Хаар, силлиэ, күнүс -35С кыраадыс тымныы
Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управлениетын (УГМС) саайта иһитиннэрэринэн, бүгүн, кулун тутар 4 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хоту, хотугулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан, Нерюнгри оройуонугар сорох сиринэн орто хойуутук хаар түһэрэ күүтүллэр.
Тыала орто күүстээх, Өймөкөөн оройуонугар силлиэ сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэҕэ тиийэ күүһүрэр, тибиилээх. Булуҥ уонна Дьааҥы оройуоннарыгар тыала сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ диэри күүһүрэр.
Салгын температурата түүн -37-42°, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин -42-47°, соҕуруу -27-32°, күнүс -22-27°, хоту, намтал сирдэргэ -30-35°, хотугу-илин -15-20° кыраадыс тымныы.
Дьокуускайга түүнүн -38-40°, күнүһүн -21-23° кыраадыс тымныы. Сүрүннээн сөҥүүтэ суох, түүн тыала мөлтөх, туман түһэр, күнүһүн хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 2-7 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: