Салгыы
Хотугу пуорум энэргиэтикэ сайдыытыгар саҥа сүүрээни саҕыа

Хотугу пуорум энэргиэтикэ сайдыытыгар саҥа сүүрээни саҕыа

14.11.2022, 19:16
Бөлөххө киир:

Бигэ тирэхтээх сайдыыга  Хотугу пуорум сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри ыытыллара былааннанар.

Бу сырыыга пуорум «Арктика энергията: саҥа ыҥырыылар – саҥа быһаарыныылар уонна технологиялар» диэн сүрүн девиһинэн салайтарыа диэн тэрийээччилэр этэллэр. Пуорумҥа биэс теманан блок үлэлиэ, онно 40 тэрээһин форсайт-сессия форматынан ыытыллыа.

Бу ыытыллар Хотугу пуорумҥа ылыныллыбыт быһаарыныылар   эрэгийиэн салгыы сайдарыгар кыаҕы биэриэхтэрэ диэн Судаарыстыбаннай Дуума Энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Валерий Селезнев эттэ. Кини Арктикаҕа энергияны сөргүтэр источниктары (ЭСИ) сайыннарар улахан кыах баарын бэлиэтээтэ.

Санатан этэр буоллахха, бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев: «2021 с. Саха сиригэр ЭСИ эбийиэктэригэр  электроэнергияны оҥорон таһаарыы 2,5 мөл. кВтч тэҥнэһэр – ол аата Саха сирин локальнай энэргиэтикэтин зонатыгар электроэнергияны оҥорон таһаарыы уопсай кээмэйиттэн 0,9 % тэҥнэһэр. Өрөспүүбүлүкэ «РусГидро» тэрилтэни кытары электроэнергияны оҥорон таһаарыытын өлүүтүн 11 төгүлтэн ордук улаатыннаран, 10 % тириэрдэр былааннаахпыт», – диэн этэн турар.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕын толоруу чэрчитинэн, «2024 сылга диэри Арассыыйа сайдыытыгар национальнай сыаллар уонна инники соруктарын тустарынан» Уһук Илин локальнай энергетиканы сайыннарыы бырайыактара былааннаахтык олоххо киирэллэр.

Ол курдук, Саха сиригэр бүгүҥҥү туругунан күн уотунан үлэлиир 27 ыстаансыйа баар, ону таһынан Тиксии бөһүөлэгэр Арассыыйаҕа ханна да суох  ангылыы оҥоһуулаах тыал күүһүнэн үлэлиир дизельнэй комплекс баар. Дьэ, онон Саха сиригэр уһук хоту энэргиэтикэ сайдар саҕахтара арыллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: