Хаартыска: ВГТРК Саха
Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управлениетын (УГМС) саайта иһитиннэрэринэн, бүгүн, кулун тутар 4 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хоту, хотугулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан, Нерюнгри оройуонугар сорох сиринэн орто хойуутук хаар түһэрэ күүтүллэр.
Тыала орто күүстээх, Өймөкөөн оройуонугар силлиэ сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэҕэ тиийэ күүһүрэр, тибиилээх. Булуҥ уонна Дьааҥы оройуоннарыгар тыала сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ диэри күүһүрэр.
Салгын температурата түүн -37-42°, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин -42-47°, соҕуруу -27-32°, күнүс -22-27°, хоту, намтал сирдэргэ -30-35°, хотугу-илин -15-20° кыраадыс тымныы.
Дьокуускайга түүнүн -38-40°, күнүһүн -21-23° кыраадыс тымныы. Сүрүннээн сөҥүүтэ суох, түүн тыала мөлтөх, туман түһэр, күнүһүн хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 2-7 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
«Профессионалитет» федеральнай бырайыак «Ыччат уонна оҕолор» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Бу бырайыагынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун…
Бу күннэргэ ый кыччыыр кэмэ саҕаламмыта. Сахалыы «фэн-шуй» сүбэтинэн, бу кэмҥэ бөхтөн-сахтан босхолонуохтаах эбиппит. Уот…
Мэҥэ Хаҥалас оройуонун суута олохтоох дьахтар моральнай хоромньуну толуйтарар туһунан ирдэбилин сороҕун толордо диэн СӨ…
Понедельник, 2 ноября ПЕРВЫЙ (+6) 05.00 Доброе утро 09.00, 12.00, 15.00, 18.00, 03.00 Новости 09.10…
Бүгүн биһиги дьон-сэргэ ортотугар киэҥник тарҕаммыт, ол эрээри үгүс атыылаһааччылар соччо билбэт, сэрэйбэт кыһалҕаларын туһунан…
Саха сиригэр дьону уматыгынан хааччыйыы балаһыанньата билигин бигэ туруктаах. Уматыгы тиэрдии уонна тарҕатыы былаан быһыытынан…