээһи олох­тооһуну, кини болҕомтотун үтүөҕэ, кэрэҕэ, сырдыкка туһаайыыны, баар итэҕэһи, кыһалҕаны туоратыһыыга, туруорсуулары ирдэһиигэ күүс-көмө буолууну киллэриэххэ сөп.

Улуустар эрэдээксийэлэрэ «Сахабэчээккэ» сыһыарыллыыбыт түмүгэр өссө биир күттүөннээх уларыйыыбытынан материаль­най-тиэхиньиичэскэй базабытын бөҕөргөтүүнү ааҕыахха сөп. Былырыын тэрилтэбит салалтатын туруорсуутунан (генеральнай дириэктэр Ньургуйаана Стручкова) үөһэ турар СӨ Инновацияҕа, сыыппаранан сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэбит (миниистир Анатолий Семенов) өйөбүлүнэн бары эрэдээксийэлэр көмпүүтэр саҥа тиэхиньикэлэринэн хааччылынныбыт. Кэккэ улуустарга хаһыаты бэчээттиир RISO тэрил тиэрдиллибитэ. Быйыл балаҕан ыйыгар биһиги эрэдээксийэбит тэрилтэбититтэн эмиэ итинник массыынанан хааччыллан үөрүүбүт улахан, хаһыаппыт «сирэйэ-хараҕа» лаппа тубуста. Онон быйыл хаһыаппыт үбүлүөйдээх сылыгар аныгылыы тиэхиньикэлэнэн «иккис тыын» ыллыбыт.

Хаһыат биир киһи үлэтин түмүгэ буолбатах, бу – айар кэлэктиип бүттүүнүн сырата. Кэлэктиип аҕа табаарыстарбыт охсубут «эркээйилэринэн» эрэллээхтик, эрчимнээхтик эрдэн иһэригэр саҥалыы көрүүлээх, толкуйдаах, дьоҕурдаах эдэр исписэлиистэринэн хаҥатыллар. Үлэбит-хамнаспыт үтүө түмүктэригэр тирэҕирэн сарсыҥҥы күҥҥэ саргылаах санаанан салайтаран айабыт-тутабыт. Үбүлүөйдээх сылбытыгар дьоҕус кэлэктииппитигэр билигин үлэлии-хамсыы сылдьаллар – СӨ бэчээтин туйгуннара Марфа Птицына, Февронья Охлопкова, Аркадий Иннокентьев, Анна Дмитриева, уонтан тахса сыл ыстаастаах үлэһиттэр Дария Михайлова, Леонид Кириллин, Александр Бурнашев, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнтэн үүммүт Марелла Баишева. Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлиир тиэхиньиичэскэй үлэһиттэрбитинэн Анна уонна Гаврил Осиповтар буолаллар.

Типографията суох – хаһыат суох

Хаһыаппыт устуоруйата үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ оро­йуоннааҕы типографияны кытары быстыспат сибээстээҕин тоһоҕолоон бэлиэтиибит. Оройуон хаһыата 53 сыл устата типографияҕа бэчээттэммитэ. Хаһыаппыт үбүлүөйүнэн типография үлэһиттэрин үтүө тылынан махтана ахтарбыт оруннаах.

1950–2016 сылларга диэри типография дириэктэрдэринэн Михаил Гоголев, Иван Сивцев, Семен Рожин, Павел Пахомов, Павел Прокопьев, Николай Андреев, Василий Дмитриев, Иван Александров үлэлээбиттэрэ.

Уһуннук үлэлээбит полиграфистары – тыыл, үлэ бэтэрээннэрин Варвара Лукинаны, Марфа Плотникованы, Елена Петрованы, Мария Ноговицынаны, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыы­лааҕын Федор Жиркову, ”Бочуот Знага” уордьан кавалерын Мария Попованы, үлэ бэтэрээннэрин Александра Пахомованы, Анна  Арылахованы,  Анна Дмитриеваны, Надеж­да Зыкованы, Гали­на  Александрованы, Лю­бовь Пермя­кованы, Люд­мила Иванованы, Галина Ксено­фонтованы, Хрис­тина Толстя­кованы, о.д.а. дириҥ ытыктабылынан, долгуйан туран, истиҥник ахтабыт. Төрөппүттэрим типография, эрэдээксийэ эҥээрдээх үлэһиттэр буоланнар, бу ааттаабыт дьоммун барыларын оҕо эрдэхпиттэн көрө-билэ улааппыт дьонум буолаллар.

Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит – эрэллээх көмөлөһөөччүлэрбит

Ханнык баҕарар хаһыат үлэтигэр-хамнаһыгар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэригэр тирэҕирэр. Кинилэр нөҥүө ааҕааччыны кытары ыкса си­­бээс тутуһуллар. ”Кырдьаҕастан – сүбэтин, эдэртэн – эйэтин” диэн этэллэринии, хас да көлүөнэни ситимниир  уопсас­тыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит эрэллээх этэрээттэриттэн –  Майаттан Степан Марковы, Августина Владимированы–Хабарованы, Хараттан Федот Харитоновы, Павловскайтан Юлия Колосованы,  Лоомтукаттан Мария Ларионованы, Константин Сосины, Аллараа Бэстээхтэн Анатолий Амбросьевы, Хочоттон Елена Прокопьеваны, Хорообуттан Афанасий Кузьмины, Балыктаахтан Мария Захарованы, Хаптаҕайтан Анастасия Колесованы, Чыамайыкыттан Акулина Дьячковскаяны, Намтан Константин Еремееви, Амматтан Константин Захаровы, о.д.а киэн тутта, махтана ааттыыбыт.

Туомтуу  тардан

Эрэдээксийэ кэлэктиибин аатыттан тэрийэн таһаарааччыбытыгар – СӨ бырабыыталыстыбатыгар, үлэбитин сүрүннүүр СӨ Инновацияҕа, сыыппаранан сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга минис­тиэристибэтигэр, «Сахабэчээт» тэрилтэбитигэр, улууспут дьаһалтатыгар, оройуоммут дьоку­тааттарын Сэбиэтигэр, нэһилиэктэр муниципальнай тэриллиилэригэр, бииргэ үлэлэһэр, алтыһар управлениеларбытыгар, тэрилтэлэрбитигэр, уопсастыбаннай түмсүүлэргэ, холбоһуктарга, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбитигэр барыгытыгар күүс-көмө, тирэх, өйөбүл буоларгытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Инникитин да төрөөбүт-үөскээбит өрөспүүбүлүкэбит, улууспут сайдарын туһугар  хардарыта си­­бээстээх үлэбит-хамнаспыт өссө бөҕөргөөн, чиҥээн иһэригэр ­эрэллээхпит.

Хаһыаппыт дириҥ силис­тээх-мутуктаах устуоруйата уһун сылларга өссө да салгыы хаҥыы, байытылла турдун!

Алена ДОКТОРОВА,  “Эркээйи” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ үтүөлээх суруналыыһа

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: