«… Өссө да бииргэ үлэлиэхпит»
Алтынньы 28 күнүгэр «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Нам улууһун Нам уонна Аппааны сэлиэнньэлэригэр үлэлээн, хаһыакка сырдатыллыахтаах дьоруойдарын кытары көрүстүлэр.
Онтон эбиэт кэнниттэн Н.М.Рыкунов аатынан Намнааҕы киин бибилэтиэкэҕэ олохтоохтору, хаһыат ааҕааччыларын кытары истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла. Суруналыыстар Надежда Егорова-Намылы, Сардаана Баснаева, Ульяна Захарова хаһыат үлэтин-хамнаһын, sakha-sire.ru саҥа сайт уонна ««Саха сирин» суруйааччы кыргыттара» бырайыагы билиһиннэрдилэр, ону тэҥэ 2023 сыл 6 ыйыгар чэпчэтиилээх сурутууну ыыттылар.
Манна сыһыаран эттэххэ, кэлбит дьон ортолоругар быйыл тэриллибитэ 55 сылын бэлиэтиир, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр «Отуу уота» литературнай түмсүү уонча чилиэнэ баар, кинилэр хаһыат, саха бэчээтин, литература тула санааларын атастастылар.
90 саастаах ытык кырдьаҕас Иван Афанасьевич Бубякин-Чөҥөчөк «Отуу уотуттан» элбэх бэйиэт, суруйааччы тахсыбытын, Суруйааччылар сойуустарыгар киирбитин астына бэлиэтээтэ. Иван Афанасьевич эмиэ түмсүүгэ киирэн, сааһыран баран талаана арыллан суруйар буолбутун туһунан сэһэргээтэ. Хоһооннорун сэргэ, сценкалары бэчээттэппит кинигэтин бэлэхтээтэ. «Хаһыакка таһаардаргыт, баҕар, биир эмэ айар куттаах киһи сыанаҕа туруоруо этэ», -– диэн эрэлин биллэрдэ. Онтон биһиги ытык кырдьаҕас күлэ-үөрэ кэпсиирин, олус сэргэҕин, көхтөөҕүн, хоһооннорун өйүттэн аахпытын сөхтүбүт, сэҥээрдибит.
«Отуу уоттара» түмсүү аатыттан эҕэрдэ тылы тириэрдибит Мария Петровна Мохначевская-Марта Мария 2021 сыллаахха талыллыбыт саҥа бэрэссэдээтэл, бэйиэт, мелодист Алексей Татаринов-Удьурҕай сөптөөх суолунан айаннаан иһэрин, быйыл чилиэннэр ахсааннара 42-кэ тиийбитин бэлиэтээтэ. Марта Мария 2016 сылтан хоһоон хомоҕой хонуутугар киирэн, бэйэтэ этэринии, кудуччу суруйан, аны тылбааһынан дьарыктанар.
Олоҕун үтүө кэмин, 50-ча сылы хаһыакка анаабыт, боростуой кэрэспэдьиэнтэн тылбаасчыкка, солбуйааччы эрэдээктэргэ, эппиэт сэкирэтээргэ тиийэ үүммүт Григорий Константинович Эверстов-Тыыппалаах сахалыы хаһыаттар билиҥҥи туруктарыгар санаатын үллэһиннэ.
«Өр кэмҥэ бэчээт эйгэтигэр үлэлээммин хаһыат дьылҕатыгар үөлээннээҕим курдук сыһыаннаһан улаханнык курутуйабын. Билигин сахалыы тыллаах хаһыаттар тахсар ахсааннара да, сурутааччы ахсаана да аҕыйаата. Күүскэ күүдэпчилэнэн үлэлии-хамсыы олорбут саха хаһыаттара аҕыйах сыл иһигэр эмискэ уоттара-күөстэрэ умуллан, аҕыйах ахсаанынан сыккыраан олороллоруттан хараастабын, аһыйабын.
Аны бу суруйар матырыйаалларгыт кээмэйдэригэр хааччах баар дуо? Иһэ үлүннэҕинэ балаһа эрэ буолар. Онтон биһиги урут сурутуу буолаары турдаҕына, «Салҕыыта бэчээттэниэ» дии-диибит хастыы да нүөмэргэ таһаарар буоларбыт, ааҕааччыны тардарбыт.
Ону ол диэбэккэ, үлэлии-хамсыы сылдьаргыт олус үчүгэй. Хаһыаккыт туһугар маннык сэргэх көрсүһүүлэри тэрийэргитигэр, ааҕааччыларгыт, нэһилиэнньэ тылын-өһүн истэн, олох оргуйар үөһүгэр сылдьаргытыгар баҕарабын. Саха баарын тухары саха тыла баар буолуо, саха тыла баарын тухары сахалыы хаһыат баар буолуо диэн эрэх-турах этиниэххэ», -– диэн ыллыктаах тылын тириэртэ.
Бүгүн биһиги кэпсэтэ олорор дьиэбитигэр, Н.Рыкунов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ (быйыл 85 сылын бэлиэтиир) төһөлөөх элбэх ааҕааччы Саха сирин суруйааччыларын, бэйиэттэрин, айар дьоҕурдаахтарын кытары көрсүбүтэ, билиитигэр билии эбиммитэ, баҕар, эмиэ айар-тутар идэлээх киһи буолбута буолуой?
«… Дьиэбит-уоппут эмиэ биһигини сайыһар курдук ээ… Барарбытыттан хомойон, онтубут-мантыбыт алдьанан баарын биллэрэ сатыыр курдук..», -– диэн бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Майя Софронова сотору үлэҕэ киириэхтээх М.К.Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунас киинигэр көһүөхтээхтэрин туһунан үөрүүлээх сонунун үллэһиннэ.
Майя Романовна улуус иһинэн кинигэ таһаарыытыгар уонна архыып үлэлэригэр анал сүбэ үлэлиирин туһунан кэпсээтэ. Ол сүбэ үлэлээн, 2016 сылтан Нам улууһа кинигэ таһаарыытыгар күүскэ киирсибит. Ол да иһин, кыраайы үөрэтэргэ, устуоруйаны дириҥник билэргэ сэдэх, интэриэһинэй матырыйааллар, кинигэлэр бэчээттэнэллэр. Бу сүбэ көмөтүнэн Ульяна Сивцева Москваҕа архыыпка үлэлээн, онтон библиографтар библиографическай ыйынньык оҥороллоругар Москваҕа, Новосибирскайга, Иркутскайга, Омскайга эспэдииссийэҕэ сылдьан, этнография матырыйаалларын хомуйбуттара.
-Инникитин даҕаны «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибэ биһигини кытары ситимнээхтик үлэлэһиэ диэн эрэнэбит, Тоҕо диэтэххэ, матырыйаалбыт «Саха сирэ» хаһыакка бэчээттэннэ да, архыыпка киирэр уонна үйэтитиллэр. Эһиги хаһыаккыт оннук суолталаах, —– диэн туран, сүбэ нөҥүө тахсыбыт кинигэлэрин, ол иһигэр, архыып докумуоннарыгар олоҕуран суруллубут «История долины Эҥсиэли» баай ис хоһоонноох кинигэни бэлэх уунна.
Түмүккэ биһиги хаһыаппыт уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, успуорт тиэмэтигэр хатыламмат суруйуулардаах Анатолий Михайлович Софронов-Онтуон бииргэ үлэлээбит кэмнэрин истиҥник аҕынна, онтон оҕолорго аналлаах элбэх хоһоонноох Мария Николаевна Харитонова-Елисеева СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева тылларыгар, бэйэтин мелодиятыгар «Мин элбэх иэстээхпин бу орто дойдуга» диэн ырыаны бэлэх уунна.
Ити курдук, бииртэн биир сонун этиилэртэн, баҕа санаалартан сүргэбит көтөҕүллэн тарҕастыбыт.
Надежда ЕГОРОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: