“Хапсыһыы” араас санааны үөскэттэ
Саха сиригэр 2011 сылтан көҥүл тустуу туһунан икки киинэ уһулунна. Иккис киинэ, Эр Санаа Ох-Хотор режиссер туруорбут “Хапсыһыы” диэн ааттаах киинэтэ ааспыт нэдиэлэҕэ сүрэхтэннэ. “Сүрэхпэр доҕотторум бука бары” киинэ бэйэтин сүгүрүйээччилэрин булбута. Оттон “Хапсыһыы” тула бэрт тыҥааһыннаах мөккүөр таҕыста. Тоҕо? Быһаарсыаҕыҥ.
Туох сыаллааҕый?
Үгүс дьон Айыы Тыыннаах Эр Санаа Ох-Хотор диэн режиссер туһунан бастакытын истэрэ буолуо. Ол эрэн, бу уол оҥорбут киинэлэрин көрбүккүт чахчы. “Миигин кытта үҥкүүлээ” уонна “Оҕо саас” киинэлэри туруорбут Никандр Федоров ааспыт сайын пааспарыгар аатын Эр Санаа, араспаанньатын Айыы Тыыннаах Ох-Хотор диэн уларыппыт. Атын эрэгийиэннэргэ, тас дойдуларга Саха сирин билиһиннэрэр идэлээх киһиэхэ бэрт сөптөөх быһаарыныы буоллаҕа.
Оҕо саас уустуктарын туһунан икки бэрт сэргэх айымньылары туруорбут режиссер, үһүс үлэтигэр аатырбыт тустуук Вячеслав Карпов олоҕун уустук түгэннэрин туһунан кэпсииргэ санаммыт. Эр Санааны кытта эрдэ кэпсэтэн турардаахпын. Кини “бүдүрүйэн баран төттөрү көнөр суолга туруу” туһунан киинэ устар баҕалаах сылдьан, Вячеслав Карпов “Очурга оҕустарыы. Кыайыыга кынаттаныы” ахтыы кинигэтигэр алҕас кэриэтэ таба тайаммытын туһунан кэпсээбитэ. Онон, сүрүн сыалынан успуорт туһунан киинэ буолбакка, үрдүк чыпчаалтан түгэххэ түһүү, онтон төттөрү дабайыы туһунан сэһэн буолбута саарбаҕа суох.
Бу сыалын режиссер ситиспит дуо? Араастаан тойоннуохха сөп эрээри, сүрүннээн, санаабытын толорбут диэтэхпинэ, алҕаһаабатым буолуо. Ол эрэн, онуоха эбэн этии ирдэнэр. Олору туспа ырытыахпыт, ол иннинэ киинэ тула мөккүөр туһунан кэпсэтиэҕиҥ.
Саҥа сахалар
Ырытыыларбын билэр ааҕааччы, саҥа киинэттэн эрдэ Саха сиригэр уһуллубатах ньыма, туспа суол баарын, суоҕун ирдиирбин билэр. Эр Санаа саҥа айымньыта бу ирдэбили, туох да саарбаҕа суох, ааһар. Туох саҥа баарый? Бу туһунан режиссер бэйэтэ этэн турардаах: “Биһиги хорсун киинэни уһуллубут!” Кырдьык, бу киинэ саамай сүрүн уратытынан хорсун, сорохтор көрдөхтөрүнэ, олох даҕаны баламат туттунуу буолар. Эмиэ көлүөнэ уларыйыытын ахтарбар тиийэбин. Сэрэнии, сэппэнии, дьон саҥатыттан саллан бэйэни кыатаныы – саха киһитин майгытын биир сүрүн уратыта. Бу уратыбыт саҥа көлүөнэ режиссердарга суоҕун кэриэтэ.
Мин кэтээн көрүүм – саха киинэтин саҥа көлүөнэтэ оҥорбут айымньыларын туох да хааччаҕа суох арбыыр уратылаах. Өскөтүн урут ааптар айымньытын “сыана быһар кыаҕым суох, көрөөччү быһаардын” диэн, быһа этииттэн куотунар үгэстээх эбит буоллаҕына, билиҥҥи ыччат үксүн “санаабыппын ситистим, бэртээхэй киинэни уһуллум!” диир буолбут. Кэнники сылларга хас да киһиттэн ити курдук киһиргэс этиини иһиттим. “Уһулуччу киинэни оҥордубут!” диэн малтаччы этиини, бэйэм, урукку көлүөнэ киһитэ, сонньуйа, ардыгар сүөргүлүү истэр этим.
Ол эрэн… сэмэй майгы, килбигийии саҥаны айааччыга, худуоһунньукка сөптөөх хаачыстыба дуо? Көрсүө киһиттэн туох эрэ уһулуччуну күүтэбит дуо? Дьэ билбэтим. Бу – баламат оҕолор, баҕар, саха эрдэ ситиспэтэҕин ситиһээйэллэр?
Олох кырдьыга уонна уус-уран айымньы
Эр Санаа “Хапсыһыыны” уста сылдьар кэмигэр көрсөн кэпсэтэн турардаахпын. Онно: “Киинэни оҥоруом иннинэ Карпов аймахтарын кытта көрсөн кэпсэппитим, киинэ оҥорорбун өйөөбүттэрэ”, – диэн эппитэ. “Бэйэтэ суруйбут айымньыта, кистэлэҥ оҥостубат этэ” диэн эппиттэриттэн санаата көтөҕүллүбүтүн туһунан кэпсээбитэ.
Ол эрэн, “Хапсыһыы” элбэх санааны үөскэттэ, мөккүөрү таһаарда. Роман Дмитриев кэргэнэ: “Кинилэр араас көлүөнэ бөҕөстөрө, араас ыйааһыҥҥа тустубуттара. Тоҕо кинилэри киинэҕэ утары туруоран көрдөрдүлэр? Дьиҥэр, кинилэр икки ардыларыгар бэрт былдьаһыы туһунан санаа да суоҕа. “Уус-уран киинэ!” диэн сабыналлар. Онон? Кырдьыгы ханарытымаҥ”, – диэн киинэ ис хоһоонун сөбүлэээбэтэҕин туһунан кытаанахтык саҥарбыта. Вячеслав Карпов огдообото эмиэ киинэ сорох түгэннэрин кытта сөбүлэспэтин туһунан эппитэ. Успуорт туһунан суруйар суруналыыс Владислав Коротов: “Славаны билэр этим. Олус холку, мындыр, дьиҥнээх интэлигиэн киһи этэ. Саамай хараҥа да кэмнэригэр киинэҕэ хоһуллубут курдук быһыыланыа суоҕа этэ”, – диэн эппитэ. “Киһини хоруотуур киинэни бобуохха!” диэн тыйыс ирдэбил кытта этиллибитэ.
Тус бэйэм, бобор туһунан этиини кытта адьас сөбүлэспэппин. Эппитим курдук, бу киинэни режиссер, бастатан туран, киһи ис айылҕатын чинчийии, бүдүрүйбүт көнөр суолга туруутун ырытыы быһыытынан устубут. Бу сыалын ситиһэр туһугар кинигэҕэ суруллубуттан сорох түгэннэргэ туораабытын кистээбэккэ этэр. Ол эрэн, дьиҥнээх олоҕу олорбут киһи туһунан бу курдук киинэ устар сөптөөх дьыала дуо?
Эмиэ биир сөптөөх хоруйу сатаан биэрбэт ыйытыгым. Олох кырдьыга уонна уус-уран айымньы утары харсыһыыта устуоруйаҕа аҕыйаҕа суох. Биир оннук холобурунан Александр Фадеев “Эдэр гвардията” буолар. Таҥнарыахсыт уобараһын арыйаары, кэпсээбит дьоруойа дьиҥнээх киһи аатын кытта дьүөрэлэһэриттэн улахан айдааннаах ырытыы үөскээбитин сэбиэскэй кэм дьоно өйдүүр буолуохтаахтар.
“Хапсыһыыга” Карпов уонна Дмитриев икки ардыгар этиллибэтэх күөн көрсүһүү баарын курдук оҥорон көрүү киллэриллибитэ сүрүн мөккүөр төрүөтэ буолла. Жанр ирдэбилинэн сэһэни сытыырхата сатааһын буолара өйдөнөр. Ол эрэн, ама атын ньыма көстүбэтэҕэ эбитэ буолуо дуо?
Сатаммыт уонна саарбах өрүттэрэ
Эр Санаа – сэбиэскэй кэм сибикилэрэ олоччу суох буолбутун кэнниттэн төрөөбүт көлүөнэ оҕото. Онон ол кэмҥэ төрөөбүт, олоҕу олорбут дьон урукку кэми тутан көрүүгэ элбэх сыыһаны булаллара чахчы. Дьоруойбут аҥаардас 1965 сыллаахха Москваттан “Полярные авиалинии” хампаанньа сөмөлүөтүнэн көтөн кэлбитэ сонньутар. Аны ССРС кэмигэр күрэхтэһиини сырдатар диктордар билиҥҥи кэм комментатордарын курдук үөгүлээбэттэрэ чахчы. Чэ, урукку кэмҥэ төгүрүк мааттар суохтарын ыйыы бириинчиктэһии курдук буолуо. Ол эрэн, сүрүн дьоруой окумалыгар ойуу түһэриилээҕин гириим көмөтүнэн сотор хайаан да наада этэ. Ол кэмҥэ, билигин даҕаны саастаах дьоҥҥо “татуировканы хаайыылаахтар эрэ түһэринэллэр” диэн өйдөбүл баар. Уопсайынан, устуоруйа өттүттэн үлэ астыннарбата. Өскөтүн режиссер эрдэтээҥҥи үлэлэригэр билэр матырыйаалыгар олоҕурбут буолан, бэрт кыраҕы кэтээн көрүүлэри хартыынатыгар киллэрбит эбит буоллаҕына, бу истэн эрэ билэр үйэтин туһунан оҥоһугар күүскэ “доҕолоҥнуур”.
Ол оннугар, “Хапсыһыы” ис хоһоонугар киһи ис дууһатын чинчийии, дьон сыһыанын ырытыы өттүгэр бэрт күүстээх өрүттэрдээх. Ордук астыммыт түгэним – үлэҕэ кэпсэтэ кэлбитигэр, кэбиниэт хаһаайына ньүдьү-балайдык кэпсэтэн көрсүүтэ буолар. Өй, сиэр тиийбэт киһитэ атаҕастыыр санаата суох, киһини тылынан ыарыылаахтык бааһырдыан сөбүн олус кыраҕытык көрдөрбүт.
Киинэ туруорааччы оператора Андрей Егоров бэрт күүстээх үлэни оҥорбут. Лирика, курус санаа, саппаҕырыы түгэннэрин камеранан устуута итэҕэтиилээхтик тиэрдиллэр.
Кэрэчээнэ Туприна киинэҕэ дебюттуур оруола табыллыбыт. Саха нарын, холку дьахтарын уобараһын киһи астына, таптыы көрөр. Арыгы содула ынырыгын, киһини олоҕун алдьатарын туһунан санаа күүстээхтик тиэрдиллибит.
Түмүккэ
Киинэ мөккүөрдээх буолла. Чугас кэми хоһуйар, олорон ааспыт киһи туһунан киинэ оннук буолара күүтүллэр. Оннооҕор, бэрт сымнаҕастык “сэбиэскэйдии” туруоруллубут Сергей Потапов “Коркин. Андаҕар” испэктээгин бэрт ыарыылаахтык ылыммыт дьон баара. Оттон Эр Санаа “хорсун” киинэтэ, биллэн турар, атааннаһыылаах ырытыыны көбүппүтэ кими даҕаны соһуппат. Ол эрэн, биири өйдүөҕүҥ – уус-уран айымньынан устуоруйаны үөрэппэттэр. Бу научнай үлэ буолбатах, бэл документальнай да киинэ буолбатах. Бу кинигэҕэ хоһуллубут сэһэни туһанан режиссер бэйэтин өйдөбүллэрин оҥорон көрүүтэ. Онон, өйдүү сатыаҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: