Геннадий Гермогенов: «Владимир Путин быһаарыныыта сөптөөх»
Бу кэмнэргэ Саха сирин дьоно-сэргэтэ биир бигэ санаанан салайтарар: «Барыта этэҥҥэ эрэ буоллун! Уолаттарбыт кыайыыы көтөллөөх эргиллэн кэллиннэр!». Оттон ол туһугар ким тугу кыайарынан, сатыырынан өйөбүлүн, көмөтүн ыыта олороро санааны көтөҕөр.
СӨ Тутууга сыананы олохтооһуҥҥа эрэгийиэннээҕи киинин дириэктэрэ Геннадий Гермогенов бу туһунан тус санаатын кэпсиир:
— Украина тутулуга суох судаарыстыба буолуоҕуттан ыла арҕааҥҥы дойдулар ускайдааһыннарынан Арассыыйаны утары бэлиитикэни күүскэ ыытан барбыта. Украинаҕа 2014 сыллаахха майдааны тэрийэн, дьону ытыалыылларын кэрэйбэккэ, Арассыыйаны, нуучча омугу абааһы көрөр нацистар былааска кэлбиттэрэ. Украина курдук оҥороорулар арҕааҥҥы дойдулар итиниэхэ маарынныыр айдааны аны Белоруссияҕа, Казахстаҥҥа тардарга холоно сырыттылар. Күүстээх өйөбүллээҕэр тирэҕирэн, Украина күүс өттүнэн кимэн киириини бэлэмнээн эрэр. Онон дойдубут салайааччыта анал байыаннай эпэрээссийэни ыытарга быһаарыныыта улахан төрүөттээх дии саныыбын.
Тутуу министиэристибэтин кэлэктиибэ мобилизованнай дьоҥҥо наадалаах көмөнү хомуйан ыытан турар. Ону таһынан Донбасска Кировскай куораты чөлүгэр түһэриигэ Саха сирэ тус көмөлөһөр сыалы-соругу ылыммытын быһыытынан министиэристибэ ити үлэлэр сметаларын иҥин бэлэмнээһиҥҥэ үлэлии, көмөлөһө сылдьар. Биһиги барыта этэҥҥэ буоллун диибит…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: