Хоһуун уола  Ил Дархан: «Украинаҕа бэйэм баҕа өттүбүнэн барарга быһаарыммытым»

Хоһуун уола  Ил Дархан: «Украинаҕа бэйэм баҕа өттүбүнэн барарга быһаарыммытым»

27.10.2022, 17:00
Бөлөххө киир:

Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан Саха сириттэн баҕа да өттүнэн, быстах байыаннай хомуурга да хапсан дойдуларын көмүскүү барбыттара. Украинаҕа уоттаах киирсиигэ сылдьан кэлбит Хоһуун уола  Ил Дархан диэн сахалыы ааттаах киһини көрсөн кэпсэттим.

Ааппар түүлүм сирдээбитэ…

– Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр 1970 сыллаахха Михаил Михайлович Саввин диэн аҕам аатын сүгэн күн сирин көрбүтүм. Тохсус кы­­лаас кэннэ 1986 сыллаахха дьоммун кытта Хатаска көһөн кэлбиппит. Ол сыл күһүн 14-с нүөмэр­дээх ГПТУ-га мас ууһун (столяр-паркетчик, краснодеревщик) идэтигэр үөрэнэ киирбитим. 1988 сыллаахха бүтэрэн баран “Хатас” сопхуоска үлэҕэ киирбитим. Ол сылдьан суоппар идэтигэр үөрэммитим уонна 1989-1991 сылларга аармыйаҕа суоппар идэбинэн сулууспалаабытым. 90-c сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр бэ­­йэбин көҥүл дьаһанан, араас үлэлэргэ сылдьыбытым.

Бу ылыммыт сахалыы ааппын эдэр эрдэхпиттэн, аармыйа саҕаттан куруук саныырым. Ол курдук түүлбэр кытта көрөрүм, куруук тугу эрэ көрдөөн, мунар-тэнэр курдугум. Онтукпун олох хойукка диэри өйдөөбөккө сылдьыбыппын. Кэлин арай түүлбэр хотой кыыл кэлэн тугу эрэ ыйар, туохха эрэ сирдиир курдуга. Онно эмиэ ханна эрэ киирэн хаайтаран мучумааннанарым, ардыгар баттатан уһуктарым. Дьэ, онтон сахалыы, төрөөбүт тылбынан ааты арай сүктэхпинэ диэн санаалар кииритэлиир буолбуттара. Ол кэннэ түүлүм сырдаан, баттатарым аччаан хаалбыта.  Ол курдук, айбыт Айыыларым көмөлөрүнэн бу ааппын ылыммытым. “Сахалыы ааттар” кинигэҕэ сурулларынан, аҕам төрөөбүт күнүгэр түбэһэринэн, Хоһуун диэн ааттанар эбит. Оттон ол кинигэҕэ суруллубут бэйэм төрөөбүт күммэр түбэһэр ааты хайдах эрэ ылымматаҕым. Онон Ил Дархан Хоһуун уола буоларга арчыһыкка арчыланан, били мунарым-тэнэрим симэлийэн хаалбыта. Бу аат миэхэ эмиэ түүл нөҥүө, хайдах эрэ этитии курдук киирбитэ. Дьон ардыгар мунаахсыйан ыйытар. Онуоха эппиэтим маннык, Ил Дархан диэн дуоһунас буоллаҕа, оттон миэхэ аатым буолар. Мин бэл­иитикэ эйгэтигэр туох да сыһыана суох киһибин. Ил өйдөбүлэ – эйэни түстүүр диэн.

Уон тыһыынча солкуобайдаах айаннаабытым

– Украина туһунан кэп­сээтэххэ, бэйэм баҕа өттүбүнэн билэр уолаттарбын кытта барарга быһаарыммыппыт. Быстах аһыыр­бар, туттарга диэн сиэппэр уон тыһыынча солкуобайдаах этим. Ол курдук, кулун тутар 28 күнүгэр байыаннай сөмөлүөтүнэн Хабаровскайга 12 байыас буолан көппүппүт. Ис таҥаспытын, саппыкыбытын илдьэ барбыппыт. Хабаровскайга 14-с биригээдэ  хомуур пуунугар тиийэн нэдиэлэ курдук буолбуппут. Онтон салгыы Москва нөҥүө Ростов куоракка тиийбиппит.  Үс күн устата бо­­йобуой дьайыыларга бэлэмнэнэн күнүскү, түүҥҥү ытыалаһыыга дьарыктанан, сэп-сэбир­гэл тэринэн, ох курдук оҥостон төрдүс күммүтүгэр Украина диэки 33 «Урал» массыынаҕа толору тиэллэн, колоннанан айаҥҥа туруммуппут.

Дьулаан хартыынаны илэ харахпытынан көрбүппүт…

– Армянскай диэн куоратынан Украина кыраныыссатын туораан киирбиппит. Түүннэри айаннаан Херсон куоракка кэлбиппит. Дьэ, онно тиийэн илэ харахпытынан уот сэрии дьулаан хартыынатын көрбүппүт. Киинэҕэ көстөрүн курдук, тулабыт барыта урусхалланан турара. Умайбыт дьиэлэр, тиэхиньикэлэр, алдьаммыт суол-иис – киһи уйулҕата хамсыыр ынырык көстүүтэ этэ. Херсоҥҥа биһигини сэттис десантно-штурмовой биригээдэҕэ сыһыарбыттара. Онно сааһылаан баран, биһигини Вавилово диэн бөһүөлэккэ, Николаевскай хайысхатынан ыыппыттара. Айаннаан иһэн биир базаҕа хонон ааспыппыт. База буолуо дуо, быраҕыллыбыт пиэрмэ сиригэр-уотугар этэ. Ол хоно сытан бастакы ытыалаһыыга тү­­бэспиппит. Хата, барыта этэҥҥэ, эчэйиитэ суох ааспыта.

Дойдулаах киһи эрэллээх буолар

– Сарсыныгар Ва­ви­лово дэ­­риэбинэҕэ тиийбиппит. Биһиги дьолбутугар, арыый чуумпуруу буолбута. Инньэ гынан, позициябытын оҥосто охсон, хата, оннубутун булбуппут. Үһүс күммүтүгэр  дьэ, тохтоло суох минометунан ытыалаһыы саҕаламмыта. Аан бастаан онно көрбүппүт, квадрокоптер, беспилотник диэн тэриллэри. Түүннэри-күнүстэри биһигини кэтии сылдьалларын өйдөөбүппүт. Биһиги бу бойобуой дьайыыга сырыттахпытына, дойдубутуттан көмө оҥорор ыстааптан рация, тепловизор диэн тэриллэри тиэрдибиттэрэ. Дойдулаах киһи эрэллээх уонна көмүскэллээх курдук сананар эбит. Атын омук уолаттарын кытта убай, быраат курдук биир дьиэ кэргэн буолан сылдьыбыппыт. Биллэн турар, уустуктар бааллара. Халлаан тымныы этэ. Инньэ гынан, үгүспүт ыалдьан сөтөл бөҕө буолбуппут. Халлаан сылыйбытын да кэннэ, сөтөлбүт ааспакка эрэйдээбитэ. Ити сылдьан муус устар 29 күнүгэр атахпар уонна көхсүбэр бааһыраммын, Херсоҥҥа госпитальга таһаарбыттара. Ити кэннэ түүннэри айаннаан Севастополь госпиталыгар тиийбитим. Онно нэдиэлэ курдук сытан баран, аны Краснодарга илдьибиттэрэ. Онно ыйтан ордук эмтэнэн баран дойдубар төннөн кэлбитим.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: